«Тутуу тиһэҕэр тиэрдиллиэх тустаах»

Ил Дархан быһа эпииригэр Сунтаар олохтооҕо бассейн тутуутун туһунан маннык ыйытыы биэрдэ:

— Сунтаарга бассейн тутуута харгыстаныах курдук, бу боппуруоһу быһаарарга көмөлөһөргүтүгэр көрдөһөбүт.

Ил Дархан Айсен Николаев бу киирбит ыйытыыга маннык хоруйдаата: «Бу кыһалҕаны билэбин. «Комплексное развитие сельских территорий» бырагырааманан Сунтаар нэһилиэгэр тутуллан номнуо үлэҕэ киирбит буолуохтаах бассейн, бэдэрээтчити сыыһа талыыттан, хомойуох иһин тутуутугар харгыстанна. Эрдэ этэн турабын, бэдэрээтчит төһө да докумуонунан 44-с Федеральнай сокуоҥҥа толору эппиэттиирин үрдүнэн, эрдэттэн өрөспүүбүлүкэҕэ тутуллар атын эбийиэктэргэ куһаҕан үлэлээҕин көрдөрөн турар. Хантыраагы көтүрэр кэмигэр кыаллыбатаҕа. Минстрой даҕаны, атын да сулууспалар бэдэрээтчит инники итэҕэстэрин хатылыа суоҕа диэн эрэммиттэрэ. Ол эрээри көрөрбүт курдук бэдэрээтчит соругун ситиспэтэ. Билигин кини аатыгар холуобунай дьыала тэрилиннэ. Хантыраак көтүрүлүннэ. Саҕаламмыт тутуу син биир тиһэҕэр тиэрдиллиэх тустаах. Сунтаарга сырыыбар улуус баһылыгын кытта бу боппуруоска кэпсэппитим. Анатолий Васильевич атын ресурсаны булуо, (бу сылга улуус Алроса АХ дивиденнээх) эбийиэк тутуллан 2024 сылга ситэри тутуллан, үлэҕэ киириэ диэн эрэнэбин. Тутуу бэлэмэ 50 бырыһыан оҥоһуллан турар, быһаарыллыбыт бырайыага, экспертизата баар. Онон билигин эппиэтинэһэ суох үлэлээх бэдэрээтчити кытта хантыраак олоччу көтүрүлүннэҕинэ улуус бу нэһилиэнньэҕэ олус наадалаах эбийиэги ситэри тутуо дии саныыбын. Оттон биһиги өттүбүтүттэн бу эбийиэк 2024 сылга үлэҕэ киирэрин хонтуруолга ылыахпыт».

   «Сунтаар сонуннара» хаһыат.

Читайте дальше