Тимир суолунан таһаҕаһы тиэйии хонтуруолугар – Сунтаар кыыһа

Кэнники сылларга тимир суол өрөспүүбүлүкэбит тырааныспарга тиһигин биир сүрүн төрдө буолла диир толору кыахтаахпыт. «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньаҕа билиҥҥитэ элбэх саха ыччата үлэлиир. Бу сонун, кэскиллээх идэни баһылаабыт ыччаттар ортолоругар биһиги биир дойдулаахтарбыт – сунтаардар – баалларыттан, идэлэринэн үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан үөрэбит эрэ.
Биир оннук сонун идэни баһылаан, Амур-Саха сирэ магистраль ыстаансыйатыгар үлэлии сылдьар Сунтаар кыыһа Гея Федорованы кытта үлэ-хамнас туһунан кэпсэттибит.
– Гея Михайловна, бастаан бэйэҕин ааҕааччыларга билиһиннэрэ түһүөҥ дуо?
Мин Сунтаарга 1996 сыллаахха Федоровтар дьиэ кэргэттэригэр 3-с оҕонон күн сирин көрбүтүм. Оскуоланы 2014 сыллаахха бүтэрбитим. 10 саастаах уол оҕолоохпун.
– Хаһан, ханнык үөрэҕи бүтэрбиккиний? Тоҕо бу идэни талбыккыный?
Оскуола кэннэ бастаан авиационнайга эбэтэр железнодорожнайга туттарсыбыт киһи дуу диэн толкуйдуу сылдьыбытым. Онуоха ийэм халлааҥҥа көтө сылдьыаххынааҕар сиргэ сылдьыбытыҥ ордук диэбитин ылынан, Аллараа Бэстээххэ тырааныспар техникумугар тимир суол үөрэҕэ баарын билэн онно туттарсыбытым. Сирэй үөрэххэ (очнайга) баалым хапсыбатаҕа. Кэтэхтэн үөрэтэр отделение баар, онно туттарсаҕын дуо диэбиттэрин тута сөбүлэһэн, ити үөрэхпэр 2015 с. кэтэхтэн үөрэнэ киирбитим. Үөрэммит группам «организация перевозок и управление на транспорте (ж/д)» диэн. Тоҕо бу идэни талбыппын диир буоллахха, инникитин бу хайысха сайдар кэскиллээх дии саныырым. Билигин дьон олоҕо тупсарыгар, дойдубут сайдарыгар, атыы-эргиэн эҥин өттүнэн, туһалаах үлэни толорор эбиппит диэн үөрэ саныыбын.
– Билигин ханна үлэлиигин?
Мин билигин Аллараа Бэстээххэ тимир суол ыстаансыйатыгар үлэлиибин, Манна 2020 с. ахсынньытыгар үлэлии киирбитим. Дуоһунаһым “Приемосдатчик груза и багажа” диэн. Ыстаансыйабытыгар таһаҕаһы тутуу икки көрүҥэ баар: вагонунан уонна контейнерынан. Мин контейнернайга үлэлиибин.
– Үлэҕит сүрүн хайысхата тугуй?
Быһаарар буоллахха, контейнернай поездтары кытта үлэлиибит. Таһаҕастаах контейнердары массыыналарга тиэйэн килийиэннэргэ эбэтэр куоракка баар “Мархинка” диэн терминалга ыытабыт. Массыыналар аҕалбыт, сүөкэммит контейнердарын төттөрү вагоннарга тиэйэн ыыталыыбыт. Биһиги сүрүн сорукпут таһаҕас алдьаммакка кэлбитин көрүү-истии уонна поезд хамсааһына куттала суох буолуутун хонтуруоллааһын. Контейнеры вагоҥҥа тиэйии бэйэтэ туһунан уустуктардаах.
– Кэрэ аҥаардар бу эйгэҕэ үлэлииллэрэ уустуктаах дии саныыгын дуо?
Биһиги үлэбит таһырдьа буоларынан сибээстээн ыарахаттардаах. Кыһын -50 буоллун, сайын +35 итии буоллун – таһырдьа үлэлиибит. Онон манна тулуурдаах эрэ киһи үлэлиир дии саныыбын.
– Маннык сонун идэҕэ үөрэнэр, үлэлиир сунтаардары билэҕин дуо?
Мин билэрбинэн күтүөтүм эдьиийин уола Эдуард Торговкин үөрэнэ-үлэлии сылдьар. Кини үөрэҕин хайысхата «Техническая эксплуатация подвижного состава жележных дорог (локомотивы)» (ТЭПС(Л) диэн. Оттон Аллараа Бэстээх техникумугар үлэтин идэтэ – машинист көмөлөһөөччүтэ. Аллараа Бэстээхтээҕи тырааныспар техникумугар үөрэнэ сылдьан тимир суолга үлэлии киириэххэ сөп. Бииргэ төрөөбүт эдьиийим уола Аскольд Сергеев эмиэ убайын батыһан ити идэҕэ үөрэнэ сылдьар, быйыл 3-с куурус буолар.
– Кистэл буолбатах буоллаҕына, тимир көлө тырааныспарын үлэһитин хамнаһа хайдах эбитий?
Мин үлэм вахта ньыматынан: ый аҥаара үлэлиибин, ый аҥаара сынньанабын. Үлэлиир кэммитигэр тэрилтэбит босхо уопсай дьиэ биэрэр. 15-16 күҥҥэ хамнаспыт 100 тыһ. солк. кыччаабат. Дэҥ кэриэтэ эрэ арыый кыра буолааччы.
– Бу хайысхаҕа үөрэнэ барыан баҕарар ыччакка тугу сүбэлиэҥ этэй?
Тимир суолга сыһыаннаах идэни баһылыан баҕарар ыччакка сүбэм диэн: күүстээх санаалаах буоллуннар, дьулуурдаах буоллахха ханнык баҕарар идэни баһылыахха, хайа баҕарар үлэни кыайа тутуохха сөп дии саныыбын. Биллэн турар, биһиги үлэбит, хас биирдии үлэ курдук, бэйэтэ туһунан ыарахаттардаах. Манна диэн эттэххэ, инникитин сайдар кэскиллээх идэни баһылыыр туох куһаҕаннаах буолуой.
– Гея, истиҥ кэпсэтииҥ иһин барҕа махтал буоллун! Үлэҕэр-хамнаскар ситиһиилэри!

Марфа ИВАНОВА