Туос иһити тигэр үтүөкэн дьарыктаах, сайдам санаалаах саха ыаллара, норуот маастардара, Хатырык Баһылайаптара, талааннара таһымнаан, ааттара-суоллара улууспутун, өрөспүүбүлүкэбитин нөҥүөлээн бүтүн дойду таһымыгар таҕыста.

Дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын, аҕа табаарыспытын, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнин, хаһыаппыт бастыҥ уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнин («Эҥсиэли» хаһыат) Валентин Васильев–Эрчим Баһылы көрсөн кэпсэттибит.

Биһиги сыахпытыгар

– Сурукка-бичиккэ интэриэс оҕо эрдэхпиттэн баара, суруйуохпун баҕарар этим. 5-с кылаастан оскуоланы бүтэриэхпэр диэри кылаас хаһыатын худуоһунньуга этим, ыксаатахпына заметка да суруйарым. Хоһоон суруйтараллар этэ. Биирдэ саха суруйааччылара оскуолабытыгар ыалдьыттаабыттара, хоһооммутун ырыппыттара. Миэхэ  оҕо суруйааччыта Константин Туйаарыскай түбэспитэ. «Оҕо буолан бараҥҥын куобах, чыычаах туһунан суруй», — диэн сүбэлээтэ. Мин буоллаҕына пааматынньык туһунан суруйбутум. Аҕам Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Онон пааматынньыктары наһаа убаастыыбын, ытыктыыбын. Өрүс үрдүгэр пааматынньык баара, ол туһунан суруйбутум. «Эн холгор бу ыарахан, боростуой тиэмэлэри суруй», — диэн суруйааччы сүбэлээбитэ. Аармыйаҕа сылдьан армейскай хаһыакка заметка суруйбуппун таһаарбыттарыгар олус үөрбүтүм. Улан-Удэҕэ үөрэнэр сылларбар техникуммутугар корреспондентскай куруһуок баара. Онно аҕыйахта сылдьан баран 1-2 заметка суруйбуппун бэчээттээбиттэрэ. Кэлин Хатырыкка сопхуоска үлэлиир сылларбар Николай Иванович Сивцев диэн аҕа табаарыстаах этим. Кини улахан кэрэспэдьиэн, оройуон хаһыатыгар мэлдьи бэчээттэнэрэ, суруйууларын интэриэһиргээн ааҕарым. Ол быыһыгар бэйэм суруйбут киһи диэн саныырым. Оччолорго В.Г. Касьяновтыын билсэрбит. Владиславтыын кэргэттэрбит кылааһынньыктар, онон мэлдьи билсэрбит-көрсөрбүт. Сотору соҕус буолан баран кини оройуон хаһыатыгар кэлбитэ. Ол сылдьан дьээбэлэнэммин: «Мин суруйан көрөбүн дуо?» – диэн Владиславтан ыйыппыппар: «Ээ, суруй-суруй, таһаарыам», – диэтэ. Бу кэпсэтии иннинэ биир ыстатыйа суруйбутум, олох таһаарбаттар. Төлөпүөннээн ыйыппыппар күлэ-күлэ: «Үспүкүлээссийэни суруйбуккун», – диэн эттилэр. Ол кэнниттэн ити Владиславы кытта кэпсэтэн баран кыра кыралаан суруйан, улам-улам тартаран ылларан барбытым. Хаһыат үлэһиттэрэ суруйуубун үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ.  Ылдьаа Сивцев, Киргиэлэй Эверстов, Битээлий Сыромятников эрэдээксийэҕэ кэллэҕим аайы «кытаат, суруй» диэн мэлдьи ыҥыраллара. Ылдьаа суруналыыстар сойуустарыгар ылыам диирэ. Онуоха наһаа үөрбүппүн, сэҥээрэ истибиппин өйдүүбүн, тоҕо диэтэр, оҕо эрдэхпиттэн суруналыыс буолуохпун баҕарарым. Баҕа санаам манна туолууһук эбит дуу дии санаабытым. Сотору кэминэн суруналыыстар сойуустарыгар киирбитим. Онон баҕа санаам туолбут сирэ бу «Эҥсиэли» хаһыат буолар.

Эрчим Баһыл

– Хос аатым туох даҕаны сэкириэтэ суох, боростуой. Валентин диэн аат ис хоһооно күүстээх, эрчимнээх диэн, ол сахалыы тылбааһынан Эрчим диэни ылыммытым, Баһыл диэн араспаанньам, Васильев диэни кылгатаммын таһаарбытым. Онон ааппын туруору тылбаастаан хос аат оҥостубутум. 50 сааспар ааппын олоччу сахалыыга уларыттараары гыммытым. ЗАГСаҕа кэлбиппэр арай: «Эн бу 50 сыл устата куһаҕаннык олордуҥ дуу, үчүгэйдик олордуҥ дуу?» — диэн ыйыттылар. «Ээ, наһаа үчүгэйдик олордум». «Оччоҕо тоҕо уларыттараары гынаҕыный?». Ааппын уларыттахпына олоҕум эмиэ уларыйан хаалыа диэн сэрэхэдийии санаалар киирбиттэрэ. Онон уларыттарбатаҕым.

Саха сатаабатаҕа суох

– 2013 сыллаахха үлэбиттэн сокращениеҕа ыыппыттара. 15 сыл устата салайааччынан үлэлээбитим, ОДьКХ хоту производственнай учаастагар начальник этим. Эмискэ тугу да гынарым суох буолан хаалбыта. Наһаа интэриэһинэй турукка киирбитим. Кэргэним туоска үөрэниэҕин баҕарарын эппитигэр «тугуй, туоһунан аһыыбыт дуо?» диэбитим уонна «үөрэниэххин баҕарар буоллаххына үөрэн ээ» диэн эппиппэр Т.А. Карамзинаҕа УПК нөҥүө үөрэммитэ. Кэлэн миэхэ маннык-оннук диэн быһаарар, мин син удумаҕалатар этим, урут туос ыаҕайаҕа уу баһа сылдьыбыт киһи буоллаҕым. Сыыйа-баайа көмөлөһөн бардым. Аны соһуйуом иһин интэриэһиргээн киирэн бардым. Уус алданнар Дьокуускайга Мандар Уус кыттыылаах сэминээр тэрийбиттэригэр киирдибит. Арай, тэрийээччилэр улуустарынан маастардары ааттаталаатылар да, Намҥа ким да суох, М. Новгородова кырдьыбыта диэтилэр. Онуоха мин: «Эс, оттон биһиги баарбыт» диэбиппэр: «Эһиги сатаабаккыт», – диэн кэбистилэр. Дьэ, тугун кыһыытай дии санаатым испэр, дьэ бээ, итинник буоллаҕына диэн саанным. Онно Мандар Уус «эр киһи ордук тигэр» диэбитин өйдөөн хааллым. Покровскайга Сэмэн Черноградскай диэн маастар баар, олох оһуобайдык тигэр, оччолорго бу киһи аатыра аҕай сылдьар. Кини үлэлэрин көрдөрдө, чахчы олох таһыччы үчүгэй этэ.

Бу үөрэх кэнниттэн аҕыйах ыаҕайаны тикпиппитин илдьэ «Кружало» атыы-эргиэн киинигэр быыстапкаҕа кыттыбыппыт. Арай, киһи бөҕө кэлэн «сыаната хаһый?» дии-дии ыйыталастылар. Бай, маны атыылыахха сөп эбит дии, дьон наадыйаллар эбит ээ дии санаатым даҕаны сыанатын билбэппин. Дьонтон ыйыталаһаммын сыананы билэн, ол ыаҕайаларбын барытын атыылаан кэбистим. Дьэ, ол кэнниттэн дьиэбитигэр кэлэммит биир хоспутун мастарыскыай оҥорон олохтоохтук дьарыктанан барбыппыт. Эһиилгитигэр «Якутия мастеровая» быыстапкаҕа киирбиппитигэр уус алданнар «бу кимнээҕий, хантан кэлбит дьонуй?» диэн соһуйдулар. Онтон ыла кыра-кыралаан быыстапкаларга кыттан, дьону түмэн үөрэтэн, Намы ааттатан барбыппыт.

Дьарыктаммыппыт номнуо 10 сыла буолла. Онон сибээстээн уонна Дьиэ кэргэн, кэргэмминээн Тамара Галиновналыын бииргэ олорбуппут 45 сылларынан быыстапка тэрийдибит. Бу уон сыл иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһугун маастардара, онтон норуот маастардара ааты ылбыппыт.

Норуот таптала

– Дьон туос иһиккэ наадыйыыта наһаа элбэх. Холобура, ааҕан көрбүппүт ааспыт сылга 132 ыаҕайаны тикпиппит. Сакааһынан эрэ үлэлиибит, атыыга диэн анаан тикпэппит, сакааспытын да толордохпутуна баһыыба буолар. Дьон оҥорбут иһиттэрбитин быыстапкаларга, ыһыахтарга көрөн сакаастыыр. Төлөпүөнүнэн, бассаабынан үлэлиибит. Саха төрүт иһитин, туоһунан туох тигиллэрин, барытын тигэбит: ыаҕайа, чабычах, маллаах иһит, матаарчах, тымтай уо.д.а. Мандар Уус кинигэтигэр сигэнэбит. Онон саха тикпитин барытын тиктибит. Үлэлэрбит араас музейдарга бааллар. Иһиттэрбитин билиҥҥи олоххо туттуллар гына оҥоробут. Былыргы сахалар биир хос гына тигэллэр эбит, биһиги үйэлээх буоллун диэн икки хос гынабыт.

Төһө да дьиэбитигэр олорон үлэлээтэрбит, тэрилтэҕэ курдук эрэсииминэн үлэлиибит, 9-тан киэһэ 5-кэ диэри мастарыскыайга олоробут, эбиэттии киирэбит. Ол иһин элбэх ииһи кыайа тутабыт.

Хатыҥ өлбөт

– Туос хастааһына саамай кураан, итии кэмҥэ буолар, ыһыах саҕана. Бу кэмҥэ хатыҥ туоһа хоҥнор. Ыраах, халыҥ мас быыһыгар ыркый ойууртан, тыаттан, киһи хараҕар көстүбэт сиртэн хастыыбыт, 10-тан тахса км сиргэ. Сорох дьон ойууру, маһы буортулаан дииллэр да, хатыҥ өлбөт. Мин 5-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына, томторук тиктэрээрилэр туос хастаппыттара. Чугастааҕы ойууртан буолбакка, ыраах, ыркый ойуур быыһыттан хастаабыппытын өйдүүбүн. Ол хастаабыт сирбин 60 сыл буолан баран доҕорум хаартыскаҕа түһэрэн ыыппыта. Хатыҥнарбыт иккиһин үүнэн тахсыбыт этилэр. Онон хатыҥы өлөрөллөр диэн сыыһа саҥараллар.

Аармыйаттан кэлэн бараммын дэриэбинэбэр уолаттар буолан ааһан истэхпитинэ суолга биир кырдьаҕас эмээхсин көрүстэ, билэр эмээхсиним. Миигин ыҥыран ылла. Туос иһит тута сылдьар, бэйэтэ тигэр эбит уонна, дьэ, чаас аҥаарын быһа миэхэ туос иһит хайдах тигиллэрин туһунан дакылаат аахта. Мин табаарыстарбын кытта бараарыбын өндөҥөлүү турабын. «Бээ тохтоо, иһит» диир. Ол тоҕо ала-чуо миэхэ кэпсээбитин интэриэһиргиибин уонна, арааһа, туоһунан дьарыктаныахпын оччолортон билбит быһыылаах дии саныыбын.

Айар үлэ ханыылаах

– Мин Сунтаар улууһун Хадан нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм. Сааһым 73-һүм буолла. Аҕам Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Сэрииттэн Слава уордьаннаах кэлбитэ, ийэм Үлэ Албан аата уордьаннаах. Бу санаатахпына,  саха  боростуой ыалыгар маннык көстүү сэдэх буолуо. Аҕам уордьанын кэлин, өлөөхтөөбүтүн кэннэ, булбутум. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Төһө да төрөөбүт дойдубар олохсуйбатаҕым иһин сибээспин тутар, тэйбэт санааттан үөрэх туйгуннарыгар, икки үөрэнээччигэ, 15-тии тыһ. солк. ыытабын.

Кэргэммин кытта Улан-Удэҕэ үөрэнэ сылдьан билсибитим. Оскуола кэнниттэн тута үлэһит буолуохпун баҕаран суоппардаабытым. Ол сырыттахпына, Александр Акимов, кини оччолорго биһиэхэ комсомол сэкиритээрэ этэ. Кини үөрэн диэн сүбэтин ылынан, Уссурийскайы уонна Улан-Удэни талларбытыттан, дьылҕа хаан ыйааҕа ыҥырбыта буолуо, Улан Удэни талбытым. Онно тиийэн кэргэммин Тамараны кытта билсэн, үөрэхпин бүтэрэн баран мин дойдубар кэлэн үлэлээбиппит. Онтон 1981 сыллаахха кэргэним аҕата өлбүтүгэр Хатырыкка көһөн кэлбиппит. Түөрт оҕолоохпут – икки кыыс, икки уол. Кэргэним биһикки өйдөһөн-өйөһөн 45 сыл олорон кэллибит, кэргэммин дьылҕа хаан анаан биэрбит бэлэҕин курдук ылынабын .

Бу санаатахпына, айар үлэнэн 1999 сылтан дьарыктаммыт эбиппит. Тамара оччоттон даҕаны күрүчүөгүнэн баайара, мин чороон оҥорор этим. Оччолорго Зарема Романовна Бочкарева ыҥырыытын ылынан куоҥкуруска кыттан кыайаммыт, СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Гранын ылбыппыт. Онтон тэптэммит уопсастыбаннай үлэҕэ түһүммүппүт, Аҕа түмсүүтүн салайбытым, бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайбытым. Туоһунан дьарыктаныахпыттан уопсастыбаннай олохтон арыычча тэйдим, бириэмэ суох. Күнү быһа олордоххуна эрэ үлэбит түмүктээх буолар.

Айар-тутар чааһыгар кыргыттар – оһуобайдар. Уолаттар үлэлэригэр иллэҥнэрэ суоҕа бэрт. Улахан уолум манна улууска военком, бириэмэлэннэҕинэ син туттар. Кыра уолум биисинэһинэн дьарыктанар, Москваҕа олорор. Кыргыттарбыт биһиги туоһунан дьарыктанан саҕалаабыппыт кэнниттэн эмиэ бэйэлэрэ сатыылларынан сөбүлүүр дьарыктарыгар ылсыбыттара. Билигин улахан кыыспыт бырайыага кэҥээтэ, бүтүн өрөспүүбүлүкэттэн улуус, нэһилиэк каарталарын уо.д.а. сакаастыыллар. Кыра кыыспыт дьон сатаабатаҕын оҥорор, лепканан дьарыктанар, скульптуралары оҥорор. Онон айар үлэ ханыы тардыылаах буолар эбит. Уонча сиэннээхпин, биир үөрэҕин бүтэрээри сылдьар, биир эһиил бүтэрэр, биир бүтэрэн үлэлии сылдьар.

Иккис дойду оҥостубут Нам улууһун олус сөбүлээтим, наһаа үчүгэй дойду. Хатырыкка – Ытык сиргэ олорорбуттан астынабын. Максим Аммосов диэн баран олох түһүнэн кэбиһэбин. Кини аатын иннигэр туохпун барытын быраҕан сүүрэбин-көтөбүн. Хатырыкпар хаһыс да сылын бастыҥ үөрэнээччигэ стипендия туттарабыт.

Үлэ, технология предметин бастыҥ үөрэнээччитигэр дьиэ кэргэммит аатыттан стипендиялаахпыт.

Түмүк

Туос иһит тигэр үтүөкэн дьарыктаах, сайдам санаалаах саха ыаллара Валентин Титович, Тамара Галиновна Васильевтар иһиттэрин-хомуостарын, ама, ким сөҕө-биһирии көрбөт буолуой?!

Эриэккэс быыстапканы баран көрүҥ, сэргээҥ диэн сүбэлиэм этэ. Төрүт иһиппит барахсаны биһирээччи элбээтин, саха ыалын ахсын харысхал мал тэҥэ араҥаччылыыр аналланан дэлэйдин.

 

Лена НОГОВИЦЫНА, «Эҥсиэли» хаһыат

Читайте дальше