Туойдаах нэһилиэгэр тэрээһиннэр

Сэтинньи 8-9 күннэригэр Туойдаах нэһилиэгэр икки тэрээһин буолан ааста. 

Сомоҕолоһуу күнүн кулуупка 3-с дойду норуота буолан тэрээһиҥҥэ фотозоналар тэрилиннилэр, араас чэй эгэлгэтэ иһилиннэ. Туойдаахха үһүс сылын үлэлии сылдьар Тыва Республикатыттан Когоол Ильяна Сандановна уонна быйылгаттан Руслана Кызыл-ооловна үлэтин саҕалаата, ол курдук атын дойду олоҕун-дьаһаҕын, аһын-үөлүн , үгэстэрин  бэрт сэргэхтик кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр.

Сомоҕолоһуу күнэ

Туойдаах нэһилиэгэр өтөрүнэн буолбатах Муҥха буолан ааста, манна оскуола оҕолоро, улэһиттэрэ, Сунтаарга олорор төрүт олохтоохторбут кэлэн кыттыстылар. 56 иэгэйэр атахтаах буолан «Дүүрэҥдэ» диэн сиргэ «Хагдан Айаан» күөлугэр айаннаан тиийэн Күөх Боллох Тойон бэлэҕин тото- хана бэриһиннэрэн, үөрүү-көтүү аргыстанан Туойдаах олохтоохторо, утуө күнү түмүктээтилэр.

Муҥха

Татьяна ЕРОСКУМОВА

Читайте дальше