Алтынньы ый 1 күнүгэр Тойбохойдооҕу «Кыталык» култуура киинигэр алгыстаах алаадьынан, итии үүттээх чэйинэн аҕам саастаахтарын «Мин сааһым – мин баайым» диэн тэрээһиҥҥэ көрүстүлэр.
Олохтоох дьаһалта баһылыга С.В.Егоров аҕам саастаах дьоҥҥо баҕа санаатын тириэртэ. Бу бэлиэ күҥҥэ Педагогическай үлэ бэтэрээнигэр, РСФСР уонна СССР үөрэҕириитин туйгунугар, тыыл уонна үлэ бэтэрээнигэр, Тойбохой нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕугар Марфа Афанасьевна Григорьеваҕа Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо буолбутунан эҕэрдэлээтилэр. Маны тэҥэ, Сунтаар улууһун норуотун маастара уран тарбахтаах А.И.Иванова бэйэтин уһуйааччыларынаан уонна Л.А.Слепцова тэрээһин кыттыылаахтарыгар аналлаах маастар кылаас көрдөрдүлэр. Араас дьарык коллекционердар интэриэһинэй быыстапкалара мустубут дьон болҕомтотун тарта. Атыы — эргиэн тэрилиннэ. Ырыа куттаах «Дуораан»ансаамбыл эҕэрдэ ырыаларынан тэрээһини киэргэттилэр, сэргэхситтилэр. К.С.Тихонова бэйэтин холобурунан хайдах эти-хааны эрчийии туһунан сүбэтин үллэһиннэ. Үрүҥ халааттаах аанньаллар кэлэн хаан баттааһынын бэрэбиэркэлээтилэр.
Маннык тэрээһиҥҥэ аҕам саастаах ытык дьон бииргэ мустан үөлээннээхтэрин кытта көрсүһэн, истиҥник кэпсэтэн, ыллаан-туойан, сынньанан сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.
Тойбохойдор биир дойдулаахтара «Саха хомуһун үгэстэрин үйэтитии»бырайыак ааптара,СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа суруналыыстарын Саха сиринээҕи сойууһун чилиэнэ,»Үгэһи тутааччы» анал аат хаһаайына,
импровизатор хомусчут, Тойбохой нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо А.К.Никитина ыалдьыттаата. Тойбохойдооҕу кыраайы үөрэтэр түмэл,тэрилтэ салайааччыларын, уһуйааччылары кытта көрсөн Сунтаар улууһугар ыытыллар Хомус күнүн чэрчитинэн, Сунтаар улууһа аан дойдутааҕы хомус киинин филиала буолбуппутун сырдатта уонна инники былааннарын билиһиннэрдэ. Олохтоох бибилэтиэкэҕэ баай ис хоһоонноох кинигэлэри бэлэхтээтэ.
Надежда ПАВЛОВА «Кыталык» КК салайааччыта