«Учуутал, эн үрдүк аатыҥ ханна тиийдэ?..»

Учууталга үөрэммиттэр

Оҕонньоттор,  эмээхситтэр,

Учууталга үөрэммиттэр

Учуонайдар, инженердэр.

Учуутал — ийэ, аҕа,

Учуутал —  доҕор, атас,

Уһун сааска умнубакка

Учууталы ытыктыахха!

Учуутал күнүнэн!

(Клара Ксенофонтова)

 

Кырдьык, соторутааҥҥа диэри учууталы Таҥара (Таҥара баарын-суоҕун билбэтэрбит даҕаны, үөрэммиччэ үтүктүһэн) курдук көрөрбүт, оннук үрдүктүк сыаналыырбыт, ытыктыырбыт, сүгүрүйэрбит. «Учуутал дуо?…» диэн барбах сибигинэйэн саҥарарбыт. Туох да омуна суох, киһи аймах баарын тухары учуутал уонна быраас саамай наадалаах, ытык идэ диэн бигэ өйдөбүл баара. Оччолорго өссө хамнаһыгар эҥин соччо баардылааһын да суох курдуга. Сэрэйдэххэ, учуутал урут даҕаны оннук айылаах үгүөрү үрдүк хамнастаммыта биллибэт. Ол да буоллар, учууталлар барахсаттар үлэлиир да этилэрэ. Учуутал тиийбэт диэн баарын өйдөнүллүбэт.

Оттон билигин, сайдыылаах ХХI үйэҕэ учуутал тиийбэт кыһалҕата буолла. Итинник сытыы кыһалҕа дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит да үрдүнэн бүрүүкээбитэ биллэр. Итинник хобдох балаһыанньа үгүс оскуолаҕа баарын, ордук кутталлааҕа саамай уустук, наадалаах, ыарахан математика, физика, о.д.а. үгүс биридимиэттэргэ тиийбэт эбит. Соторутааҕыта улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнигыттан Альберт Ионович Ивановтан ыйыталаспыкка, улууска 40-ча учуутал син биир тиийбэт. Учуутал тиийбэтэ үөрэнээччигэ охсуутун аччатар сыалтан араас ньыманы тутта сатыыбыт диэбитэ.

Учуутал курдук билигин даҕаны саамай наадалаах үлэһитинэн хааччыллыыны аҥаардас улууспут үөрэҕириитин салаатын, улууспут улахан оскуолаларын салалталара эрэ буолбакка, улууспут дьаһалтатын туһааннаах сулууспалара олох эрдэттэн былааннаан, төһө сатанарынан саппаастаах да олоруохтарын сөп этэ. Учуутал диэн учуутал буоллаҕа. Хайа, учуутал тиийбэтэ диэн иэдээн буолбатах дуо, үөрэнэр оҕоҕо охсуута төһө буолуой?!  Өһүргэс буолбатах, ханнык баҕарар төрөппүт оҕотун уопуттаах, дириҥ билиилээх-көрүүлээх учууталга үөрэттэриэн баҕарара чуолкай. Оттон ол бу билиҥҥи курдук учуутал тиийбэт балаһыанньатыгар (усулуобуйатыгар) төрөппүттэр ирдэбиллэрэ толору туолара буолуо дуо?..

Учуутал тоҕо тиийбэт буолла?  Мин санаабар, ханна даҕаны учуутал идэтигэр үөрэтии, бэлэмнээһин тиһигин быспакка үрдүк таһымҥа барара биллэр. Кэнники кэмҥэ эдэр учууталлары бары өттүнэн өйөөһүн эмиэ да балысханнык барар курдук. Эдэр исписэлиистэр үтүктүспүт курдук хамнас кыра, тыа сиригэр олорор усулуобуйа мөлтөх дииллэр эбит. Дьэ итиннэ мин туох да диир кыаҕым суох. Ол эрээри, дойду салалтатыттан саҕалаан учуутал курдук ытык идэни аһара күөмчүлээбэтилэр ини дии саныыбын.

Чэ бэйи, таах олорор киһи тохтоон эриим. Дойду үрдүнэн биллэриллибит Учуутал уонна Аҕа сүбэһит сылынан, Учуутал күнүнэн бары учууталлары эҕэрдэлиибин, кинилэр сыралаах ыарахан үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабын.

Түгэнинэн туһанан, Учуутал уонна Аҕа сүбэһит сылынан учуутал аймахтарбын: бу 2023 сыл алтынньы 18 күнүгэр төрөөбүтэ 130 сылын туолар РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданина Михаил Николаевич Анисимов, «А, Б» буукубалары арааран ааҕарга-суруйарга үөрэппит бастакы учууталым, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, «Үлэҕэ туйгунун иһин» мэтээл кавалера Николай Иннокентьевич Иванов-Куола Учуутал, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, 1968 сыллааҕы ССРС учууталларын сийиэһин дэлэгээтэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданина, Даниловтар учуутал династияларын төрүттээччитэ Иван Николаевич Данилов, түөрт уонча сыл улуус биир саамай улахан оскуолатыгар, Сунтаар 1 №-дээх оскуолатыгар, салгымтыата суох омук тылын дьаныһан туран үөрэппит СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Галина Никифоровна Егорова, Үлэ Албан Аата III истиэпэннээх уордьан кавалера, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үтүөлээх учуутала Трофим Семенович Кириллин үтүө, сырдык ааттарыгар сүгүрүйэбин. Киэн тутта ааттаталыыбын Сунтаар улууһугар биир бастакынан компьютеры баһалаабыт учууталынан, Федоровтар учуутал династияларын билиҥҥи аҕа быһылыгын, СӨ үтүөлээх учууталын, Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданинын, дуобакка ССРС успуордун маастарын Валерий Дмитриевич Федоровы, 1976 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэриэҕиттэн  ханна да харыс халбарыйбакка кэриэтэ төрөөбүт Күүкэйин оскуолатыгар математика курдук уустук биридимиэти үөрэтэ сылдьар СӨ үөрэҕириитин туйгунун, Күүкэй нэһилиэгин Бочуоттаах гражданинын, кылааһынньыкпын Александр Николаевич Федоровы.

Билиҥҥи кэмҥэ учуутал үрдүк аата төһө да көйгөтүтүллэ быһыытыйдар, бэрт соторунан учуутал үлэтэ дьиҥнээх миэстэтин буларыгар эрэл улахан. Бу эйгэҕэ чугас дьон этэллэринэн, үөрэхтээһин билиҥҥи систиэмэтин уларытарга «Үөрэх туһунан» сокуон уларыйыан наада дииллэр эбит.

 

 

Борис НИКОЛАЕВ

Читайте дальше