Түбэй Дьаархан нэһилиэгин сонуннара

Түбэй Дьаархан нэһилиэгэр ППМИ бырагыраама чэрчитинэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт төрөппүттэригэр киин ититии турбата тардыллар үлэтэ бастакы түһүмэҕэ саҕаланна. Ыраас уу иккис станцията кэлэн туруорулунна. Уотун ситимэ тардыллан быһа тэрилтэлэргэ турбанан ыраас уу тиийиэхтээх.

Сылын ахсын эдэр да, саастаах да ыал саҥа дьиэ туттан киирэллэр. Ол курдук, быйыл эмиэ икки ыал саҥа дьиэ туттан киирээри түбүгүрэ сылдьаллар.
Сунтаар улууһугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылынан биһиги нэһиликтэн Изаина уонна Михаил Михайловтар бииргэ олорбуттара 50 сылыгар улуус ЗАГС-тын кыһыл көмүс кинигэтигэр киирдилэр.
Тыа хаһаайыстыбатыгар биир бастыҥ үлэлээх КФХ Комин Михаил Пантелеймонович тэрилтэтигэр үүт турбата (молокопровод) холбонно. Собуокка 6 ыйга хараллар үүттэн оҥоһуктар оборудованиелара кэлэн туруорулунна. Мантан инньэ олохтоох бородууксуйа атыыга дэлэйдик тахсарын күүтэбит.

Людмила ДАНИЛОВА,
олохтоох дьаһалта исписэлииһэ

Читайте дальше