Күөллэр, үрэхтэр тураннар, билигин дьон үксэ муус ылыытын үгэнигэр түбүгүрэр.
Ол курдук, Арыылаах нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн, нэһилиэк тэрилтэлэрин эр дьоно анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар дьонноругар, итиэннэ аҕам саастаах ытык кырдьаҕастарга муус ылан көмөлөстүлэр.
Бу курдук эр дьон күргүөмүнэн түмсэн, биир күнү туһалаахтык атаардылар. Олохтоохтор үөрүүлэрэ үксээн, тэрилтэ салайааччыларыгар, үлэһит эр дьоҥҥо муҥура суох махталларын биллэрдилэр.
Арыылаах нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата