Улууспутугар тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин чиэстиир, сыллааҕы үлэни-хамнаһы отчуоттуур тэрээһин сылын аайы ахсынньы ыйга ыытыллар. Ол да сиэринэн бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр Сунтаар аграрийдара бары түмсэн, сыралаах, түбүктээх үлэлэриттэн быыс булан, бырааһынньыктарын үрдүк таһымҥа бэлиэтээтилэр.

Бүгүҥҥү күн сарсыардатыгар «Идэһэ-2023» быыстапка-дьаарбаҥка тэрилиннэ. Манна хаһаайыстыбалар, биирдиилээн тэрилтэлэр эти, үүтү, арыыны, онтон да атын оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын атыыга аҕалбыттарын дьон хамаҕатык атыыласта.

Оттон эбиэттэн киэһэ С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээн үлэһиттэрин кытары төгүрүк остуол тэрилиннэ. Манна бэйэлэрин кэмнэригэр кытаанах үлэҕэ сылдьыбыт үтүө үлэһит дьон санааларын, инникитин тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдыытыгар көрүүлэрин үллэһиннилэр. Ону сэргэ, сыыспат буоллахпына, аан бастакы тыа хаһаайыстыбатын үлэтин бэтэрээннэрэ сэбиэтэ тэрилиннэ. Онно бэрэссэдээтэлинэн урукку өттүгэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кырата суох кылаатын киллэрсибит, өр сылларга нэһилиэк баһылыгынан үлэлээбит ытыктабыллаах Николай Егоровы таллылар. Бэрэссэдээтэли солбуйааччынан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар өр сыл үлэлээбит Надежда Корнилова, бу салааҕа эмиэ бэйэтин билиитин-көрүүтүн ууран туран таһаарыылаахтык үлэлээбит Юрий Семенов буоллулар. Онон инникитин тыа сиригэр сүөһү, сылгы иитиитигэр, сири кытары үлэҕэ ыччаты сыһыаран үлэлииргэ саастаах көлүөнэ дьон баай уопутун үллэстэригэр өссө кыах баар буолла.

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыба управлениетын салайааччыта уораҕайга мустубут дьоҥҥо бу сыллааҕы үлэ түмүктэрин отчуоттаата. Инники былааннары билиһиннэрдэ. Ол кэннэ улууспут баһылыга Анатолий Григорьев тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин бу бэлиэ күннэринэн эҕэрдэлээн туран, таһаарыылаах үлэлээхтэргэ наҕараадалары туттартаата. Аан бастакынан анал байыаннай дьайыыга сылдьан, сырдык тыына быстыбыт, өлбүтүн кэннэ Арассыыйа Дьоруойун аатын ылбыт биир дойдулаахпыт Дмитрий Егоров төрөппүт аҕатыгар Николай Алексеевичка хорсун уолу ииппитигэр ытыктабылын, махталын биллэрэн туран, улуус дьаһалтатын аатыттан 5 мөл солк. суумаҕа сэртипикээт туттарда. Дьоруой аҕатын үөрүүлээх мунньах кыттыылаахтара сүһүөхтэригэр туран, дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаан уораҕай үрдүк сценатыгар көрүстүлэр. Анатолий Васильевич анал байыаннай дьайыыга сылдьар хорсун биир дойдулаахтарбытынан, улууспут икки Дьоруойунан киэн туттабыт диэн эттэ.

Улуус тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар таһаарыылаахтык үлэлээбит, билигин быһаччы үлэлии сылдьар үлэһит үтүө дьоммутугар СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, улуус дьаһалтатын, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын наҕараадалара туттарылыннылар. Наҕараадаламмыттар ортолоругар бааллар — механизатор, Ленин орденын кавалера, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Клавдий Михайлов, үлэ бэтэрээнэ, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Юрий Семенов «Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо» буоллулар. «Благо» тыа хаһаайыстыбатын производственнай кээпэрэтиибин бэрэссэдээтэлэ Римма Семенова «СӨ тыатын хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ» үрдүк ааты ылла. Бэтэрээннэр хамсааһыннарын актыбыыһа Петр Степанов СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ буолла. «Элгээйитээҕи эт-үүт кэмбинээтин» салайааччыта Прокопий Акимов «Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ» бочуоттаах бэлиэ хаһаайына буолла. Бааһынай хаһаайыстыба салайааччылара Анатолий Николаев, Егор Старостин, «Тускул» ХЭТ үлэһитэ Алексей Петров «СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна» түөскэ анньыллар бэлиэнэн наҕараадаланнылар. Хадан маслопуунун маастара Людмила Васильева «СӨ ас-үөл индустриятын туйгуна» буолла. СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Махталынан Роман Ощепков, «Сырдык Аартык» кээпэрэтиип салайааччыта Алина Львова, «Кириэстээх» кээпэрэтиип ыанньыксыта Александра Никифорова уо.д.а. бэлиэтэннилэр. «Сунтаар улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын иһин» бочуоттаах бэлиэни «Кириэстээх» кээпэрэтиип биригэдьиирэ Агафья Иванова, Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах бэтэрээнэ Мария Николаева, биэнсийэлээх Юрий Васильев уод.а. туттулар. Мантан да үгүс киһи үлэтэ сыаналанан бочуоттанна, чиэстэннэ, наҕараадаланна.

Тэрээһин иккис чааһынан Арассыыйа Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов 70 сааһын бэлиэтиир үөрүүлээх түгэн буолла. Чиэстээһин Владимир Африканович оҕо сааһыттан үлэҕэ мускуллан улааппытын кэпсиир инсценировканан саҕаланна. Үлэ киһитин, Үлэ Дьоруойун улууспут салалтата, нэһилиэк баһылыктара, Ил Түмэн дьокутааттара Андрей Николаев, Афанасий Постников истиҥник эҕэрдэлээтилэр, бэйэлэрин бэлэхтэрин туттардылар. Үлэ Дьоруойун ытыктаан, кини бэлиэ сааһынан эҕэрдэлии Үөһээ Бүлүү, Ленскэй улуустарын дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ кытары кэлбиттэр. Бу үөрүүлээх, долгутуулаах кэмҥэ Дьоруой ыанньыксыт олоҕун аргыһа Елизавета Петровнаҕа кэргэнин ыарахан үлэтигэр күүс-көмө, сынньалаҥын, уоскулаҥын сөптөөхтүк аттаран атаарарын хааччыйарын иһин махтал тылларын эттилэр. Үлэһит кэргэнниилэргэ нэһилиэк баһылыктара иккиэннэригэр харыстыы, арчылыы сырыттын диэн түөстэригэр үрүҥ көмүс харысхаллары кэтэртилэр. Үлэ киһитин чиэстээһин, кини үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстии олус тэрээһиннээхтик ааста. Дьоруой туһунан киинэни улахан экраҥҥа астына, дуоһуйа көрдүбүт.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Бу курдук, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ анал күннэрин үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтилэр. Тыа сирин сайдыытыгар, сүөһү иитиитигэр сиртэн үүнээйи ылыыга, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын дэлэтиигэ куйааһы, тымныыны аахсыбакка үлэлии сылдьар дьоммутугар чиэс, бочуот буоллун!

 

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше