Сайыҥҥы сырылас куйааска, күһүҥҥү күннээх эрээри курас салгыннаах күннэр үөмэн кэлбиттэрин ардыгар өйдөөбөккө да хаалабыт. Күн көрөр сылааһыгар балыйтаран күһүҥҥү күннэргэ киһи элбэхтик албыннатар. Бу кэмнэргэ иммунитет тымныыга бэлэмэ суох буолан, кыра да үргүөргэ үрдэриэххэ, тымныйан ыалдьыахха сөп. Ол иһин бу кэмнэргэ тумуулааччы, сөтөллөөччү үксүүр. Ол эрээри күһүн аайы сыыстарары буолуохтааҕын курдук үгэс оҥостуммакка, хайдах бэйэни харыстаныахха сөбүн тобулан көрүөх. Ыраата барбакка, аныгы кэм киһитэ күнэ-ыйа, ыйынньык оҥостор абырааччыта буолбут Интэриниэт ситимиттэн доруобуйаҕа аналлаах ыстатыйалары аахтахха, биир үксүн тэҥ кэриэтэни сүбэлииллэр эбит. Ол онтон сүрүнүн, чахчы орто баайыылаах толкуйдаах киһи ылынар, удумаҕалатар сүбэлэрэ диэбиппин аҕалыым.
Уугун хана утуй
Ханнык да ыарыыттан абырааччы, түргэнник атахха туруорааччы сөптөөхтүк утуйуу буолар. Ситэ утуйбакка уутугар аҥаарыйан арыычча уйутта сылдьааччы, ээл-дээл буоларын таһынан, этэ-хаана сылайар, ыарыыга-дьаҥҥа хаптарымтыата улаатар. Тумуу вирустара туман курдук хойдор кэмнэригэр утарылаһара суох буолан тутатына ыалдьар. Дьиҥэр, күһүн күн кылгыыр, түүн уһуур. Инньэ гынан киһи үксэ утуктуура киирэр. Ону утарылаһан утуйар кэми көһүтэн сукуҥнуу сылдьыахтааҕар, эрдэ утуйуҥ диэн сүбэлииллэр эбит. Улахан киһи толору сынньанарыгар 6-8 чаастаах утуйуу ирдэнэр. Нуорманы таһынан утуйуу, биллэн турар, абырыахтааҕар алдьатыан сөп эбит.
Хаттыктык таҥын
Оҕо эрдэхтэн хал гыммыт, хаста да хатыламмыт “халыҥнык таҥын” диэн сүбэлэрин тутуһуллуохтаах. Күһүҥҥү халлаан күнүскүтэ уонна түүҥҥүтэ лаппа араастаһар. Онно сөптөөхтүк таҥнарга бэлэм буолуллуохтаах. Бастатан туран, бэргэһэни уонна зонтигы укта сылдьар ордук. Күһүҥҥү уларыйа сылдьар халлаан көһүппэтэх кэмҥэ ардаҕы, тыалы аҕалыан сөп. Атах таҥаһын синтетикаттан атыҥҥа, кыраттан сиигирбэт, халыҥ хаттыктаахха уларытар ордук. Халлаан саҥардыы тымныйыыта саарпыгы, бэрчээккини улахаҥҥа уурбат киһи үгүс. Хахсааттан, үргүөртэн харыстанарга олус абыраллаах таҥастар.
Дьиэҕэ салгын оонньооһунун болҕой
Тумнастыгас, ыарахан салгыннаах эбэтэр үргүөрдээх (сквозняк) сирдэр хайалара даҕаны сыыстарарга бэртээхэй усулуобуйаны үөскэтэллэр. Кондиционер диэн сыыһа тутуннахха олус сэрэхтээх тэрил. Дьиэни салгылатары эрэсиим быһыытынан сөпкө оҥоһуллуохтаах. Дьиэ ититиигэ холбонноҕуна, дьиэ иһинээҕи салгын олус кураанах буолар. Кураанах салгынтан киһи мунна, күөмэйэ, тириитэ хатар. Устунан мурун, күөмэй ыарыыларыгар ылларымтыата үрдүүр. Манна анал салгыны сиигирдэр тэриллэри туһанар ордук.
