Бэйэ бородууксуйата кэлии астартан быдан туһалаах, иҥэмтиэлээх буоларын өйдөөн дьон кэлиҥҥи сылларга түргэнник ситэр салаа харамайдарын иитэр буолла. Үксүн дьиэ көтөрдөрүн – куурусса араас боруодаларын, индюктары, хаастары иитэн идэһэ эттэригэр эбии гыналлар. Бу салааҕа эдэр дьон ылсара хайҕаллаах.
Ол курдук, Кириэстээх нэһилиэгин элбэх оҕолоох ийэтэ Евдокия Никитина көтөрдөрү иитэн дьиэ кэргэнин эрэ буолбакка, олохтоох дьону сибиэһэй, бэйэ аһынан хамаҕатык хааччыйа олорор. Күннэтэ киниттэн сымыыт, кус, хаас, индюк этин тохтообокко атыылаһаллар.
Билигин кини хаһаайыстыбатыгар 100-чэкэ көтөр иитиллэн турар. Куурусса хас да көрүҥэ, индюк, кус, хаас, цесарка, оннооҕор Саха сиригэр сэдэх көтөрдөр павлин, холууптар бааллар. Дьоҕус хотонугар козалар эмиэ тураллар.
Дьиэ көтөрдөрүн көрүүтүгэр оҕолоро эмиэ кыттыһаллар. 11 саастаах Нарыйа уонна 7 саастаах Денис үөрүйэхтик туттан кыылларын аһата сылдьалларыгар түбэстибит. Оҕолор үөрэхтэрин, дьарыктарын кэнниттэн ийэлэригэр көмөлөһө сүүрэллэр. Нэһилиэк олохтоохторо Евдокия оҕолорун кыра саастарыттан үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэтэрин олус сэргии көрөллөр.
Евдокия Никитина бу дьарыгын 2022 с. социальнай хантараак ылан саҕалаабыт. Бастаан сибиинньэ туппут, онтон дьиэ көтөрдөрүн иитиитигэр көспүт: “Дьон кэлин дьиэ көтөрүн сымыытын, сибиэһэй этин сөбүлээн атыылаһар буолла. Онон дьиэ кэргэн экономикатыгар сүрүн дохуоппут көтөрдөрбүтүттэн киирэр. Куурусса хас да көрүҥэ декалб уайт, доминант, саха кучинскай, брезгальскай боруодалара баар. Ахсынньы ыйтан сымыыттарбын инкубаторга сытыараммын көтөр оҕолорун бэйэтинэн тарҕатан саҕалыаҕым. Билигин кус,индюк, куурусса этин нэһилиэнньэҕэ атыылыыбын”. Евдокия кэлин көтөрдөрүн тутар хотонун кэҥэтиэн баҕарар. Ону таһынан, тыа хаһаайыстыбатын быыстапкаларыгар кыттан бэйэ таһымын, билиитин сайыннарар баҕа санаалаах.
Мира АФАНАСЬЕВА