Учуутал удьуордарын утумнаан

Зедгенидзевтэр учуутал династиялара

Идэ, талаан биир үксүн утумнаан бэриллэр. Ол курдук Сунтаар улууһугар үлэ династиялара үгүстэр. Бүгүн биһиги улууска биир биллэр удьуоруттан утумнаах учууталлар – Зедгенидзевтэр династияларын – сырдатабыт. Зедгенидзевтэр династияларыгар 11 учуутал идэлээх баар. Династия учууталларын уопсай ыстааһа – 260 сыл.

Династияны төрүттээбит киһинэн Иван Иванович Зедгенидзев буолар. Кини 1853 с. Алдаҥҥа төрөөбүт. Дьокуускайдааҕы духуобунай училище кэннэ Сунтаардааҕы таҥара дьиэтигэр псаломщигынан анаммыт. 1896-98 сс. –Сунтаар оскуолатын бастакы дириэктэрдэриттэн биирдэстэрэ. Ол кэннэ Сунтаар, Бүлүүчээн таҥараларын дьиэлэригэр үлэлээбитэ. 1919 с. Бүлүүчээҥҥэ народнай училище аһыллыбыта. Иван Ивановиһы бу училищеҕа учууталынан анаабыттара.
Иван Зедгенидзев уола Иннокентий Иванович аҕатын туйаҕын хатаран, учуутал идэтин ылбыта уонна Бүлүүчээн оскуолатыгар уһун кэмҥэ учууталлаабыта. Иннокентий Зедгенидзев кыыһа Зоя Зедгенидзева удьуор утумун салҕаан, олоҕун оҕону иитэр-үөрэтэр үлэҕэ анаабыта. Ол курдук, Зоя Иннокентьевна, тыыл үлэ бэтэрээнэ, “Норуот үөрэҕириитин туйгуна” бэлиэни, ЯАССР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо ааттары, о.д.а. таһаарыылаах, кыһамньылаах үлэни бэлиэтиир үрдүк наҕараадалары ылары ситиспитэ. Үйэлээх сааһыгар Сунтаардааҕы 1 №-дээх оскуолаҕа кэнчээри ыччаты үөрэтэн, оҕолорго билиини иҥэрэн учууталынан үлэлээбитэ. Оттон кини төрөппүт кыыһа Анфиса Алексеевна – “СӨ үөрэҕириитин туйгуна” бэлиэ хаһаайката, үлэ бэтэрээнэ. Дьокуускайдааҕы 1-кы №-дээх училище музыкаҕа отделениетыгар, онтон кэлин Хабаровскайдааҕы култуура институтугар үөрэммитэ. Сунтаардааҕы 1-кы №-дээх оскуолаҕа пионер баһаатайынан педагогическай үлэтин саҕалаабыта. Кэлин алын кылаас учууталын идэтин баһылаан, өр сылларга алын кылаас учууталынан үлэлээбитэ.
Бу олохторун үөрэҕирии эйгэтигэр, оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыт учууталлар үтүө үлэлэрин билигин кинилэр ыччаттара салгыыллар. Ол курдук Зедгенидзевтэртэн хас даҕаны көлүөнэ аймах дьон учуутал идэтин баһылаан, бу эйгэҕэ үлэлээбиттэр да, үлэлии сылдьааччылар да бааллар: Семенова Е.Е., Николаева З.В., Николаев Д.В., Алексеева Т.А., Петухова А.С., Дмитриева Е.В., Исаева З.В.,о.д.а.
Биһиги бүгүҥҥү күҥҥэ Сунтаар нэһилиэгэр учуутал судургута суох идэтин баһылаан, бэриниилээхтик, айа-тута учууталлыы сылдьар удьуор учуутал Зедгенидзевтэр сыдьааннарын, династия бэрэстэбиитэллэрин көрсөн кэпсэттибит. Кэнчээри ыччаты үөрэтэр-иитэр үлэлэрин туһунан ыйыталастыбыт.

Николаева Зоя Валерьевна, Сунтаардааҕы политехническай лицей уруһуй уонна черчение учуутала:
– Тоҕо учуутал идэтин талбыппыный… Дьылҕа хаан, ыйаах эбитэ дуу.. Кыра эрдэхпинэ учуутал буола оонньуур этим. Быраатым, оонньуурдарым үөрэнээччилэрим буолаллара. Хара чымадааны суруйар дуоска оҥосторум. Онно мелинэн суруйар этим.
Учуутал буолуу, мин санаабар, үөрэнээччи туох эмэ саҥа үөрүйэҥи ылынарыгар көмөлөһүү, дьоһун билиини иҥэрии, оҕо сайдыыга тардыһарыгар тус баҕатын үөскэтии буолар.
Оҕолор өрүү сып-сырдык, ыраас энергетикалаах буолаллар. Үөрэнээччилэрбититтэн биһиги эмиэ элбэххэ үөрэнэбит. Кинилэр биһиги үлэбитигэр инники хардыылары оҥорорбутугар кынаттыыллар.

Николаев Дмитрий Валерьевич, Сунтаардааҕы 1№-дээх оскуола технологияҕа учуутала:
– Мин идэбин таларбар эбэм Зоя Иннокентьевна Зедгенидзева тутаах оруолу оонньообута. Ол курдук, оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар мин эбэм биллэр учуутал буоларын билбитим. Оскуола кэнниттэн Намнааҕы педагогическай училеще “Изобразительнай искусство, черчение уонна технология учуутала” салаатыгар үөрэммитим. 2002 сыллаахха СПТЛ-и үлэбин саҕалаабытым. Билигин Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар технология учууталынан үлэлии сылдьабын. Учууталлаабытым номнуо 21 сыл буолбут эбит.

 

Дмитриева Елена Вениаминовна, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй үөрэтэр-иитэр үлэҕэ методиһа.
– Учуутал буолар идэбин, бу санаатахха, оҕо сылдьан быһаарыммыт эбиппин. Мин оҕо эрдэхпиттэн ийэм курдук буолар баҕа санаалааҕым. Мин ийэм учуутал этэ эбээт. Ийэм кыһыл уруучуканан тэтэрээттэри бэрэбиэркэлиирин, кырасыабай буочарынан “Молодец!” суруйарын сөбүлээн да көрөрүм. Кини наар тугу эрэ суруйан тахсара, ааҕара уонна массыыҥкаҕа бэчээттиирэ. Бөрүөнэн эриэккэс кэрэтик суруйара. Ийэм кылаас салайааччыта этэ,кылаас мусуойдарга экскурсиялыырыгар, походка, лааҕырга миигин өрүү илдьэ сылдьара. Кин үлэтигэр уопута, бараммат күүһэ-уоҕа, оҕолорго таптала уонна учуутал идэтигэр бэриниитэ миэхэ өрүү холобур буолаллар.

 

Сунтаар нэһилиэгэр үлэлии сылдьааччы династия биир бэрэстэбиитэлэ Алексеева Туяра Александровна, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй нуучча тылын уонна литературатын учуутала, буолар. Билиҥҥи кэм ситиһиилээх учууталларыттан биирдэстэрэ, үөрэнээччилэрэ кини үөрэтэр биридимиэтигэр өрүү үрдүк көрдөрүүлээхтэр.
Маны таһынан Иван Зедгенидзев учуутал туйаҕын хатарбыт сыдьааннара Бүлүүчээҥҥэ бааллар.

“Учуутал идэтин – таҥара эрэ биэрэр, оттон атын идэлэри – учуутал” диэн этии чахчы да оруннаах. Учуутал буолар үрдүк анал киһи аайы бэриллибэт. Оттон удьуоруттан утумнаммыт идэҕэ дьоҕур, талаан чахчы айылҕаттан айыллыы буолара саарбаҕа суох. Зедгенидзевтэр династияларын сыдьааннара Учуутал аатын үрдүктүк, чиэстээхтик тутан үлэлии-хамныы, айа-тута сылдьаллар.

Марфа ИВАНОВА.

Читайте дальше