Олунньу 21 күнүгэр Маар Күөл нэһилиэгэр Арассыыйаҕа – Дьиэ кэргэн, Өрөспүүбүлүкэбитигэр – Оҕо саас, Сунтаарбыт улууһугар – Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылын үөрүүлээхтик аһыы тэрээһинэ буолла. Нэһилиэк баһылыга Сергей Саввинов эҕэрдэ тылын этэн туран, 2023 сылга түөлбэлэринэн сыл устата ыытыллыбыт күрэхтэр түмүктэринэн наҕараадалары туттарда. Ол курдук, 1 миэстэ – «Молодежнай» уулусса, 2 миэстэ – «Түмэн», 3 миэстэ – «Чэлир». Кыайыылаахтар туоһу суруктарынан, көһө сылдьар кубогынан, харчынан наҕараадаланнылар. Дьоро киэһэни нэһилиэк ылбаҕай ырыаһыттара Дора Григорьева, Иван Васильев, Туйаара Ли, Екатерина Иванова уонна кырачаан «Кэнчээри» уһуйаан иитиллээччилэрэ хоһоон, чабырҕах ааҕан, ырыа ыллаан киэргэттилэр.
Екатерина Иванова,
уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн