Учуутал – эн үрдүк ааккар махтанан…

Арассыыйа бастыҥ учуутала, «Саха-Азия оҕолоро» стипендиата, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, «Олоҥхо дойдутун учуутала» көрүү-күрэх кыайыылааҕа, Сунтаар улууһугар үөрэҕирии, култуура сайдыытыгар үтүөлэрин иһин бэлиэлэр хаһаайкалара, Сунтаар сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо уонна өссө да атын ааттар хаһаайкалара, Учууталлар учууталлара, 43-с сылын Сунтаар алын сүһүөх оскуолатыгар харыс да халбарыйбакка үүнэр көлүөнэни иитэр-үөрэтэр Новикова Галина Васильевна диэн кимий? Кинини бары учуутал быһыытынан билэр буоллаххытына, бүгүн бары өттүттэн арыйан кэпсии сатыам.

Көмүс күһүн күөйэ көтөн ааһыыта 1959 с. алтынньы 17 күнүгэр күн сирин киэргэтэ кэлбитэ. Ийэтэ Тойуктаах Маарыйа барахсан кыыс оҕону кылбас гыннараат, кыдьымах быыһынан Хаданыгар кыл мүччү туораатын кытта сарсыныгар өрүс туран, туох да бэйэлээх туораабат хаайтарыыта буолбута. Бу күрдук төрүү экстремальнай усулуобуйаҕа уһаарыллан Галя кыысчаан олоҕо саҕаламмыта. Ийэтэ тыйаатыр артыыската буолаары, илии эрбиитинэн эрбээн туттубут сабыс саҥа, ат эккирэтэр дьиэлэрин хаалларан Сунтаарга көһөн киирэннэр, кыысчаан Сунтаар оскуолатыгар үчүгэйдик үөрэммитэ. Бу үөрэнэр сылларыттан, 5-с кылааһы бүтэриэҕиттэн үлэ киниискэлээх киин остолобуой официанката буолбута. Урукку остолобуойга, сыаната чэпчэки, аһылыга минньигэс буолан үтүмэннээх элбэх киһи сылдьара. Сарсыарда 6 чаастан ып-ыраас фартуктаах, колпактаах үлэлиир миэстэтигэр баар буолара. Бу кэмтэн ыла эрдэһит, ыраас-чэнчис буолбут эбит. Эбиэккэ хатанан турар аан күрүчүөгүн төлө тардаат, утары истиэнэҕэ сыстан биэрэрэ. Хаста да түҥнэри көтүллэ сыспыт кутталын билигин да түһээн көрөр. Күн аайы 3 лиитэрэлээх бааҥканан хартыыһа оҥороро. Ол хартыыһата бүтэн сотору-сотору “официант” диэн хаһыы дуорайара. Дьон хартыыһаны барыанньа курдук сииллэрин сөҕө саныыр, бэйэтэ сүрэҕэр астаран билигин хартыыһаны айаҕар ылбат. 5-6 кылаастарга официанкалаабыт буоллаҕына, 7-8 кылаастарга кондитерскайга үлэлээбитэ. Араас тортары, кириэмнэри түүлүгэр киириэр диэри оҥороллоро. Тыаттан киирэ сылдьан, улуу уочаракка туран, хоруопка хаалаах торка тииһэн үөрүү буолааччыбыт. Онтубут Сиэйэҕэ тиийиэххэ диэри араас быһыыланан тиийээччи.
Кыра сааһыттан үлэҕэ эриллэн сүрдээх үлэһит.

