Түмэл үлэтэ сайдар, кэҥиир

СӨ Бырабыыталыстыбатын ыйааҕынан от ыйын 17 күнүгэр  2000 сыллаахха Сунтаардааҕы С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан холбоhуктаах түмэл тэриллибитэ,  онно киирэллэр: Сунтаар нэһилиэгэр сүрүн түмэл, Элгээйи нэһилиэгэр фольклор түмэлэ уонна Ыгыаттаҕа С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан  мемориальнай музей-уhаайба.

Холбоhуктаах түмэл дириэктэринэн үлэлээбиттэрэ: 2000-2001 сс. — Яковлев Аркадий Егорович, 2001-2003 сс. — Иннокентьев Валерий Михайлович, 2003-2004 сс. — Евсеев Иван Захарович, 2004-2016 сс. — Осипов Дмитрий Константинович, 2016 сылтан СӨ култууратын туйгуна Альбина Алексеевна Федорова, Элгээйигэ фольклор түмэлин сэбиэдиссэйинэн  СӨ култууратын туйгуна Ксения Прокопьевна Семенова, С.А. Зверев-Кыыл Уола Зверев төрөөбүт дойдутугар, Ыгыаттаҕа музей-уhаайба методист СӨ култууратын туйгуна Любовь Афанасьева ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Комплекс үрдүнэн  барыта 18 үлэhит, ол иһигэр СӨ култууратын туйгуннара айымньылаахтык үлэлии-хамсыы  сылдьаллар.

Холбоһуктаах түмэл сүрүн пуондата 6397 уст., көмө пуондата 6360 уст. тиийэ халыҥаата.  Кэлиҥҥи сылларга нэһилиэнньэ бэйэтин баҕа өттүнэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ илдьэ кэлбит малларын дьон-сэргэ көрдүн диэн бэлэх аҕалаллара үксээбитэ кэрэхсэллээх.

Үлэһиттэр хас сыл аайы тэриллэр улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы араас таһымнаах сэминээрдэргэ, куоҥкурустарга, научнай-практическай конференцияларга көхтөөхтүк кытталлар. Сылын аайы түмэл араас кинигэлэри, каталогтары таһаарар. Ол курдук «Сунтаар – Олоҥхо дойдута» диэн көмүс серия иһинэн 2018 с.  «Дьөһөгөй оҕотун маанылаах симэҕэ»,  2019 с.  «Уран уус умсулҕаннаах аартыга» диэн Сунтаар улууһугар уонна онтон төрүттээх урукку, билиҥҥи күҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар уран тарбахтаах, ураты көрүүлээх уус идэтин бигэтик баһылаабыт дьону сырдатар кинигэлэри бэлэмнээн таһааттарда. Талааннаах уруһуйдьут Аммос Алексеев-Кыра Аммос төрөөбүтэ 70 сылын көрсө кини хартыыналарынан альбом-каталог, Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах «Награды Великой Отечественной войны (медали и ордена)» диэн каталог бэчээттэнэн таҕыстылар. «Дьөһөгөй оҕотун маанылаах симэҕэ» диэн кинигэнэн  Сергей Сизых аатынан бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи куоҥкуруска «Лучшая публикация на краеведческую тему» анал аакка 22 үлэ киирбититтэн бастакы миэстэни ылары ситиспитэ. 2020 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа сирин култууратын тэрилтэлэрин истэригэр ыытыллыбыт күрэскэ “Тыа сирин бастыҥ түмэлэ” уонна “Тыа сирин бастыҥ түмэл үлэһитэ” түмэл салайааччыта Альбина Федорова буолбута.  2022 сылга Бүтүн Арассыыйатааҕы «100 бастыҥнар” күрэстэригэр култуура уонна искусство хайысхатыгар «Российскай Федерация бастыҥ тэрилтэтэ» уонна салайааччы Альбина Федорова «Российскай Федерация бастыҥ салайааччыта» ылары ситиспиттэрэ. 2023 сылга 40 сыллаах үбүлүөйбүтүгэр «Култуура» национальнай бырайыак «Техническое оснащение региональных и муниципальных музеев» субсидиятын күрэһэр кыайыылаах аатын ылан 3 мөл. 241 тыһ. солк. аныгылыы интерактивнай тэриллэри, витриналары ыллыбыт. Инники сайдыылаах олоххо араас хайысхалаах былааннар олус элбэхтэр, ол курдук пуондабытын өссө хаҥатыы, элбэтии, саҥаттан саҥа торумнаах толкуйдар киирэн иһэллэр. Түмэлбит өссө кэҥиир, сайдар чинчилээх диэн биир санаанан үлэһиттэр айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан холбоһуктаах түмэл кэлэктиибэ

Читайте дальше