Бүгүн дойдуга ТОС күнэ бэлиэтэнэр. 2016 сылллаахха Саха өрөспүүбүлүкэтигэр оройуон кииннэриттэн биир бастакынан Сунтаар нэһилиэгэр 4 ТОС тэриллибитэ. Бүгүҥҥү күн туругунан нэһилиэккэ “Сомоҕо”, “Абаҕа”, “Туску”, “Табыс” түөлбэлэр үлэлииллэр. Биллэн турар, ТОС-тар нэһилиэк олоҕор элбэх хамсааһыны, сайдыыны оҥороллор. Кинилэр көмөлөрүнэн түөлбэҕэ араас кэскиллээх үлэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Нэһилиэккэ түөлбэлэр күүстэринэн оҕо, успуорт былаһааккалара, искибиэрдэр оҥоһуллаллар, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо табыгастаах эйгэ тэриллэр. Ону таһынан, ыраастаныыга, хомунууга элбэх дьон кыттыһар буолла. Дьону көҕүлээн үлэлэтэргэ элбэх күүс, сэниэ баранар диэн түөлбэ салайааччылара санааларын этэллэр.
Билигин ТОС-тар бырайыактарын үбүлүүр сыалтан араас граннарга кыттан нэһилиэккэ, түөлбэҕэ эбии үп-харчы киллэрэн, социальнай бырайыактары олоххо киллэрэллэр. Ол иһигэр сылын аайы ыытыллар “Народный бюджет” оройуоннааҕы күрэххэ кыттан, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэтин өрөмүөннүүргэ көмө буолаллар. 2021 сыллаахха “Сомоҕо” түөлбэ успуорду көҕүлүүр тэрээһиннэргэ 535 тыһ.солк үбү тастан ылбыта, “Туску” түөлбэ 1123 мөл.солк граҥҥа кыайан Чохулаахха дьон сөбүлээн сынньанар сирин тупсарбыта, оҥорбута. Атын да араас кэскиллээх бырайыактары олоххо киллэрэллэр, киллэрэ да туруохтара. Онон ТОС-сүдү күүс!

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше