СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ олоххо киллэрэр технологиялара хас биирдии киһи балыыһаҕа, поликлиникаҕа сылдьара табыгастаах, элбэх бириэмэни ылбатын туһугар уонна өҥө хаачыстыбалаах буоларыгар көмөлөһөллөр.
Ол курдук ааспыт сыл хсынньы ыйыттан улууспутугар биир кэлим колл- киин (ценр) тэриллэн үлэтин саҕалаабыта. Бу киин дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөнү суһаллык оҥорор соруктаах тэриллибитин бэлиэтиибит. Маныаха колл-кииҥҥэ биэс исписэлиис үлэлиир. Бириэмэтэ 8:30 чаастан 17:00 чааска диэри эбиэтэ суох үлэлиир.
Медицинскэй көмө боппуруостарыгар биир кэлим нүөмэргэ 122 эрийэгит, онтон 2 сыыппараны баттыыгыт. Колл – киин үлэһиттэрэ эһиэхэ 8 (411) 239-83-00 нүөмэртэн эрийэн бырааска, диспансеризацияҕа кэлэргитин санатыахтара, араас мунаахсыйар ыйытыыларгытыгар эппиэттиэхтэрэ. Бу нүөмэри төлөппүөҥҥүтүгэр сурунан хаалларыҥ.
Нэһилиэнньэҕэ табыгастаах буоллун диэн бырааска суруйтарыы араас көрүҥэ баар.
Тустаах бырааска хайдах суруттарыахха сөбүй ?
Инфомат нөҥүө. Улахан киһи уонна оҕо поликлиникаларыгар бастакы этээскэ бырааска суруттарар анал икки Инфомат үлэлии турар.
Приемҥа суруттараары уһун уочаракка турбакка, хаһан баҕарар кэлэн Инфомат нөҥүө бырааска суруттарыахха сөп, манна паспорт эбэтэр медицинскэй полис нүөмэрдэрэ наада буолар.
Маны тэҥэ улуус олохтоохторо бырааска (ол иһигэр харах бырааһыгар ) көрдөрүнэллэригэр дьиэлэриттэн тахсыбакка эрэ маннык көрүҥнэри туһанан суруттарыахтарын сөп:
— «К врачу» диэн босхо мобильнай сыһыарыыны төлөпүөҥҥэр хачайдаан ыл. Итиэннэ бу сыһыарыы нөҥүө бырааска суруттар. Дьиэ кэргэн биир төлөппүөнтэн суруттарыан сөп.
— «Госуслуги» судаарыстыбаннай портал нөҥүө суруттарыахха сөп.
Онтон тыа сиригэр олорор киһи ыалдьар түгэнигэр аан бастаан бэйэтин биэлсэригэр эбэтэр бырааһыгар хайаан да көрдөрүнэн баран, оройуон киинигэр тустаах бырааска хайысха (направление) ылар, «К врачу», Госуслуги нөҥүө приемҥа суруттарар.
Ксенья ИВАНОВА, ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр кэбиниэт сиэстэрэтэ