Убаастабыллаах Анатолий Дмитриевич, Сунтаардааҕы Ис дьыала уорганын үлэһиттэрэ, ытык-мааны бэтэрээннэрэ!

«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна оройуон Сэбиэтин дьокутааттарын ааттарыттан эһигини барыгытын идэлээх бырааһынньыккытынан — РФ Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин күнүнэн — итиитик-истиҥник ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Ааспыт сыллар усталаах-туоратыгар улууспут дьонун конституционнай бырааптарын уонна көҥүллэрин араҥаччылаан, улуус экономическай уонна социальнай өттүнэн туруктаах буолуутугар үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаҕыт.

Эһиги тугунан да кэмнэммэт хорсун быһыыгытынан, дьулуургутунан, кытаанах санааҕытынан биһиги киэн туттабыт, эһиэхэ Сунтаар улууһун бары олохтоохторун ааттарыттан махтал мааныта буолуохтун!

Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, үтүө туругу, дьолу-соргуну, төрөөбүт дойдубут сайдарын туһугар таһаарыылаах үлэни, үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!

 

Анатолий ГРИГОРЬЕВ, Сунтаар улууһун баһылыга

Ульяна ПОПОВА, оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