Норуоттар сомолоһууларын күнүн чэрчитинэн, Күндэйэҕэ «Ааспыт кэм ахтылҕана…» диэн 70-80-90-2000 сс. көлүөнэлэр мустан бэйэлэрин кэминээҕи эдэр саастарын үҥкүүтүн үҥкүүлээн тэйдилэр, оччотооҕу өрө күүрүүлээх үлэ, дьол, таптал, хомсомуол олохпут аргыһын туһунан ырыалар дьон дууһатын бэркэ таарыйда. Ырыа-үҥкүү быыһыга көр-күлүү сценка кыбыллан олус сэргэх кэнсиэри көрдбүт. Ойон туран илии-илииттэн ылсан, көлүөһэлии эргийэн оһуокайы оройуттан тутан кэнсиэрпитин түмүктээтибит. Чахчы да маннык сомоҕолостохпутуна тугу кыайбат буолуохпутуй, Сир үрдүгэр сэрии эрэ буолбатын эйэлээх,дьоллоох олох баар буоллун!
Феврония НИКОЛАЕВА, хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