Тыл баайын хаҥатыы тула учууталлар сэминээрдэрэ

Сэтинньи 1 күнүгэр А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1№-дээх орто оскуолатыгар “Оһуокайдааһын – тылбыт баайын хаҥатар норуот бастыҥ ньымата” диэн саха тылын уонна литературатын учууталларыгар аналлаах сэминээр ыытылынна. Сэминээр икки түһүмэҕинэн буолла: бастакы түһүмэххэ – оҕолору оһуокайдыырга үөрэтии ньымаларыгар үөрэнии, иккис түһүмэххэ – үлэ уопутун атастаһыы. Сэминээри Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын учууталлара Татьяна Фокинова, Елена Кузьмина, Анна Данилова, Лилия Попова уонна үөрэх салаатын исписэлииһэ Татьяна Жиркова тэрийэн ыыттылар.

Сэминээргэ Сунтаар куустатыттан барыта 16 учуутал кыттыыны ылла. С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин сүрүн исписэлииһэ Туйаара Алексеева учууталларга оһуокай тылын этии уратыларын, тыыныы арааһын, кылыһаҕы таһаарарга үөрэтэр ньымалары билиһиннэрдэ.

Сэминээр иккис түһүмэҕэр учууталлар уопуттарын атастастылар. Ол курдук, Наталья Степанова (Сунтаардааҕы гимназия) “Төрөөбүт литература нөҥүө оҕо дьоҕурун сайыннарыы”, Анна Яковлева (Илимниир) “Төрөөбүт тыл, литература уруоктарыгар уонна эбии дьарыктарга түмэл суолтата”, Ульяна Яковлева, Сусанна Павлова (Бордоҥ) “Төрөөбүт литератураны үөрэтиигэ ФГ киллэрии, туһаныы, үөрэтии”, Акулина Иванова (Сунтаар гимназия)“Уруокка ааҕыы грамотноһын үрдэтиигэ Flip pdf professional программаны туһаныы”, Елена Кузьмина (ССОШ-1) “Софронов А.И. “Куоратчыт” кэпсээнин түмүктүүр уруогар ФГ туһаныы”, Анна Алексеева (ССОШ-3) “Винокуров С.И. “Икки суол төрдүгэр” айымньытыгар обществознаниены кытта интегрированнай уруок”, Степан Яковлев (СПТЛ-И) “Уол оҕону иитии уратыта”, Татьяна Фокинова (ССОШ-1) “Төрөөбүт тыл сүмэтин оҕону иитиигэ, сайыннарыыга туһаныы бырайыак” диэн тиэмэлэри кэпсээтилэр.

Сэминээргэ сылдьыбыт учууталлар «наһаа туһалаах сэминээр буолла, тэрийээччилэргэ махтал” диэн астынан тарҕастылар.

   Татьяна ФОКИНОВА

А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолата.

 

Читайте дальше