Түөкүттэр дьон харчытын устар баҕаттан араас албастары туһаналлар. Күн-түүн дьону албынныыр ньымалара уларыйа турар, сайдан иһэр. Түөкүттэр угаайыларыгар киирэн элбэх киһи харчытын сүтэрэр. Ордук аҕам саастаах дьон албыҥҥа түбэһэр. Манна саамай кыһыылааҕа – өр сылларга муспут харчыгын биир кэпсэтии кэнниттэн сүтэрэн кэбиһэриҥ…
Аныгы кэм түөкүттэриттэн харысхаллаах буолар туһугар Сунтаардааҕы ис дьыала отделын холуобунай ирдэбил сотруднига, полиция старшай лейтенана Артем Алексеев олоххо буолбут түбэлтэлэри ырытар.
Масыанньыктар бассаапка эмиэ баар буолбуттар. Биир күн билэр киһим нүөмэриттэн 45 тыһыынчата иэстээ диэн кэллэ. Соһуйан төттөрү эрийээччи буоллум. Онтум киһим нүөмэрэ биир кэм сааньатай. Онон бу түөкүттэр дьыалалара буоларын сэрэйдим. Хаһан даҕаны харчы иэс көрдөөбөтөх киһи этэ. Кэлин билбитим кини нүөмэриттэн элбэх киһиэхэ итинник ис хоһоонноох сурук тиийбит эбит. Иванова И.»
А.А.: Кэлиҥҥи сылларга маннык түөкүннээһин көрүҥэ олус тарҕанан турар. Сааһыттан тутулуга суох ким баҕарар түбэһиэн сөп. Гражданка Иванова сөпкө дьаһаммыт. Кини тута харчы көрдүүр киһитигэр эрийбит. Туох эмэ эһигини мунаахсытар көрдөһүүлээх смс, бассаап сурук туттаххытына, утары ол көрдөһүүлээх киһиэхэ эрийэр буолуҥ. Ордук түөкүттэр түүннэри эрийэр түгэннэрэ элбэх. Уонна саамай сүрүнэ улахан сууманы хаһан да билбэт нүөмэргитигэр ыытымаҥ. Түөкүттэри кытта кэпсэттигит да, эһигини “күрүчүөккэ” ылыахтара. Ол иһин билбэт нүөмэргитин ылымаҥ, эппиэттээмэҥ. Эбэтэр итэҕэйбэтэх буоллаххытына ити түгэни умнан кэбиһиҥ.
Былырыын биир күн, арай, соһуйуом иһин элбэх билэр киһим субуоннаан, аймаммыт куоластарынан «Туох буоллуҥ?» диэн сурастылар. Кинилэргэ Вконтакте приложениеҕа мин страницабыттан «Ыксал буолла, нүөмэрбэр харчыта бырах» диэбит курдук ис хоһоонноох сурук бөҕө тиийбит. Ити мин буолбатахпын этэн баран, хайыахпыный, страницабын сотторбутум. Петров А.«
А.А.: Бу маннык куйаар ситимин нөҥүө түөкүннээһин эмиэ тарҕанан турар. Саамай сүөргүтэ – түөкүттэр ыарыы туһунан айан ол бу социальнай ситимнэргэ тарҕаталлар. Көрдөһүүлэригэр оҕо сирэйин ууралларын да кыбыстыбаттар. Ким эрэ улаханнык ыалдьан харчы наадыйбыттарын уонна счет нүөмэрин суруйаллар. Бу ыйыллыбыт холобурга Петровка бэйэтигэр эрийэн тиийбиттэр, кини туһунан туоһуласпыттар. Ити курдук эмиэ харчы көрдөөбүт дьоҥҥо эрийэн тиийиэхэ наада. Ол эрэн, бу киһи страницатын эрэ сотторбут. Кини мин ааппыттан сымыйа сурах тарҕана сылдьар диэн иһитиннэрии ыытыахтаах этэ”.
Ыраатта, хас даҕаны сыллааҕыта төлөпүөммэр «100000 солк. сүүйдүҥ, бириискин ыларга бу нүөмэргэ төттөрү суруйан ыыт» диэн смс иһитиннэрии кэлбитэ. Дьол хараҕа суох диэн баран эппиэттээбитим. Биир даҕаны баан картата нүөмэрбэр сыһыарыллыбатах буолан, тоҕо эрэ куттамматаҕым. Салгыы тус дааннайбын ылаары хас даҕаны иһитиннэрии кэлбитэ. Сэрэхэдийэммин ол нүөмэри “хара испииһэккэ” уган кэбиспитим. Егорова С.»
А.А.: Дьон ордук чэпчэкитик харчыланар туһуттан түөкүттэргэ түбэһэрэ эмиэ элбэх. Гражданка Егорова эмиэ харчыга ымсыыран түөкүттэр угаайыларыгар киирэ сыспыт. Хата, кини дьолугар биир да картата нүөмэригэр сыһыарыллыбатах эбит. Арай атын хартыына буоллун… Егорова чэпчэкитик харчыланыам диэн баран бэйэтэ иэскэ киириэр диэри харчытын ыытыа эбит. Эбиитин бааннарга кирэдьиит көрдүү сүүрүө этэ. Түөкүттэр хаһан да кимиэхэ да босхо харчы биэрбэттэр. Эһиги, босхо, «халлаантан» харчы кэлэн түспэтин өйдүөх тустааххыт. Кинилэр бэйэлэрэ эйигин бүтэһик таҥаскар тиийэ сүлэн ылыахтара. Ол иһин, хаһан даҕаны түөкүттэри кытта кэпсэтимэҥ. Билбэт нүөмэргит эрийдэҕинэ, «харчы сүүйдүҥ» диэн иһитиннэрии кэллэҕинэ салҕыы эппиэттии, кэпсэтэ да барымаҥ.
Мира АФАНАСЬЕВА