«Тыа сирин дуоктара», «Тыа сирин биэлсэрэ» бырагырааманан

Ыраах сытар улуустарга медицина тэрилтэлэрин каадырынан хаач­чыйыы биир сытыы кыһалҕа буолар. Бу балаһыанньаттан тахсарга биһиги салалтабыт, киин балыыһа үгүс ахсааннаах үлэни ыытар. Олортон бирдэстэринэн «Тыа сирин дуоктара», «Тыа сирин биэлсэрэ» бырагыраамалар буолаллар. Бу дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагын чэрчитинэн «Доруобуйа харыстабылын сайыннарыы» федеральнай бырагырааматынан олоххо киирэр. Тыа сирин эмчитинэн хааччыйыыга, эдэр үлэһити өйөөһүҥҥэ сыаллаах «Тыа сирин дуоктара», «Тыа сирин биэлсэрэ» бырагыраама Арассыыйаҕа 2012 сылтан үлэлиир.

Быйыл биһиги улууспут киин балыыһатыгар бу икки бырагырааманан 11 медик кэлэн  үлэлии сылдьар. Ол курдук, улуустааҕы поликлиникаҕа учаастактааҕы терапевт, эндоскопист быраас, стоматолог үлэлии сылдьаллар. Реанимация отделениетыгар  анестезиолог быраас ананан кэллэ.  Ону таһынан сэллиги эмтиир диспансерга фтизиатр быраас үлэтин саҕалаата. Тойбохойдор педиатр быраастаннылар.  Кинилэр бары «Тыа сирин дуоктара» бырагыраамаҕа хапсан судаарыстыбаттан өйөбүл ылыахтара.

Ханнык баҕарар таһымнаах мунньахтарга тыа нэһилиэктэрин олохтоохторо медик үөрэхтээх исписэлиискэ олус наадыйалларын этээччилэр,  эмчити туруорсааччылар. Бу туруорсуу таах мээнэ кумааҕыга эрэ суруллан хаалбат. Каадыр боппуруоһугар үлэ мэлдьи барар.  Биирдэ ылан барыларыгар медик кэлэн үлэлээн барара эмиэ кыаллыбата биллэр. Ол да буоллар, манна киин балыыһа, улуус салалтатын өттүттэн үлэ ыытыллыбытын түмүгэр быйыл «Тыа сирин биэлсэрэ» бырагырааманан Уһун Күөл врачебнай учаастагар биэлсэр,  Күндэйэҕэ акушерка, Аллыҥаҕа, Маар Күөлгэ биэлсэрдэр үлэлии сылдьаллар.

Арина Спиридонова, улуустааҕы поликлиника терапевт бырааһа: «Мин Ньурбаттан сылдьабын. Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай медицинскэй университеты быйыл бүтэрбитим.  Устудьуонньуу барарбар Ньурбатааҕы балыыһа  киин сиргэ үөрэнээччилэргэ целевой миэстэ биэрбэтэҕин иһин, дойдубуттан чугас буоллун диэн Сунтаары талбытым. Онон үөрэхпин бүтэрэн  манна кэллим. Хата, «Тыа сирин дуоктара» бырагыраамаҕа хапсаммын үөрэ сылдьабын. Маннык бырагырааманан үлэҕэ киирдэхтэринэ, өйөбүл, көмө баара эдэр дьоҥҥо улахан тирэх буолара биллэр. Бу бырагыраама туһунан устудьуоннуу сырыттахпына аймахтарын кэпсээбиттэрэ. Онон биэс сылга эһиэхэ манна үлэлииргэ эрдэттэн бэлэмнээх кэлбитим, ол кэннэ олох көрдөрөн иһиэ буоллаҕа. Билигин өйүм-санаам – үлэбэр, пациеннарбар».

Ксения Гоголева, Арыылаах врачебнай амбулаториятын биэлсэрэ: «Медик буолар баҕа оҕо сааспыттан баара. Ол баҕабын толорон, Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледжы түөрт сыл үөрэнэн кыһыл дьупулуомнаах бүтэрдим. Миигин кытары үөрэммит, билигин Аллыҥаҕа биэлсэринэн ананан үлэлээн эрэр Полина Федорова «Тыа сирин биэлсэрэ» диэн олус бэртээхэй бырагыраама баарын үгүстүк кэпсээбитэ. Мин бу бырагыраама туһунан билсибитим, сэргээбитим. Ирдэниллэр дьыалабын-куолубун туттаран, хата, бырагыраамаҕа хапсан, үлэбин саҕалаатым. Уопсайынан  судаарыстыба өттүттэн өйөбүл ханнык баҕарар эйгэҕэ баара олус үчүгэй буолуо этэ. Манна көрүллэр үбүнэн, эдэр киһи олоҕун бастакы оҥкулун оҥосторугар туһанар уонна кини тыа сириттэн үлэтин саҕалаатаҕына, баай уопут бөҕөлөөх дьону кытары алтыстаҕына элбэҕи-билиэ көрүө турдаҕа. Ол  инникитин кини үлэтигэр, карьера да оҥосторугар олус туһалыа диэн санаалаахпын. Кылгастык бэйэбин билиһиннэрэр буоллахпына, төрөөбүт дойдум – Ньурба, түөрт улахан оҕолоохпун, икки сиэннээхпин. Кэргэннээхпин».

Дьэ, бу курдук, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр саҥа, эдэр медиктэр хото кэлэн, үлэлээн киирэн бардыннар. Кинилэргэ саҕалаабыт үлэлэрэ табылыннын. Сүрүнэ, ыарыһахха үтүө санаалаах, истиҥ сыһыаннаах буолуҥ.

Яина ВЛАСЬЕВА