Балаҕан ыйын 6,7,8 күнүгэр Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгэр Махатта сиригэр тимир көлөлөр “Тукулаан-Трофи 2024” диэн күрэхтэрэ буолан ааста. Манна биир дойдулаахтарбыт, Сунтаар улууһун “Барс” автоклубуттан, Кутана нэһилиэгин “TOMS” хамаандата тэҥнээхтэрин булбатылар. УАЗ “Хантер” массыынаҕа пилот суоппарынан Айаал Архипов, штурманынан Владислав Третьяков кытыннылар. Владислав Третьяковы куйаар ситимигэр “Северный патрик” диэн ааттаах блогерынан билэбит. Санатан этэр буоллахха, бу күрэх иккис төгүлүн Бүлүү улууһугар ыытылынна. Атын тимир көлөлөр күрэхтэриттэн уратыта диэн тиэхиньикэлэр кырылас кумаҕы өрө дабайан, экстримальнай сиринэн-уотунан хас да чаас тохтоло суох сүүрдэн бэйэлэрин кыахтарын көрдөрөллөр. Ол курдук, күрэххэ Дьокуускайтан, Өлүөхүмэттэн, Намтан, Үөһээ Бүлүүттэн, Сунтаартан, Бүлүүттэн уо.д.а. улуустартан уопсайа 18 экипаж кытынна. Владислав Третьяков TOMS хамаанда штурмана: “Бу тимир көлөлөр күрэхтэригэр Сунтаардар иккис кыттыыбыт. Өр кэмҥэ бэлэмнэнэн, тимир көлөбүтүн оҥостон, көрүнэн тиэхиньикэбит кыаҕын толору көрдөрдүбүт. Быйыл өрөспүүбүлүкэ бастыҥ хамаандаларын кыайбыппытыттан олуһун үөрдүбүт. Күрэх үс түһүмэхтэн турар. Бастакы күҥҥэ ыытыллыбыт “Спринт спорт” көрүҥҥэ бастаабыппыт, иккис күммүтүгэр “GPS спорт” көрүҥҥэ 15 анал миэстэни алта чаас устата көрдөөн кырылас кумаҕынан картанан сирдэтиигэ эмиэ барыларын сиппиппит. Онтон түмүктүүр үһүс күммүтүгэр “Дрэк рейсиҥҥа” уопуттаах, былырыыҥҥы кыайыылаах хамаандалары ситэммит иккис буолбуппут. Уопсай түмүккэ TOMS хамаанда бастаатыбыт. Тиэхиньикэбит күүһүн, кыаҕын толору көрдөрдүбүт”. Кыайыылаах бастыҥ TOMS хамаанда 150000 солк. наҕараадаланна. Күрэх Саха сирин биир ураты, кэрэ айылҕалаах сиригэр ыытыллыбыта ураты суолталаах. Маннык күрэхтэр дойдуга туризмы, автоспорду сайыннарыыга улахан олук буолаллар.
Мира АФАНАСЬЕВА