Быйыл анал федеральнай бырагыраамаҕа киирэн, Тэҥкэ нэһилиэгэр муус устар 25 күнүгэр МТС, МегаФон, Йота сибээс оператора Ростелеком нөҥүө холбонно.
Бу иннинэ былырыын Теле-2 сибээс киирбитэ. Саҥа сайдыы сүүрээнигэр киирэн, олохтоох дьоҥҥо босхо сим-карталары түҥэтии буолла.
Онон Тэҥкэҕэ 4 араас сибээс өҥөтө олохтонно, үөрүүбүт муҥура суох. Ростелеком үлэһиттэригэр, оператордарга улахан махталбытын тириэрдэбит.
Светлана ИГНАТЬЕВА