Балаҕан ыйын 1 күнүттэн Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн «Поделись со своим знанием» (Билиигин үллэһин) күһүҥҥү марафон аахсыйа ый бүтүөр диэри бара турар. Бу тэрээһин чэрчитинэн Кэмпэндээйи бибилэтиэкэтигэр Дьокуускай куораттан эмтэнэ кэлбит учуонай, физика-математика билимин хандьыдаата, Соҕуруу полюс эспэдииссийэтин кыттыылааҕа Семен Викторович Николашкины кытары көрсүһүү буолла. Кини Ю.Г. Шафер аатынан космофизика уонна аэрономияны чинчийэр институт директорын научнай үлэҕэ солбуйааччынан үлэлиир. Тэрээһиҥҥэ Нарыйа Кондратьева салайааччылаах оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлар уонна эмтэнэ кэлбит ыалдьыттар сырыттылар. Семен Викторович оҕолорго бэйэтин олоҕун, үлэтин-хамнаһын, наукаҕа дьүкээбил уотун чинчийэрин туһунан сиһилии билиһиннэрдэ. Дьэ уонна саамай сөхпүппүт, 1985 сыллаахха улахан хамыыһыйаны ааһан Антарктидаҕа баар соҕуруу полюс аттыгар баар сэбиэскэй «Восток» научнай полярнай ыстаансыйатыгар биир сылы быһа 30 нүөмэрдээх эспэдииссийэҕэ сылдьыбытын туһунан кэпсээтэ. Антарктидаҕа диэри хараабылынан үс ый устан тиийбиттэр. Онно тымныыта -80-тан тахса, саамай сылыйбыта 13 кыраадыс буолар эбит. Муора тыһымыттан 3,5 км кэриҥэ үрдүккэ турар, салгынын баттааһына намыһах буолан, таһырдьа тыынарга ыарахан, киһи аҕылыыр. Бу ыстаансыйа таһынан биир да харамай олорбот эбит. Антарктида кытыытыгар эрэ пингвиннэр, муора хахайдара, түлүөннэр, киттэр бааллар. Алта ый полярнай түүн, алта ый полярнай күн буолар. Олорор дьиэлэрин тибии типпэтин диэн атах үрдүгэр туталлар, уоттарын дизельнэй ыстаансыйа хааччыйар эбит. Манна Семен Викторович дьүкээбил уотун чинчийбит, оҕолорго арааһын кэпсээтэ. Биир сыл олорон үлэлээн баран эмиэ үс ый устан кэлэн дьиэтигэр төннүбүт эбит. Истээччилэр бэркэ сэргээн иһиттилэр, араас ыйытыылары биэрдилэр. Түмүгэр Семен Викторович оҕолорго баҕа санаатын эттэ, бибилэтиэкэҕэ «Зимовка на станции «Восток». Записки полярника» кинигэтин бэлэхтээтэ. Биир кинигэни Үөннээх Хайа турмаршругар сырытыннарбыт экскурсовод сирдьиккэ, 10-с кылаас үөрэнээччитигэр Саввинов Стаска туттарда. Онтон биһиги эмиэ киниэхэ Кэмпэндээйи минералларын, бэйэбит оҥорбут чэйбитин бэлэхтээтибит.
Бу тэрээһини үйэтитэр сыалтан киинэҕэ уһуллубут.
Татьяна МЕСТНИКОВА.
Автор видеоҕа устуута.