Уһуйааннар үлэһиттэрэ күрэстэстилэр

«Чебурашка» оҕо сайдар киинигэр өйү сайыннарар остуол оонньууларыгар – «Сонорго», дуобакка уонна саахымакка биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин куустатааҕы күрэстэһии ыытылынна. Бу тэрээһин Арассыыйаҕа Педагог уонна Аҕа сүбэһит сылын чэрчитинэн барда. Турнирга «Кыталык», «Ньургуһун», «Солнышко», «Березка», «Туллукчаан» уонна «Чебурашка» оҕо саадтарыттан педагогтар уонна бэтэрээн үлэһиттэр, уопсайа 28 киһи кытынна.

«Сонор» оонньууга бастакы миэстэни «Солнышко» оҕо саадын хамаандата ылла. Манна Роман Кычкин уонна бэтэрээн үлэһит Изабелла Степанова оонньоотулар. Оттон  Фатима Генерова, Светлана Яковлева «Туллукчаан» оҕо саадын хамаандатын чиэһин көмүскээтилэр. Кинилэр иккис миэстэни ыллылар. Үһүс миэстэҕэ Саргылана Семенова, Александр Неустроев оонньоочулаах «Чебурашка» оҕо сайдар киинэ таҕыста.

Биирдиилээн бастыыр иһин күрэскэ педагогтарга Роман Кычкин бастаата. Иккис Фатима Генерова буолла. Оттон Саргылана Семенова («Чебурашка») үһүс бочуоттаах миэстэни ылары ситистэ. Бэтэрээннэргэ «Солнышко» оҕо саадын бэрэстэбиитэлэ Изабелла Степанова бастаата. Светлана Яковлева иккис, «Кыталык» оҕо саадын аатыттан оонньообут Валентина Петрова үһүс буолла.

Дуобакка «Солнышко» уһуйаан (оонньооччулар – Марина Петрова, Марианна Пустолякова) бастаата. «Кыталык» оҕо саада (Айталина Иванова, Любовь Прокопьева) иккис, «Чебурашка» уһуйаан (Лилия Калачикова, Августина Егорова) үһүс миэстэлэри ыллылар.

Оттон биирдиилээн бастыыр иһин турнирга Айталина Иванова кыайыылаах буолла. Лилия Калачикова иккис, Марина Петрова үһүс буоллулар. Бэтэрээннэр икки ардыларыгар бу көрүҥҥэ Марианна Пустолякова чөмпүйүөннээтэ, «Ньургуһун» оҕо саадын бэрэстэбиитэлэ Надежда Трофимова иккис миэстэни ылла. Үһүс миэстэҕэ Любовь Прокопьева таҕыста.

Дуобатчыттар турнирдарын Оҕо сайдар кииниттэн Марианна Григорьева уонна «Чебурашка» логопед учуутала Сахаайа Архипова судьуйалаатылар.

Саахымакка Василина Семенова уонна Валерий Михайлов оонньоооччулардаах «Ньургуһун» оҕо саадын хамаандата бастакы, Алена Ксенофонтова, Александра Михайлова  оонньооччулардаах «Чебурашка» уһуйаан иккис, Вера Егорова, Степан Егоров оонньооччулардаах «Солнышко» оҕо саада үһүс миэстэлэри ыллылар. Оттон «Ньургуһун» уһуйаантан Василина Семенова бастакы миэстэлээх. Иккис – Алена Ксенофонтова, үһүс – Павел Павлов («Кыталык»).

Бэтэрээннэр ортолоругар Валерий Михайлов бастакы, Александра Николаева («Чебурашка») иккис, Степан Егоров үһүс миэстэлэри ыллылар.

Судьуйаларынан Оҕо сайдар киинин педагога Георгий Николаев, «Чебурашка» уһуйаан  психолога Татьяна Прокопьева туох да мөккүөрү таһаарбакка үлэлээтилэр.

Дьэ, бу курдук, оҕо иитиитигэр билиилэрин-көрүүлэрин аныы сылдьар үлэһит дьоммут биир үтүө күн мустан өйү сайыннарар, элбэхтик толкуйдатар остуол оонньууларыгар турнир ыытан, эмиэ биир сэргэх тэрээһини сүрдээх үчүгэйдик атаардылар. Оонньооччулар да, тэрийээччилэр да остуол оонньууларын сайыннарыы, тарҕатыы сыаллаах-соруктаах  турнир өссө да үгүс киһини, тэрилтэни хабан ыытылларыгар баҕа санааларын үллэһиннилэр.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат

Читайте дальше