Бүгүн, кулун тутар 28 күнүгэр, гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун учуонайдарын бөлөҕө Сунтаар улууһугар кэллэ. История наукатын кандидата Наталия Данилова салайааччылаах делегацияны улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имидж политикатыгар солбуйааччы Гаврил Еремеев көрүстэ. Наталья Ксенофонтовна “География сакральных мест Якутии” бырайыакка үлэлэрин Сунтаар улууһуттан саҕалыылларын этэн туран, чинчийэр-үөрэтэр бөлөҕүн билиһиннэрдэ. Ол курдук, бөлөххө бааллар Ирина Иванова, филологическай наука кандидата, Лидия Иванова, археология лабораториятын үлэһитэ, Изабелла Рожина, ГЧуоХААОПИ билим тэрийэр салаатын исписэлииһэ уонна сыыдам сырыылаах суоппардара Федор Федотов. Учуонайдар бырайыактарын чэрчитинэн Ытык, кэрэ-бэлиэ сирдэри сэргэ итэҕэлгэ сыһыаннаах, тыытыллыбат, тумнуллар суолталаах ханна туох сирдэр баалларын чинчийэр соруктаахтарын кэпсээтилэр. Олохтоох музейдары, кыраайы үөрэтээччилэри кытта үлэлэһэргэ баҕа санааларын эттилэр. Көрсүһүүгэ Сунтаар улууһун дьаһалтата институту кытта научнай таһаарыыларга сөбүлэҥнээхтэрин, инникитин барыахтаах үлэ туһунан кэпсэттилэр. Чинчийэр бөлөх салгыы Бордоҥ нэһилиэгэр кыраайы үөрэтэр В.В. Попова аатынан Норуоттар доҕордоһууларын түмэлигэр сылдьар былааннаах айаннаата. Ол кэннэ Тойбохойго баар өрөспүүбүлүкэтээҕи историческай, кыраайы үөрэтэр комплекска сылдьыахтара. Сарсын Сунтаар нэһилиэгин түмэллэрин көрөн баран, оробуочай сырыыларын олохтоох кыраайы үөрэтээччилэри, история учууталларын, түмэл, бибилэтиэкэ үлэһиттэрин кытта көрсүһэр Төгүрүк остуолунан түмүктүөхтэрэ.
Марфа ИВАНОВА
Айталина Федорова хаартыскаҕа түһэриилэрэ