Тумуу тумуннун, дьаҥ дьалты аастын

Күһүн тумуу элбиир, үгэннээн турар кэмэ. Тумуу тыынар уорганнары сүһүрдэр вирус ыарыыта, ыарыыны үөскэтээччинэн пневмо­тропнай вирустар буо­лаллар. Үксүн кыра оскуола иннинээҕи саас­таах оҕолор ордук ыалдьаллар. Сунтаардааҕы киин балыыһа иһитиннэрэринэн, сорох оскуола кылаастара карантиҥҥа баран кэтэхтэн үөрэнэ олороллор. Ол аата улахан саастаах оҕолор улахан да дьон ыалдьаллара элбээбит.
Тумуу туруга хайдаҕын уонна Сунтаарбыт киинигэр оҕо сытар балыыһатын үлэтин билсэ оҕо сытар балыыһатын сэбиэдиссэйин дуоһунаһын толорооччу Дария Нестерованы кытта сэһэргэстибит:
Үтүө күнүнэн, күһүн саас тумуу элбиир кэмэ. Биһиги балыыһабытыгар билигин ойоҕостотон уонна астмалара бэргээн киирбит оҕо элбэх. Тумуу олус түргэнник тарҕанар. Онон тус гигиенаны тутуһан сылдьар олус наадалаах. Балыыһабытыгар 1 саастарыттан 5-гэр диэри оҕолор үксүн киирэллэр. 4 саастарыгар диэри төрөппүттэринээн ийэлэрин кытта сорох түгэҥҥэ аҕалар киирсэллэр. Оҕолорун олус үчүгэйдик кыһаллан көрөр, харайар аҕалар баалларын бэлиэтии көрөбүн. Уопсайынан доруобуйа бөҕө туруктаах буоларыгар элбэх ууну иһии, дьиэни салгылатыы, иҥэмтиэлээх аһы аһааһын ирдэнэрин санатабын. Маны сэргэ уопсай доруобуйаны бөҕөргөтөр уонна «Д» битэмииннэри анатан иһэр эмиэ туһалааҕын умнумуоххайыҥ.


Оҕо сытар балыыһата урукку аадырыһыттан көһөн билигин урукку роддом дьиэтигэр баар. Балыыһаҕа эмтэнэ сытар оҕо толору. 1-тэн 13-с саастарыгар диэри. Бары кэриэтэ кытаанахтык сөтөллөн устунан ойоҕостоппуттар. Оҕотун кытта балыыһаҕа сытар ийэ кэпсииринэн, оҕото ыалдьарыгар ойоҕостотуу симптома биллибэккэ, температурата тахсыбакка, сүүрэн-көтөн, оонньоон туох да уларыйыыта суох сөтөллөр эрэ эбит. Сөтөлө ааспатын иһин оҕо поликлиникатыгар учаастактарын педиатрыгар көрдөрөн ренгиэҥҥэ түспүттэрэ ойоҕостоппутун билбиттэр. Онон билиҥҥи тумуу албын, кистэлэҥник биллэрбэккэ эрэ куһаҕан түмүккэ тиэрдиэн сөбүн бэлиэтииллэр.
Оҕо сытар балыыһата сырдык, ыраас. Кыһаллыгас үлэһиттэр кырачааннар үтүөрэллэрин туһугар күннэтэ түбүгүрэллэр. Хас биирдии оҕоҕо болҕомтолоох ийэлии, эбэлии истиҥ, аһыныгас сыһыаннара оҕо үтүөрэрин да түргэтэтэр курдук. Балыыһаҕа биири бэлиэтии көрбүтүм, саҥа оонньуурдардаах, кинигэлэрдээх, сырылыыр сыырдаах оҕо аралдьыйар, оонньуур хоһо баара. Бу хоһу быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылын чэрчитинэн, оҕо көмүскэлин күнүгэр сөп түбэһиннэрэн аспыттар. Оҕо төрөппүтүнээн биир хоско чуҥкуйан, муунтуйан сыппакка, бириэмэтин тутуһан, оонньуу түһэн ылара эмиэ туһалаах.
Уонтан тахса сыл бу балыыһаҕа сиэстэрэнэн үлэлиир Алена Кириллина маннык кэпсиир:
Мин Сунтаар балыыһатыгар 2004 с. үлэлиибин. Үөрэхпин бүтэрэн баран бастаан родильнай отделениеҕа үлэлии киирбитим. Онтон 2013 с. оҕо сытар балыыһатыгар 11-с сылын үлэлии сылдьабын. Кэлиҥҥи кэмҥэ оҕолор тыыннара хаайтаран киириилэрэ элбээтэ. Сибикитэ аҕылааһын, эмискэ тохтоло суох (приступ) курдук сөтөл, муннуларын кытыыта көҕөрөн тахсыан сөп, иһиирэр курдук тыастаахтык тыыналлар, инньэ гынан утуйаллара аһыыллара кэһиллэр. Ити төрүөтүнэн олохпут сайдан араас минньигэс, кырааскалаах аһылык элбээһинэ, күннээҕи хойуу сыттаах туттуллар «бытовой химия», араас тутуу матырыйааллара уо.д.а. буолуон сөп. Тыынар уорган ыарыылара бронхиальнай астма, ойоҕостотуу ыарахан ыарыытынан оннооҕор кыра эрдэхтэриттэн ыалдьаллар. Түмүкпэр, убаастабыллаах төрөппүттэр, оҕо күннээҕи эрэсиимин тутуһан, доруобай аһынан аһаан, сибиэһэй салгыҥҥа сырыттахтарына, улааттахтарына доруобуйалара тупсуо, чэбдигириэ.


Оҕо быраастара этэллэринэн, иммунитет килиэккэлэрэ, сүрүннээн оҕо очоҕоһугар, куртаҕар бааллар. Үгүс төрөппүт антибиотигынан эмтии охсорго күһэллэр. Антибиотик оһоҕос микрофлората кэһиллиитигэр, иммунитет мөлтүүрүгэр тириэрдиэн сөп. Оҕо микрофлората 3-4 ыйынан чөлүгэр түһэр эбит. Онон «бифидумбактерин» иһэрэ ирдэнэр. Ыалдьан баран үтүөрбүт оҕо кырата уонча күн маннык салгыы эмтэнии кууруһун хайаан даҕаны ааһыахтаах.

Тумуу үгэннээн турар кэмигэр, саамай туһалаах, чесногу сиэһин. Күн ахсын чеснок сиир оҕо ыарыыга хаптарара 50% аччыыр диэн. Чеснокка аллицин диэн айылҕа антибиотига баар эбит. Аллицин сыта ыарыыттан, араас вирустан харыстыыр дьайыылаах. Оҕо сатаан сиэбэт буоллаҕына, утуйар хоһугар ууран, хаҕыттан ыраастаан сиэбигэр угар эмиэ туһалаах. Ону тэҥэ, үгүс дьон сөбүлээн туттар ырысыаптарынан биир ыстакаан лимоннаах ууну иһии буолар. Күҥҥэ биирдэ иһии ыарыы өрө турбут кэмигэр көмүскэллээх буоларга көмөлөһөр эбит.

Олоххо баар туһаныллыбыт сүбэлэри үллэстэбит, тускутугар туһаныҥ. Тумуу тумуннун, ыарыы ыалласпатын, дьаҥ дьалты аастын, бары этэҥҥэ буолуоххайыҥ!

 

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше