Ийэ күнүгэр аналлаах ый чэрчитинэн улуус үрдүнэн үгүс тэрээһин ыытылынна. Декаданы түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин, Арассыыйатааҕы Ийэ күнүгэр сыһыарыллан, сэтинньи ый 27 күнүгэр ыытыллара былааннанар. Бу дьоро тэрээһини торумнуур сүбэ мунньах бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр, Сунтаар улууһун дьаһалтатыгар буолла. Мунньаҕы социальнай, имиджевэй политика отделын сүрүн исписэлииһэ Тамара Иванова иилээн-саҕалаан ыытта. СӨ Ил Дархана сылын аайы бу бэлиэ күҥҥэ тоҕооһуннаран өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ийэҕэ Албан Аат”, “Дьоруой Ийэ” курдук үрдүк наҕараадалары туттарарын, быйыл маннык наҕараадалааһын сэтинньи 23 к. ыытылларын, биһиги улууспутуттан икки ийэ үрдүк наҕарааданы тутуохтаахтарын иһитиннэрдилэр. Маны таһынан Ийэ күнүн декадатын түмүктүүр дьоро тэрээһиҥҥэ улуус “Ытык Ийэтэ” ааты туттарыы, араас ситиһиилээх ийэлэри чиэстээһин, тэрээһин култуурнай бырагырааматын тула хамыыһыйа былааннаах кэпсэтиини ыытта. Тэрийэр хамыыһыйа ийэлэргэ аналлаах дьоро тэрээһин ийэлэри сэргэхситэр, интэриэһинэй тутуллаах буоларыгар сүрүн болҕомтону уурда.
Марфа ИВАНОВА.