Алтынньы 31 күнүгэр Сунтаардааҕы гимназияҕа төрүт тылы оҕолорго киэҥник тарҕатар сыаллаах Оҕо дьоҕурун сайыннарар Киин, Сунтаардааҕы гимназия тэрээһиннэринэн «Айымньылаах Ийэ тыл» диэн Сунтаар улууһун оскуолаларын оҕолорун (7-11-с кылаастар) көрсүһүүтэ буолла. Бу тэрээһин Сунтаар улууһугар Төрөөбүт төрүт тыл сылын чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэнээччилэр уопсастыбаннай «Күн” оҕо түмсүүтүн өйүүр уонна үтүө холобуру туһанан бэйэбит улууспутугар тэрийэр сыаллаах тэрилиннэ.
Тэрээһин аһыллыытыгар гимназия аактабай саалатыгар «Айымньылаах Ийэ тыл» бырайыагы билиһиннэрии, төрөөбүт тыл туһунан аһаҕас кэпсэтии буолла. Улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Гаврил Еремеев, Сунтаардааҕы үөрэҕирии салалтатын салайааччы Альберт Иванов, Сунтаардааҕы гимназия дириэктэрэ Любовь Евсеева, үөрэҕирии салалтатын сүрүннүүр испсиэлииһэ Татьяна Жиркова, Оҕо дьоҕурун сайыннарар киинтэн эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагог Августина Попова уонна организатор-педагог Айна Яковлева саха тылын өрө тутааччы мустубут дьону эҕэрдэлээн тыл эттилэр, оҕолорго сүбэ-соргу биэрдилэр. Салгыы бүгүҥҥү күҥҥэ ыараханы көрсөр төрүт тылбытын сөргүтэргэ, кэнчээри ыччаты төрөөбүт тылыгар төнүннэрэргэ туох үлэ барыан сөбүн анаарар, торумнуур үлэ буолла. Барыта 7 үөрэх тэрилтэтиттэн кэлбит төрүт тылларын өрө тутар үөрэнээччилэр 5 хамаандаҕа арахсан бырайыактары толкуйдаатылар. Бэриллибит кэмҥэ торумнаммыт бырайыактарын хамаанданан көмүскээтилэр.
Бырайыактары көмүскээһин кэмигэр истэн олорооччулартан элбэх ыйытыы киирдэ. Биир да ыйытыы хоруйа суох хаалбакка, оҕолор чобуотук, ылыннарыылаахтык хоруйдаабыттара бэрт сэргэхтик иһилиннэ. Маны таһынан тэрээһин түһүмэхтэрин быыһыгар хас да сиринэн оҕолору билиһиннэрэр, аралдьытар оонньуулар табыллан ыытылыннылар.
Тиһэҕэр бырайыактар түмүктэринэн педагогтар хамыыһыйалара маннык ис хоһоонноох резолюцияны ылынна:
Төрөөбүт тылбытын чөлүгэр түһэрэр, тарҕатар сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй тэрийбит “Күн” хамсааһыны өйөөн, кини үлэтигэр кыттыһарга, улууска хамсааһыны тэрийэргэ биир санааны ылынна.Хамсааһын улууска таһаарыылаахтык үлэлиирин туһугар хас биирдии оскуолаҕа үөрэнээччилэри көҕүлүүр бөлөх тэриллэрин ситиһэргэ. Педагогтар бу хамсааһын улууска сайдарыгар үөрэнээччилэрин кытта түмсэн биир санаанан үлэлииллэрин көҕүлүүргэ. Тэрээһиҥҥэ киирбит бырайыактарга олоҕуран, саха тыла сайдарыгар бу үөрэх дьылыгар үлэ торумун оҥорорго. Төрүт тылбыт айымньылаахтык сайдарыгар улуус литературнай түмсүүлэрэ оскуола оҕолору кытта холбоһуктаах араас тэрээһиннэрин сүрүннүүргэ. Бу хамсааһыҥҥа бары үөрэх тэрилтэлэрин киллэрэр соруктаах бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кыттыбыт үөрэнээччилэртэн уонна педегогтартан улууска көҕүлүүр бөлөҕү тэрийэргэ. Ахсынньы ыйга “Сир уустара” лааҕырга төрөөбүт тылга аналлаах лааҕыр күннэрин тэрийэргэ уо.д.а. хайысхаларга быһаарыылар этилиннилэр. Бу быһаарыы туолуутун сүрүннүүргэ Сунтаардааҕы Оҕо дьоҕурун сайыннарар киини, улуус үөрэҕириитин салалтатын эбээһинэстээтилэр.
Бу курдук төрүт тылбытын чөлүгэр түһэрэргэ оскуола оҕолоро кыттыылаах улахан суолталаах дьоһун тэрээһин бэрт сэргэхтик ыытылынна. Дьоһун инникилээх бырайыак ааптардарын ааттыыр буоллахха, сүрүннээччи – Августина Попова, Н.М. Родионова аатынан Сунтаардааҕы Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин педагога, Алена Сергеева, үрдүкү категориялаах музыка учуутала, сүрүннүүр методист, Наталья Степанова, үрдүкү категориялаах саха тылын уонна литературатын учуутала, «Айыы оҕолоро» тыйаатыр студиятын салайааччы, Акулина Иванова, үрдүкү категориялаах саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, Сайаана Васильева, «Айыы оҕолоро» тыйаатыр студиятын салайааччы,Радомир Сергеев, «Саха» НКИХ оператора.
Тэрээһин кыттыылаахтара санааларын маннык үллэстэллэр:
Георгий Николаев, Арыылаах орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Бырайыагы оҥорууну ыарырҕаппатыбыт. Биһиэхэ биэрбит сорудахтарынан хамаанданан бырайыак оҥордубут. Биһиги хамаандабытын “Ситим” диэн ааттаатыбыт. Хамаандабытыгар түөртпүт: Айта, Никита, Айаан уонна мин. Маннык сахабыт тылын туһугар тэрээһиннэр ыытыллаллара үчүгэй. Билигин үгүс дьон нууччалыы тылынан саҥарар буолла. Ордук кыра оҕолор. Күнү быһа төлөпүөҥҥэ олорор буоланнар нууччалыы кэпсэтэп буолбуттар. Сөбүлүүр блогердарыгар эҥин майгынныы сатааннар дуу, хайдах дуу… Оҕолорго саха тылларын үчүгэйдик билэллэрин курдук маннык тэрээһиннэри ыытыахха наада. Бырайыакпытыгар хайдах гынан оҕону сахалыы саҥардыахха сөбүн, саха тыла тухха наадатын киллэрдибит. Оҕолору сахалыы саҥаҕа кыра эрдэхтэриттэн угуйарга төрөппүттэрэ ону ылсыахтарын наада уонна сахалыы кинигэлэри ааҕыахтаахтар. Дьоннорун кытта сахалыы кэпсэтиэхтээхтэр. Оскуолаҕа саха тылын уруогугар элбэх чаас бэриллиэхтээх дии саныыбын.
Арылхан Лукин, Сунтаардааҕы гимназия 9-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Саха тылынан киэн туттарга диэн тэрээһин бара турар. Быйыл улууспутугар Төрөөбүт төрүт тыл сыла. Билигин оҕо үксэ нууччалыы саҥарар буолла.
Сайаана Попова, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Бырайыакыпытын оҕолорго туһаайан оҥордубут. Тоҕо диэтэххэ, инники кэскилбит барыта оҕоттон саҕаланар. Ол иһин тэрээһиннэри оскуолаҕа оҥоруохха наада диэн киллэрдибит. Холобур перемена кэмигэр саха култууратын үөрэтэргэ сахалыы тыллаах кылгас киинэлэри эҥин көрдөрүөххэ сөп. Маны таһынан лааҕыр тэрийиэххэ сөп дии санаатыбыт. Учууталлар, холобур, кэтээн көрө сылдьаллар, ордук ханнык оҕолор нууччалыы иитиилээхтэрин, сахалыы саҥарары ыарырҕаталларын. Оннук оҕолору сыымайдаан, мунньан баран ол лааҕырга саха култууратын иҥэрэр курдук.
Лилия Андреева, Сунтаардааҕы гимназия 10-с кылааһа:
– “Саха тылын сайдар саҕахтара” диэн бырайыак оҥордубут. Биһиги хамаандабыт аата “Ситис”. Оҕолор улахан аҥаардара нууччаллыы тылынан алтыһаллар. Саха тыла сайдарыгар маннык тэрээһиннэр буолаллара наадалаах. Хамаандабыт “смешаннай” буолбута үчүгэй. Атын оҕолору кытта билсистибит. Атын-атын оскуолалартан кэлбит оҕолору кытта уопсай бырайыак оҥорбуппут интэриэһинэй буолла дии санаатым.
Юлианна Леонтьева, Тойбохой орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ.
– Биһиги ааппыт “Дьулуур” диэн. Хамаандабытыгар түөрпүт: Тойбохойтон Агния, Саша, мин уонна Илимнииртэн Саймира. Сыалбыт-сорукпут төрөөбүт тылбыт сайдар саҕахтарын торумнааһын диэн. Саха тыла сүтүөх курдук. Ол иһин бу бырайыагы оҥордубут. Маннык тэрээһиннэр буолаллара үчүгэй, элбэх оҕону кытта билсистибит.
Ванесса Максимова, Кириэстээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ.
– Сахабыт тылын сайыннарарга бырайыак оҥорооһунугар кытта кэллибит, араас нэһилиэктэн. Бырайыакпыт аата “Сайда тур, сахам тыла!” диэн буолар. Маннык тэрээһиннэр элбэхтэ буолаллара үчүгэй. Араас сиртэн кэлбит оҕолор уопуттарын, саха тылынан төһө саҥаралларын, санааларын үллэстэллэр.
Марфа ИВАНОВА