Тыл — бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ

Аан дойдуга төрөөбүт тыла суох омук суох. Ол да иһин тыл – омук тыына, дьылҕата, сир сирэйиттэн симэлийбэт суос-соҕотох мэктиэтэ диибит. Ханнык баҕарар киһи хайа омук буоларын кэрэһилиир биир бэлиэтэ төрөөбүт ийэ тыла буолар.

Төрөөбүт тыл киһи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, өйө-санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, иһирэх иэйиитэ уһуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар дьоҕура тобуллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буолар.

Төрөөбүт тыл – норуот уһун кэмҥэ олорбут олоҕун, историятын тыыннаах кэрэһитэ. Норуот өйө-санаата, тыына, ис дууһата тылыгар баар. Хас биирдии норуот туһунан тыла киһи аймахха биэрбит, киллэрбит кылаата буолар. Омук тыла сайдыылаах, баай, этигэн, хомоҕой буоллаҕына, омук бэйэтэ эмиэ оннук: өйө-санаата чэбдик, ыраас, кыахтаах буолар.

Кэлиҥҥи сылларга биһиги омукка улахан боппуруос турар: “Сахабыт тыла сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар хайдах, тугу гынан, үөрэтэн кэнэҕэски ыччаппытыгар иҥэриэхпитин сөбүй?” диэн.

Төрөөбүт төрүт тыл хас биирдии киһиэхэ, оскуолаҕа үөрэнэр оҕоҕо, сиртэн саҥа быган эрэр кыракый киһиэхэ тиийэ, кини сайдар-үүнэр кэскилин быстыбат утаҕа, силигилии чэлгийэр дириҥ силиһэ буолар. Норуот үйэлэр тухары мунньубут муудараһын, олоҕун уопутун төрөөбүт тылыгар сөҥөрдөн илдьэ сылдьар. Төрөөбүт тыл, култуура үтүө үгэстэрин, бараммат баай уратыларын хас биирдии үүнэр ыччакка тириэрдии, үөрэтии биһиги сүрүн сорукпут, энчирээбэт иэспит.

Төрөөбүт тыл кэскилэ, дьылҕата  төрөөбүт тылы иҥэрии, бастакынан, төрөппүттэн тутулуктаах. Төрөппүт төрөөбүт тылын билэрин, ытыктыырын, киэҥ туттарын оҕотугар саҥа төрүөҕүттэн иҥэрэн барыахтаах. Дьиэ иһигэр оҕону кытта бэйэ омугун тылынан кэпсэтии  оҕо өйүгэр-санаатыгар, этигэр-хааныгар иҥэр күүстээх.

Төрөппүтү таһынан  оҕону иитиигэ үлэлиир уһуйаан иитээччилэрин, оскуола учууталларын өттүттэн эмиэ элбэх үлэ барыахтаах. Оҕо  кыра эрдэҕиттэн  омугун төрүттэрин, кинилэр дьарыктарын, суруктарын-бичиктэрин, абыычайдарын, үгэстэрин, остуоруйаларын, туттар тэриллэрин, иһиттэрин, таҥастарын, аһыыр астарын энчирэппэккэ билиэхтээх. “Мин саха омук буолабын” диэн киэн тутта улаатыахтаах.

Уһуйааҥҥа, оскуолаҕа оҕолорго анаан, Ийэ тылга аналлаах литературнай куруһуоктар, куоҥкурустар, дьарыктаныылар элбэхтик ыытыллыахтаахтар. Бу маннык үлэлээһиҥҥэ хас биирдии төрөппүт  көмөтө баар буолуохтаах, кинилэр эмиэ интэриэстээх буолуохтаахтар. Бэйэ омук тылыгар оҕо интэриэһин уһугуннаран, элбэхтик хоһооннору, кэпсээннэри, остуоруйалары ааҕан, аахтаран иҥэрии барыахтаах. Онтон оҕо кэрэни өйүгэр-санаатыгар иҥэриитэ түргэтиир, айылҕаттан билиэн-көрүөн баҕарара уһуктар, сайдар, кэрэҕэ, дьиктигэ тардыһарга көҕүйэр. Литературнай тылы билии – сайдыы сүрүн төһүүтэ.

— Оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт тылынан саҥарар, кэпсэтэр буоллаҕына, олоххо бэйэтин уратытын билинэр, аналын тобулар.

— Ийэ тылынан иитии, үөрэтии дьиэ кэргэнтэн саҕаланыахтаах. Салгыы үөрэх тэрилтэлэригэр бэйэтин төрөөбүт тылынан иитиллэрэ, өйүн-санаатын, тылын-өһүн сайыннарара улахан суолталаах.

— Оҕо норуот тылын барҕа баайын чахчы-бааччы этигэр-хааныгар иҥэринэригэр норуот тылынан уус-уран айымньыта, литературнай айымньы сүдү оруоллааҕын умнумуохха.

— Төрөөбүт тылы билии, үөрэтии атын омук тылын, култууратын билэргэ төрүт буоларын өйдөөҥ.

Төрөөбүт тыла суох омук суох. Тыл сүттэ да, омук эмиэ сүтэр. Ийэ тылбытын харыстааҥ! Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ-сайда турдун!

Алена ПАВЛОВА,

 өрөспүүбүлүкэтээҕи психология киинин Сунтаардаҕы филиалын социальнай педагога

Читайте дальше