Тойбохойго учууталлар сэминээрдэрэ буолла

Арассыыйаҕа Педагог уонна Аҕа сүбэһит сылын чэрчитинэн сэтинньи 23 күнүгэр Г. Е. Бессонов аатынан Тойбохой орто оскуолатын базатыгар «Формирование читательской грамотности в контексте требований ФГОС в начальной школе» диэн практико-ориентированнай сэминээр буолан ааста. Сэминээргэ Сунтаар улууһун 27 педагога мустан, Тойбохой орто оскуолатын учууталларын аһаҕас уруоктарыгар, маастар-кылаастарыгар сырыттылар.
Оскуола эдэр учууталлара Нарыйаана Степанова, Анна Васильева, Сайыына Уарова Сайыына аҕа сүбэһиттэрин кытта ааҕыы грамотноһыгар уруоктары ыытан, биир идэлээхтэрин биһирэбиллэрин ыллылар. Ону таһынан уопуттаах учуутал Людмила Попова оскуола алын кылаастарын учууталларын «Сатабыллаах ааҕыы үөрүйэхтэрин иҥэрии» бырайыактарынан үлэлэрин уопутуттан кэпсээтэ. Ааҕыыга интэриэһи сайыннарар сыалтан олохтоох модульнай бибилэтиэкэни кытта сахалыы куукула театрын үлэтин туһунан учуутал Ангелина Потапова, бибилэтиэкэрдэр Елена Михайлова, Татьяна Митрофанова сырдаттылар. Учууталлар төгүрүк остуол тула олорон санаа атастаһан, ирэ-хоро кэпсэтэн тарҕастылар.

Валентина ВАСИЛЬЕВА,

Тойбохой орто оскуолатын дириэктэри үөрэтэр-иитэр үлэҕэ солбуйааччы.

Читайте дальше