Уһуйаан үлэһиттэригэр сэминээр

Быйыл балаҕан ыйыттан оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр саҥа ирдэбиллэр киирбиттэринэн «Внедрение и реализация ФОП ДО в образовательную практику ДОО» көмө сэминээрдэр ыытыллан саҕалммыттара, ааспыт ыйга Аллыҥа уһуйааныгар ыытыллыбыта, бүгүн ахсынньы 20 күнүгэр Күндэйэ нэһилиэгин «Күнчээн» уһуйааныгар Элгээйи, Кутана куусталарын холбоһуктаах сэминээр ыытылынна. Сэминээргэ улуус үөрэҕириитин оскуола иннинээҕи үөрэхтээһини сүрүннүүр отделын салайааччыта Нина Павлова, уһуйаан сэбиэдиссэйдэрэ, иитээччилэр уонна физкультура инструктордара барыта 30 киһи кытыннылар. Иитээччилэр «Оҕону сиэрдээх, чэбдик, дойдуга бэриниилээх буоларга иитии» хайысхатынан  үлэлэрин кэпсээн опыт атастастылар, санааларын үллэһиннилэр, мунаахсыйар боппуруостарыгар сөптөөх хоруй, сүбэ ылан үлэлэригэр күүс-көмө буоларыгар бигэ эрэллээх тарҕастылар. Сэминээр олус сэргэхтик уонна интэриэһинэйдик ааста. Бу маннык көмө сэминээри ыыппыт улуус үөрэҕириитин оскуола иннинээҕи үөрэхтээһини сүрүннүүр отделын салайааччытыгар Нина Станиславовнаҕа тэрээһин кыттыылаахтара улахан махталларын эттилэр. Иннинкитин да туһалаах сэминээрдэр буола туралларыгар баҕа санааларын биллэрдилэр.

Айталина КОНТОГОРОВА

«Күнчээн» уһуйаан сэбиэдиссэйэ

Читайте дальше