Бэҕэһээ террористическай дьайыыны утары  үөрэх  Сунтаардааҕы технологическай колледжка буолла. Анал сорудаҕынан коллежка автоматтаах икки киһи киирэ сатаабытыгар суһал сигнал киирэн, Росгвардия сотрудниктара түргэн дьайыыны оҥорон бу икки «террориһы» туттулар. Бу үөрэххэ кыттыахтаах  үлэһиттэр бары бэйэлэрин анал сорудахтарын сөпкө, бириэмэтигэр толордулар.

Маны сэргэ бу күн маннык үөрэх  Сунтаар 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа ыытылынна. Оскуола кэлэктиибэ, оҕолор маннык балаһыанньаҕа хайдах дьаһаныахтаахтарын, туох хамсаныыны оҥоруохтаахтарын билэллэр диэн тэрийээччилэр сыаналаатылар. Бу дьаһал улуустааҕы үөрэҕирии уонна 2-с №-дээх оскуола салалталара тэрийиилэринэн ыытылынна.

Бу икки үөрэххэ Росгвардия, полиция сотрудниктара, баһаарынай, «Суһал көмө» сулууспалара түргэн туттунуулаахтара көһүннэ.

 

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше