Тойбохойго муҥхаҕа сырыттым

Сэтинньи ый буолла — муҥха саҕаланна. Сунтаарга бастакы муҥханы Маар Күɵлгэ, Аллыҥаҕа, Күндэйэҕэ, Хороҕо уонна Тойбохойго түһэрдилэр.

Тойбохойдор быйылгы бастакы муҥхаҕа олус тэрээһиннээхтик таҕыстылар. Күɵх Боллоҕу саҥыйахтаах алаадьынан күндүлээн икки муҥханы түһэрдилэр. Муҥха түһэр кэмигэр Сунтаартан Киимэ Павлов кэлэн мохсуо бырахтара оонньотто. Онтон отууга Тойбохой түмэлин далбар хотуттара миин буһаран, кулуһун тула итии чэйинэн күндүлээтилэр, ол кэннэ сэһэн сэппэн элбэҕэ.

Тойбохойдор сыл аайы бу курдук сомоҕолоһуу күнүн муҥханан бэлиэтииллэр. Муҥханы тэрийиигэ, эти-аһы булууга Владимир Уаров улахан кɵмɵ буолла. Муҥхаҕа аҕыс уонча киһи кэлэн кыттыһан саха сүрүн дьарыгын өрө тутта. Күөх Боллох көмүс хатырыктааҕыттан бэрсэн Эһэҕэлээх минньигэс соботун амсайдыбыт.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше