Уһуйаан оҕолоро Дьоруой буолан күрэхтэстилэр

Бүгүн Аллыҥатааҕы «Үрүйэчээн» оҕо уһуйааныгар Арассыыйа уонна ДНР Дьоруойа Дмитрий Егоров төрөөбүтэ 50 сылын туолар бэлиэ күнүгэр «Мин Геройбун» орто уонна улахан бөлөх оҕолоругар спортивнай күрэхтэһии ыытылынна. Оҕолор күрэхтэһии түһүмэхтэринэн сымса, түргэн, сылбырҕа буолалларын көрдөрдүлэр. Түмүккэ кыайыылаахтар грамотанан уонна минньигэс бирииһинэн наҕараадаланнылар.

Маны тэҥэ уһуйааҥҥа Дьоруой Дмитрий Егоровка стендэ бэлэмнэнэн туруорулунна.

 

Лилия СЕРГЕЕВА

Читайте дальше