Учууталларбыт уруоктара – бастыҥ үлэлэр хомуурунньуктарыгар

Былырыын 2022 с. “Лучший дистанционный урок-2022” диэн үөрэтэр-иитэр үлэлэригэр информационнай технологияны туһанар педагогтарга аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи куоҥкурус ыытыллыбыта.  Бу куоҥкуруска Сунтаардааҕы В.Г. Павлов аатын сүгэр алын сүһүөх оскуола учууталларын айар бөлөӄө кыттыбыта. Кинилэр үлэлэрэ, уопсайа 100-чэ үлэ киирбититтэн, «Лучший электронный демонстрационный материал» диэн номинацияҕа кыайыылаах үрдүк аатын ылбыта. Куоҥкурус түмүгүнэн быйыл М.К. Аммосов аатынан ХИФУ иhинэн тэриллибит саҥа технологиялар институттара бастыӊ тэйиччиттэн ыытыллар (дистанционнай) уруоктар хомуурунньуктарын таhаарда. Бу хомуурунньукка Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуола учууталлара Наталия Васильева «Туос, мас оҥоhуктар», Сардаана Кондратьева «Өбүгэм дьиэтэ-уота», Лилия Андреева «Саха таҥаhа-саба», Тамара Семенова «Саха төрүт дьарыга – бултааhын» диэн тиэмэлэрдээх саха төрүт култууратын дистанционнай уруоктара киирбиттэр. Педагогтарбытыгар эҕэрдэ буоллун.

“Сунтаар сонуннара” хаһыат.

Читайте дальше