Тэҥкэҕэ быйыл Ыччат сыла биллэрилиннэ

Кулун тутар 2 күнүгэр Тэҥкэҕэ 2023 сылы түмүктүүр уонна быйылгы Арассыыйаҕа — Дьиэ кэргэн,  Саха сиригэр — Оҕо саас сыла, Сунтаарга — Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылларын арыйыы тэрээһин ыытылынна.

2023 сылы түмүктээн, нэһилиэккэ бастыҥ үлэһит дьонун Саргылана Кириллинаҕа, Павел Игнатьевка, Станислав Тихоновка уонна тэрилтэ бастыҥ үлэһиттэрин Сахая Яковлеваҕа, Федор Поповка анал бэлиэлэри, махтал суруктары туттардыбыт. Ону тэҥэ,  үбүлүөйдээх сылларын бэлиэтээбит дьиэ кэргэҥҥэ эҕэрдэ суруктар туттарылыннылар.

Быйылгы сылы көрсө кырачаан оҕолорбут ырыа ыллаан, ыччат дьон вальс, флешмоб үҥкүүнэн, аҕам саастаахтар сахалыы тиктибит таҥастарын көрдөрдүлэр.

Бу сылы Тэҥкэбитигэр Ыччат сылынан биллэрдибит, манна анал бэлиэ оҥоһулунна. Ыччат дьоммут араас саҥа сүүрээни киллэриэхтэрэ, нэһилиэк сайдыытыгар үлэлиэхтэрэ.

Хас биирдии кэлбит дьоҥҥо минньигэс сибэкки дьөрбөтүн, дьаһалта анал халандаарын, кырачааннарга минньигэс ас, нэһилиэк аҕам саастаахтарыгар, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар төрөппүттэригэр анаан  Анатолий Кириллин  фермерскэй хаһаайыстыбата үүт, сүөгэй биэрэн күндүлээтэ. Тэҥкэҕэ олорор саастаах дьоммутугар «Сунтаар сонуннара», оҕолоох ыалга «Кэскил» хаһыакка сылы быһа босхо сурутууга олохтоох дьаһалта көҕүлээтэ. Нэһилиэк иһинэн «Ситим» диэн хаһыат кыбаарталга биирдэ тахсыытын оҥорорго былаан баар.

Бары да соһуччу бэлэх ылан үөрдүлэр, алгыстарын анаатылар.

Инникигэ сайдар кэскиллээх, саҥа бырайыактары, дьиэ кэргэн туруктаах буолуутун, үлэһит дьоҥҥо болҕомто уурулларын о.д.а.үлэлэр ыытыллалларыгар ыччат дьоммут, аҕам саастаахтар, нэһилиэк бары олохтоохторо Арассыыйаҕа ыытыллар президент быыбарыгар биир санаанан бары кытталларын биллэрдилэр.

Светлана ИГНАТЬЕВА

Читайте дальше