Уһуйаан үлэһиттэрэ күрэхтэстилэр

Тохсунньу 23 күнүгэр Сунтаар 7 №-дээх «Солнышко» оҕо уһуйааныгар оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин тэрилтэлэрин салайааччыларыгар уонна үлэһиттэригэр улуустааҕы методическай турнир буолан ааста. Бу турнирга Сунтаар улууһун араас нэһилиэгиттэн бастыыр иһин күрэхтэстилэр. Барыта 4 хамаанда (11-с нүөмэрдээх «Кыталык» уһуйаан хамаандата, Тойбохой, Кириэстээх, Кутана нэһилиэктэриттэн) кыттыыны ылла.

Турнир биэс тургутууттан турда: «Наша педагогическая команда», «Форсайт — сессия», «Методическай кейс», «Х-фактор» уонна «Аһаҕас микрофон». Бастакы түһүмэххэ хас биирдии хамаанда бэйэтин биир сомоҕо буоларын көрдөрдө. Иккис тургутууга улууска оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин сайдыытын былаанныыр сорук туруоруллубута. Кыттааччылар бэйэлэрин идиэйэлэрин уонна бырайыактарын педагогика эйгэтин инники кэскилигэр тирэҕирэн, уопуттарын уонна билиилэрин-көрүүлэрин атастастылар. Үһүс тургутукка кыттааччылар идэтийиилэрин таһымын көрдүлэр. Түмүк тургутуу — «Аһаҕас микрофон» — мустубут дьону түмтэ. Манна хас биирдии хамаанда бэйэтин идиэйэтин итэҕэтиилээхтик сайыннарар уонна уопуттарын үллэстэр кыахтаннылар.

Куоҥкурус түмүгүнэн кыайыылааҕынан Сунтаар 11 №-дээх «Кыталык» уһуйаанын хамаандата буолла. Бу тэрээһиҥҥэ оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин тэрилтэлэрин  педагог үлэһиттэрэ үлэҕэ уопуттарын атастастылар, үөрүйэхтэрин үллэһиннилэр.

Сунтаардааҕы үөрэҕирии управлениетын пресс-сулууспата.

Читайте дальше