Туһалаах утахтары ис
Сайын устата сөрүүкээри тымныы утахтарынан эмсэхтэнэрбит баар суол. Күһүнүн бу үөрүйэхтэммит кыдьыкпытыттан тэйэн, сылаас, итиитиҥи утахха, чэйгэ көһүөхпүтүн, эмтээх, иммунитеты бөҕөргөтөр оттор ууларынан (отвар), фрукталар сүмэһиннэринэн эбии утахтаныахха сөп. Сорох дьон анал кыра тиэрмэскэ сылаас чэйи кутта сылдьааччылар. Тымныыга өр буоларга бу – олус сөптөөх дьаһаныы.
Аһыыр аскын көрүн
Утаҕы таһынан аһыыр ас сибиэһэй, иҥэмтиэлээх буоларыгар кыһаллабыт. Киһи доруобуйатын туруга аһыыр аһыттан улахан тутулуктааҕын бары да билэбит. Күһүн биир үтүө өрүтэ – оҕуруот аһа, фрукта дэлэй, атыыга сыаната да удамыр кэмэ. Крахмалынан баай оҕуруот аһын, куруппаны, балыгы, эти арааһыттан көрөн, сөпкө аттаран, дьиэҕэ астанан аһаабыт атыыласпыттааҕар быдан ордук. Биллэн турар, барытын кээмэйдээн, иҥсэни кыанан, бэйэ өлүүтүттэн таһынан барбакка.
Үтүө дьоннуун алтыс
Эт-хаан чэгиэн буолуута киһи сүргэтиттэн, санаатын оонньооһунуттан улахан тутулуктаах. Күһүҥҥү кэмҥэ киһи үксэ кыра кэмҥэ соҕотохсуйа түһэргэ дьулуһар дииллэр. Бэйэ санаатын сааһылыырга, холкутуйарга, толкуйдуурга ааттаах кэм. Ол эрээри маннык кэмҥэ сөбүлүүр, эйигин үөрдэр дьону киэр тэйиппэккэ, төлөпүөнүнэн, суруйсуунан ситими быспат ордук. Үтүө дьоннуун алтыһыы үтүөнэн эрэ аҕыа.
Сатыы хаамп
“Чэ, сарсыҥҥыттан эрчиллэбин”,“Бэнидиэнньиктэн сүүрэн саҕалыам” диэн этиини үгүстүк истэбит. Бу биир үксүн бэйэни уоскутунууга этиллэн баран умнуллар тыллар. Дьиҥэр, сэттэ көлөһүнү тоҕон, көһүйүөххэ диэри хамсананан анаан эрчиллиитэ да суох, аҥаардас сатыы хаамыыны үксэтэн киһи чэбдик сылдьыан сөп эбээт. Үлэ бириэмэтигэр устуулга хам хараҕаланан олорбокко, кэмиттэн кэмигэр туран, хос иһигэр даҕаны “дьаарбайан” ылыахха сөп. Көһүнэн ырааҕа суох сирдэргэ сатыы сылдьарга үөрэниэххэ наада, оччотугар киһи этэ-хаана улугурбат. Кэм былдьаһыгыттан сатыы сылдьар кыаллыбат буоллаҕына, киэһэ утуйуох иннинэ дьаарбайан ылыахха сөп. Хамсаммат киһи этэ-сиинэ сааллан хааллаҕына, хоммут, сүүрүгэ суох уу кэриэтэ буолар. Онон, сүүрүктээх уу сытыйбат дииллэринии, хамсаныы күннээҕи олохпутугар олус туһалаах.
Кэмигэр сынньан
Сайыҥҥы уоппуска кэннэ үлэ үөһүгэр киирии, утуйар ууну умнан туран умса-төннө түһүү доруобуйаҕа үтүөнэн аҕаабата биллэр. Маны таһынан күһүн дьиэтээҕи түбүк үксүүр кэмэ. Ордук чааһынай дьиэҕэ олорооччу кыстыкка бэлэмнэнэр үлэтэ үксүүр. Уоппуска кэмигэр саба тутуллубатах түбүгү үмүрүтээри үлэттэн үлэҕэ кэлэбит. Маннык кэмҥэ киһи ахсыытынан баар түбүгү үллэстэн, аттаран толорор үгэһи олохтооҥ диэн сүбэлииллэр. Үлэ хаһан да бүппэт. Сылайыы-элэйии барбытын биллигит да, кэмигэр сынньанары быраабыла оҥостуҥ. Сынньаммыт киһи чэгиэн уонна үлэҕэ ордук кыайыгас буоларын умнумаҥ.
Интэриниэт ситимиттэн.