Сайын барахсан бэлиэр элэс гынан ааһан эрэр. Бу кыра болдьох кэмҥэ дойдум Маар Күөлүм дьоно сир астаан, үүт туттаран, от оттоон күн бокуойа суохтар. С.В Федоров аатынан арыы сыаҕар биир күн ыалдьыттаатым. Манна үүт тутааччы Венера Сидорова үлэлиир. «Үүппүт бырыһыана үчүгэй, уопсайа биэс түмсүүлээх хаһаайыстыба үүт туттарар. Күҥҥэ 7-8 цн үүтү эрийэбин, сүөгэйбитин «Хочо» МУП икки-үс күнүнэн кэлэн ылар», – диэн үлэтин быыһыгар кэпсии тоһуйда.
Бу олорон санаатым, ийэм барахсан үлэлээн тиритэ-хорута сылдьарын, ол эрэн бииртэн сонньуйдум, үлэлэрэ барыта илиинэн, аныгы сүөгэй иирдэр сэппэрээтэр суоҕуттан… Бу дьонум үүт туттараат, аны оттуу ойоллор эбээт, кыра дьоҕус соҕус аныгылыы технологиянан үлэлииллэрэ буоллар, үлэ чэпчиэ эбит, бириэмэ да тутуллуо суоҕа этэ…
Ити күнүм итинэн эрэ бүппэтэ… Быраҕыллан турбут сири оҕуруоттаан, дулҕатын ыраастаан, ходуһа оҥостубуттарын хайгыы, астына көрдүм. Бу хаартыскаҕа көстөр, ини-бии Григорий, Николай Антоновтар сирдэрэ. Санаабыт хоту өлгөм үүнүү, кыстыыр оппутун ыллыбыт дэһэллэр. «От былаана биһиги нэһилиэкпитигэр 1500-ча туонна, билиҥҥи туругунан 70% оттоннубут. Үгүс ходуһа ууга турар, ардаабатаҕына күһүн уута түстэҕинэ оттонуоҕа», – диэн тыа хаһаайыстыбатын сүрүннүүр исписэлииһэ Валентина Саввична сэһэргээтэ.
Итинник биир күнүм түмүктэннэ. Үтүө сонун, сэргэх кэпсээн биһирэнэ турдун.
Екатерина ИВАНОВА,
уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн, Маар-Күөл