Тэҥкэттэн төрүттээхтэр көрсүһүүлэрэ

Дьокуускай куоракка Тэҥкэ нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ бастакытын түмсэн,  «Төрүт дойдубут  – Тэҥкэ» кинигэ сүрэхтэниитэ, сылы түмүктүүр «Төрөөбүт дойду ахтылаҕана» диэн тэрээһин буолан ааста. Бу күн Сунтаар улууһуттан төрүттээх, Тэҥкэҕэ үлэлээн ааспыт үтүө дьон кэлэн ыалдьыттаатылар. Ол курдук, ытык кырдьаҕаспыт Петр Яковлев, өр кэмҥэ учууталлаабыт  Галина Иванова,  Елизавета Николаевна, ХИФУ преподавателлэрэ Елена Тотонова, Александр Николаев, СӨ бэтэринэриийэтин департаменын салайааччыта Петр Петров, өр кэмҥэ Ил Түмэн дьокутаатынан үлэлээбит Александр Сергеевич кэргэнинээн Лидия Кирилловна Уаровтар, СӨ архивыттан Наталья Степанова,  Өлүөхүмэи1-Нөөрүктээйи түмсүүтүн салайааччыта Наталья Иннкокентьевна, суруйааччы Саргылана Гольдерова-Саргы Куо о.д.а. үөрүүбүтүн үллэстэн, ыалдьыт буолан сырыттылар.

Тэҥкэ сирин туһунан быыстапка, «Саха» НКИХ, хаһыакка көстүбүт, бэчээттэммит биэриилэр, сонуннар, үлэлэр, дойдуларын айылҕатын, биир дойдулаахтарын көрөннөр ыалдьыттарбыт дуоһуйа астына, ахтан-санаан аастылар, иһирэх эҕэрдэлэрин тириэртилэр.

Быйылгы сыл Арассыыйаҕа Учуутал уонна Аҕа сүбэһит, өрөспүүбүлүкэбитигэр Үлэ сыла бу тэрээһини кытта ситимнэннэ. Ытыктыыр учууталбытыгар Галина Гаврильевнаҕа, ону тэҥэ биир дойдулаахпыт Галина Федотовнаҕа «Нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо » анал бэлиэлэр туттарылыннылар. Тэҥкэҕэ бииргэ алтыспыт дьүөгэлэрэ, үөрэппит оҕолоро учууталларга анаан сибэкки дьөрбөтүн бэлэхтээтилэр.

Тэҥкэ эдэр ыччата араас үлэҕэ үлэлээн, бэйэлэрин холобурдарынан кэрэҕэ сирдииллэр. Олортон биир ыччаппыт Ньургун Индеев оҕо эрдэҕиттэн үҥкүүнэн дьарыктанан, билигин Дьокуускай араас үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр устудьуоннары түмэн,  үҥкүү ансаамбылын тэрийэн, араас бэстибээл, күрэс лауреттара, дипломаннара буолан үөрдэллэр. Биһиги кыра нэһилиэктэн тахсыбыт талааннаах  ыччаппытыгар «Тэҥкэ нэһилиэгэр социальнай-экономическэй кылаатын иһин» анал бэлиэнэн наҕараадалаатыбыт.

Тэҥкэттэн тахсыбыт учуонайдар, алмаас кырыылааччылар, худуоһунньуктар, суруйааччылар, сэдэх талааннаах дьон манна бааллар эбит.

Хас биирдии кэлбит ыалдьыттарга дойдубут аһын-үөлүн (үрүҥ ас, эт,балык, булт аһа)  бэлэхтээтибит. Сандалы остуол тэрийэн чэйдэттибит. Кэлбит дьоммут илии тутуурдаах, өттүк харалаах баран  үөрүүлэрэ үксээтэ, махталлара улаатта.

Тэрээһини Ольга Захаровалыын иккиэн ыыттыбыт. Нэһилиэк олохтоохторо ас арааһын астаан, тыа сирин дэлэгэй аһынан күндүлээн бэлэх бэлэмнээн, Дьокуускайга тэрийсибит, көмөлөспүт бука бары дьоммутугар дириҥ махталбытын тириэрдэбит!

Кэлэн иһэр саргылаах Саҥа дьылга бары кэрэни, чэгиэн доруобуйаны, туруктаах буолууну, байылыат олоҕу баҕарабыт!

 

Махталы кытта, Светлана ИГНАТЬЕВА

Читайте дальше