Онтон 8-с кылааһы бүтэрээт, Бүлүү педучилищетыттан саҕалаан Магадан пединститутугар үөрэнэн учуутал уһун сыралаах суолун саҕалаабыта. Сайын аайы каникулугар кэлэн Дьөгүөрэптэр соччоттон да улахан дьиэлэрин сууйан-сотон, үс хос килэгир түннүктэрин ылан, сууйан , самааскалаан үтүмэн үлэни көрсөн, дьонун олохторун улаханнык чэпчэтэн барара. Ол быыһыгар эдьиэй Балааһатынаан сарсыарда 8-тан, үлэлээх дьон курдук, сир астыы бараллара. Ол сир астарыттан 30-ча үс киилэлээх кырыыҥканан дьэдьэн, бааҕынан моонньоҕон, сугун, хаптаҕас барыанньаларын, бааҕынан тэллэй тууһаан соҕотуопка лааппытыгар туттаралларын өйгүтүгэр оҥорон көрөн төһө сир аһа хомулларын, төһө үлэттэн тахсарын сыаналааҥ. Бу курдук кини улахан сир асчыт, хаһаасчыт. Онтуларын умуһахха уурарыгар араас долбуурдары уһанан билигин Галина Васильевна уус эр киһилии мындыр өйдөөх, ыраастык туттан эрбиир, саайар уус.

Магадаҥҥа үөрэнэ сырыттаҕына, онно үөр кыыс ортотугар 9 эрэ уол баара. Олор истэригэр Бүлүү Хампатыттан — Толя Новиков. Тыһыынчанан кыыстан таба көрөн, талан, таайан, дьолугар таба тайанан Галя кыысчааны таптаабыта. Галя 4 сыл үөрэнэн дойдутугар учуутал буолан эргиллибитэ. Толя 5 сыл үөрэнэн, биир сыл хойутаан, Сунтаары булбута, күтүөт буолан киирбитэ. 1983 сыллаахха сэтинньигэ бастаан Сунтаарга, онтон Хампаҕа сыбаайбалаан ньиргиппиттэрэ. Онно иккиэннэригэр, киһи эрэ сөҕүөх, ыалакы маҥан сып сылаас уйгу-быйаҥ хаара түһэн уоллаах кыыс дьоллоох олохторун түстээбит эбит.
Учуутал үрдүк аатын сүгэн Галина Васильевна 1982 сылтан саҕалаан 43 сылын тохтоло суох үөрэммит оскуолатыгар үлэлиир. Араспаанньата Новикова буолан дуу диэхпэр дылы куруук новизнаны – саҥаны көрдөөн араас системанан үлэлээн кэллэ. Куруук биир системанан үлэлээбитэ буоллар биир былаанынан, учебнигынан үөрэтиэ этэ буоллаҕа дии диэн мин учуутал буолбатах өйбүнэн сыаналыыбын. Куруук былаан оҥостон, сарсыҥҥы уруогар бэлэмнэнэн тахсарын көрөммүт ийэтэ биһикки: «Ити 40-ча сыл тухары нойосуус да үөрэтэр кэм кэлбэтэҕэ буолуо дуо, куруук бэлэмнэнэн тахсар?!” — диэн күлээччибит. Араас ураты талааннаах оҕолорун Коля Пирожковы, Лида Маркисееваны, Вася Спиридоновы, Юля Харитонованы, Максим Васильевы уо.д.а.улахан тапталынан ахтар. Үөрэппит оҕолорун махталларын мин илэ көрбүт – билбит дьоллоохпун. Ол курдук Галина Васильевна массыына саахалыгар түбэһэн, сиһин өлөрөн сытан хаалбыта. Онно үөрэппит оҕолоро харчы хомуйан, сибэкки дьөрбөтүн, корзиналаах фрукта ыытан учууталларын өйөөбүттэрэ, үөрпүттэрэ. Өссө үөрэнээччитэ Максим Васильев Өлүөнэ очуостарыгар тур бэлэхтээбитэ. Ол сыарҕатыгар олорсон “Көлүкэчээннэр” бүтүн ансаамбылынан баран күүлэйдээн кэлбиппит. Учуутал киһиэхэ ситиһиилээх үөрэнээччилэри тэҥэ төрөппүт өйөбүлэ олус наада. Ыкса үлэлэспит төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэллэрэ Светлана Тимофееваны, 8 сыл ( икки оҕотугар) алтыспыт Лидия Уарованы улахан махталынан ахтар. Галина Васильевнаны сөбүлээн үөрэппит оҕолоро оҕолорун, билигин оннооҕор сиэннэрин үөрэттэрэ аҕалаллар.

Галина, Анатолий Новиковтар 41-с сылын дьоллоох дьиэ кэргэн буолан олороллор. Икки кыыстаахтар, икки күтүөттээхтэр, элбэх сиэннээхтэр. Оҕолорун олохторун уйгутун оҥорсор истиҥ Ийэ, Эбэ. Кыргыттар дьоллоох Дьокуускай куоракка дьиэ-уот тэринэн олороллор. Галя: «Толям таҥара бэлэҕэ, көнө сүрүннээх, очоҕоһо эрэ токур буолуо», — диирэ истэргэ наһаа үчүгэй. Олоххо киһи араас да тургутууну ааһар эбит. 2009 с. Толя улаханнык инсультаабытын Галя оҕолуу харайан, эмтэтэн олоххо толору төнүннэрэн, оскуола дириэктэригэр, улуус учууталларын профкомун бэрэссэдээтэлигэр, Саха сирин аатырдар “Өрөгөй” ансаамбыл салайааччытыгар тиийэ үүммүтэ. 2023 с. Галина Васильевна олоҕор улахан тургутууну баран улахан моһоллору этэҥҥэ мүччү түстэ. Куруук сүбэ-ама буолар, улахан дьиэ тулааһына ийэтэ – Тойуктаах Маарыйа күн сириттэн барбыта. Галина Васильевна курдук ийэтин көрбүт оҕо арааһа суох буолуо: сарсыарда-киэһэ сууйуу, массажтааһын, айымньыларын хомуйуу, чөкөтүү, үлэлиир эрдэҕинэ үлэтигэр көмөлөһүү, араас көстүүмнэри тиктэрии, кулуупка, тэрээһиннэргэ куруук толору астаах илдьии-аҕалыы… Бу курдук төрөппүккэ кыһамньылаах оҕо этэ.

Аны онтон 40 хонук да ааһыан иннинэ кэргэнэ Анатолий Степанович иккиһин инсультаан суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута. Ону, киһитэ Галина буолан, күүскэ эмтэтэн, араас чөлүгэр түһэрэр кииннэргэ киллэрэн, эрчийэн, Анатолий Степанович бэйэтин дьулуурунан, олохтон тутуһан хаалан билигин бэйэтин бэйэтэ дьаһанан, хааман, дуобаттаан, телевизор, кэнсиэр, испэктээк көрөн улахан эбиллии баран үөрдэр. Өссө салгыы үчүгэй буоларыгар эрэнэбит. Олег Сосин салайааччылаах улуус оскуолаларын дириэктэрдэрэ, профкома, саҥа бэрэссэдээтэл Нина Павлова Анатолий Степановиһы улаханнык махтанан туран үлэтиттэн атаарбыттарыттан наһаа да астыммытым. Киһи үлэтэ тыыннааҕар сыаналаныахтаах.

Хаһаайка быһыытынан Галина олус ыраас, дьиэтин-уотун наһаа табыгастаахтык оҥостор. Билигин Сунтаар дьиэлэрэ толору хааччыллыылаах буоллахтарына, аан бастакынан кинилэр киллэттэрбиттэрэ. Дьиэлэр умуһахтарыгар улаханнык оҥостон, кирилиэһи мүччү үктээмээри ырычаахтаһан түһэр буоллаххына, Новиковтар умуһахтарыгар тааҕы-таах хоско киирэр курдук киирэҕин. Манна хотуоскаттан саҕалаан араас барыанньа, тууһаммыт-тумаламмыт араас оҕуруот астара саас-сааһынан кырылаан тураллар. Нэдиэлэтээҕи аһылыгын хаһаайка биир өрөбүлүгэр хааһытыттан миинигэр тиийэ бэлэмнээн кэбиһэр. Онон хайдах да бэйэлээх соһуччу ыалдьыты остуол хотойорунан толору минньигэс астаах көрсөр асчыт.

Барытыгар уурбут-туппут курдугу сөбүлүүр. Туох баар аһылыга этикеткэлээх, суулаах, таҥаһа, туттар тэрилэ анал миэстэлээх. Оннооҕор олордубут хортуоскалара, моркуоптара Кыһыл болуоссакка парадтыы баран эрэр курдук биир кэккэнэн тураллар. Көр оннук бэрээдэк киһи.

Бу ыаллар араас бырааһынньыктары оруобуна күнүгэр ылар үтүө үгэстээхтэр. Оруобуна күнүгэр этиллибит тыл – өс, баҕа санаа тустаахха чопчу тиийэр дииллэрин кытта сөпсөһөбүн. Ыраахтан кэлэр ыалдьыкка, бэлиэ күннэргэ аал уоту кытта алтыһан, алҕыыр – силиир, үтүө баҕа санааны түстүүр үтүө үгэстээх алгысчыт. Араас тэрээһиннэри үрдүк таһымнаахтык ыытар тамада.

Санаабытын сааһылааччы,
Уҥа – хаҥас халыйааччыны
Суолун сүнньүн булларааччы

Өҕүллүбэт өһүөбүт,

Өркөн өйбүт

Галина Васильевна

“Мозговой центр Көлүкэчээн” диэнинэн кини үһүс буолаһы тутар, ыллыыр ансаамбыл тутаах ырыаһыта. Ким нотаттан халыйбытын, тылын билбэккэ эбэтэр ситэ үөрэппэккэ кэлэн баран таах айаҕын ата турарын уот харахха этэр, итэҕэһи аһаҕастык ыйар ,сороҕор “күһүҥҥү өксүөн тыалынан хаарыйар” көнө сүрүннээх , олоххо олус көхтөөх, чиэһинэй киһибит.

Дьэ, ол эрэн Галина Васильевна биир сатаабаттаах, толлордоох. Ол – сүөһү, сүөһү көрүүтэ. Отой кыра оҕо сылдьан хонууга сибэккинэн оонньуур, барыларын амсайан көрөр буолан оннооҕор сибэккилэри амтаннарынан араарара. Биирдэ оннук оонньуу олордоҕуна кэйиик оҕус сырсыбыт. Хата, оҕо барахсан, өлбөт быатыгар, күрүө анныгар төкүнүс гыммыт. Оннооҕор хоһооҥҥо уулуу турар оҕус хараҕын сөхпүтүм диир буоллахтарына Галина билиҥҥэ диэри улахантан кыыллыйбыт оҕус хараҕын саҕа ынырыгы өйдөөбөт, бу сыраана сынньылыйан күрүөҕэ кэлэн сааллар оҕус кыһылынан көрбүт хараҕа оҕону үйэтин тухары сүөһүттэн тэйиппитэ.

Галина Васильевна куруук киһини үөрдэ, туох эрэ үчүгэйи оҥорорун, онтон киһи үөрэриттэн үөрэр, дьоллонор үтүө сүрэхтээх. Киһи киһинэн олорор, үтүө үтүөнэн төлөнөр диэн санаанан олоҕу олорор. Галина курдук кэргэннээх, дьүөгэлээх буолан Анатолий Степанович биһикки дьоллоох сулус анныгар төрөөбүт дьоммут.

Бу курдук мин олохпор биир саамай улахан Табыллыым, дьоллоох суолбар көрсүбүт күндү дьүөгэм туһунан эһиэхэ быктаран кэпсии түстүм. Галина Васильевна дьоҥҥо дьолу бэлэхтээн, дьоллоох сулус буолан ыҥыра-угуйа, арчылыы, сир үрдүн киэргэтэ сырыт.

Зинаида Федотова-Дьол Кыыма