Уһуйаан педагогтара уопут атастастылар

Тохсунньу 24 күнүгэр Сунтаар 5-с нүөмэрдээх «Ньургуһун» оҕо сайдар киинигэр эдэр педагог Надежда Алексеева уонна педагог-наставник Алена  Николаева «Наставничество — путь к успеху» диэн авторскай сэминээрдэрэ буолла. Манна Сунтаар улууһун араас нэһилиэгин оҕо уһуйааннарыттан уопсайа 29 педагог кыттыыны ылла.
Сэминээри ыстаарсай бөлөх иитиллээччилэрэ кытай норуотун остуоруйатыттан инсценировка толорон саҕалаатылар. Салгыы «В музее» диэн педагогическай көрдөрүү буолла. Ону сэргэ сэминээр чэрчитинэн педагогтар «Learning Apps» — конструкторы туһаныыга, робототехникаҕа маастар-кылаастары ыыттылар.
Надежда Алексеевна уонна Алена Гаврильевна «Ньу-туус» профилактическай бырагырааманы олоххо киллэрии туһунан сырдаттылар. Бу бырагыраама оскуола иннинээҕи саастаах уонна улахан дьон доруобуйаларын тупсарыыга, кэтээн көрөр методиканы, айар уонна эксперименниир-чинчийэр үлэҕэ туһаныыга туһуламмыт.
Сэминээр түмүгэр «Наставничество — путь к успеху» диэн төгүрүк остуол буолла. Манна сэминээр кыттыылаахтара уопут атастастылар, санааларын үллэһиннилэр. Сэминээр бары тэрээһиннэрэ педагогическай үлэ хаачыстыбатын тупсарыыга уонна иитээччилэр идэтийиилэрин таһымын үрдэтиигэ туһуланан бэрт сэргэхтик ааста.

Сунтаардааҕы үөрэҕирии управлениетын пресс-сулууспата.

Читайте дальше