«Төрүт үгэһи тутуһар дьиэ кэргэн» быыстапката

2024 сыл дойдубутугар — Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла биллэриллэн, бу сыл дьиэ кэргэн сыаннастарын үрдэтэргэ, бигэ туруктаах ыал ахсаанын элбэтэргэ, олохпут тутула тупсарыгар туһуламмыта. Саха сиригэр Оҕо саас сыла биллэриллэн, оҕо сайдыыта, доруобуйата, үөрэҕэ, ситиһиитэ барыта хабыллан араас тэрээһиннэр ыытылыннылар.

Бу бэлиэ сылга туһуламмыт тэрээһин — «Төрүт үгэһи тутуһар дьиэ кэргэн» диэн аатынан талба талааннаах Анастасия, Александр Поротовтар дьиэ кэргэнинэн араас хайысхаҕа дьарыктарын, сатабылларын көрдөрөр быыстапка С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан Элгээйитээҕи фольклор түмэлигэр аһылынна. Быыстапкаҕа турбут 141 үлэ дьиэ кэргэн айар дьоҕур биһигэ буоларын туоһулуур. Уран тарбах талаана удьуордаан бэриллэн, айар-тутар дьиэ кэргэн быыстапката киһини эрэ сөхтөрөр. Чахчы талаан, ураты дьарык, сатабыл. Былыр-былыргыттан ханна да тиийдэххэ аартык ааттаах, суол сурахтаах, түөлбэ төрүттээх, төрүт мааны дьонноох.

Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Александр Николаевич:
Бүтэй Бүлүү кытылыгар,
Арыы-сүөгэй далбардаах
Аҥаат-муҥаат алааһыгар
Айыллан үөскээбит,
Элгээйи Эбэбит
Иэйиэхситтээх эҥэригэр
Эһинньэхтээн эйээрбит,
Уус эһэтин талаана бэриллэн
Удьуор утумун салҕааччы буолбут.

Дьиэ кэргэн истиҥ иһирэх ийэтэ Анастасия Алексеевна:
Көрдөөх ырыа дьиэрэйэр,
Көхтөөх үлэ ньиргийэр,
Күөрэгэй ыллыыр хонуулаах,
Күн күлүмнүү оонньуур
Күннээх Күндэйэҕэ
Уон оҕолоох Трофяновтарга
Кыыс оҕо буолан
Күн сирин көрбүт.
Уран тарбах талаана
Удьуордаан бэриллибит.

Анастасия, Александр харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн 2005 сыллаахха холбоһон, Поротовтар дьиэ кэргэн холумтаннарын уота күөдьүйбүтэ. Икки кыыс, икки уол төрөппүттэрэ. Илиилэригэр талааннаах, тэҥ интэриэстээх дьиэ кэргэн биир сүбэнэн айаллар-туталлар, оҕолорун уһуйаллар. Кыргыттар Вилена, Лилияна – устудьуоннар. Уолаттар Айнуран 4-с кылаас үөрэнээччитэ, Дамир – уһуйаан иитиллээчитэ. Оҕолор, төрөппүттэрин талаана бэриллэн, эмиэ айаллар-туталлар, араас таһымнаах күрэстэргэ, куоҥкурустарга кытталлар.

Анастасия Алексеевна, Александр Николаевич иккиэн Элгээйитээҕи оҕо искусствотын оскуолатын уруһуй салаатын преподавателлэрэ, Александр Николаевич – тэрилтэ салайааччыта. Поротовтар түбүктээх үлэнэн эрэ муҥурдаммакка, үүммүт үйэни кытта тэҥҥэ хаамар, айар куттаах, ураты дьарыктаах учуутал дьиэ кэргэн буолаллар. Улууска, өрөспүүблүкэҕэ ыытыллыбыт дьиэ кэргэн куоҥкурустарыгар, нэһилиэк бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлар. Иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн үлэттэн дуоһуйууну ылаллар. Икки өттүттэн айдарыылаах дьонтон төрөөбүт буоланнар, барыны сатыыллар, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэр.

Өбүгэ саҕаттан кэлбит үтүө үгэстэри иҥэринэн ийэ киһи кыргыттарын иискэ, кэрэҕэ сирдиир. Айылҕаҕа сылдьыы суруллубатах сокуонун, сиэрин-туомун тутуһан ыал аҕата бары сатабылыгар уолаттарын уһуйар. Баай Барыылаах Байанайга сүгүрүйэн быыстапка сэтинньи ыйга турда.

Поротовтар дьиэ кэргэн таба, тайах, чубуку, мамонт муоһуттан айан-оҥорон таһаарбыт кэрэ симэхтэрин оҕо искусствотын преподавателлэрэ кэтэн дефилелээн көрөөччү сүргэтин көтөхтүлэр.

Олоҥхоҕо этиллэринии…
Илин-кэлин кэбиһэрин
Илбиргэстээх симэҕэ
Илибирии-дьиримнии түстэ, кылдьыытын симэҕэ
Кыыгыныы-кылыгырыы түстэ.

Элгээйибит ытык-мааны сирин-уотун сириэдитэр, чэчирэтэр, чэлгитэр мындыр, талааннаах дьиэ кэргэнэ Анастасия, Александр Поротовтар дьоро күннэрин үллэстээри кэлбит ыалдьыттар ис сүрэхтэн тахсар эҕэрдэлэрин эттилэр.

Өбүгэ үгэһин, сиэрин-туомун тутуһар бигэ тирэхтээх дьиэ кэргэн быыстапката сэтинньи 23 күнүгэр диэри туруоҕа. Талба талааннаах Анастасия, Александр Поротовтар дьиэ кэргэн айымньылаах үлэлэрэ сырдыгынан сыдьаайан сайда-үүнэ турдун!

Ксения СЕМЕНОВА, түмэл салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна.

Читайте дальше