Атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи от сводкатыттан көрдөххө, улууспутугар 10052 т оттонон, быйылгы от былааныттан 29,6 бырыһыанын толоруллубут. Оттон былырыын баччаларга 9776 т бэлэмнэммит. Онон тэтиммитинэн былырыыҥҥыттан арыый  түргэн эбиппит. Бу күннээҕи туругунан ходуһаҕа 12082 туонна от охсуллан сытар.
Оттон нэһилиэктэргэ турук хайдаҕый? Ол курдук,  аллыҥалар былааннарыттан 70,5 бырыһыанын оттообуттар. Ол эбэтэр, 810 туонна оту чөкөппүттэр, охсуллан сытар отторо эмиэ добуочча эбит. Оттон былааннарын санатар буоллахха, 1150 туоннаны бэлэмниэхтээхтэр.  Былырыын баччаҕа 427 туонна оттоох эбиттэр.  Бүлүүчээн отчуттара 700 туонна сорудахтаахтарыттан 410 т оттонон былааннарын аҥаарын толорбуттар. Бу көрдөрүү былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ быдан элбэх (70 т). Өссө да ходуһаҕа охсуллан сытар отторо – 480 туонна. 1700 т оту бэлэмниир сорудахтаах Дьаархан нэһилиэгин отчуттара 849 туонна оту кэбиһэн, былааннарын 49,9 бырыһыан толорбуттар. Оттон былырыын баччаларга 635 туонна оттоммуттар. Былааннара да кыра, сүөһүлэрин ахсаана да аҕыйах  устьелар эмиэ бэриллибит сорудахтарын 55 бырыһыан толорбуттар.
Атын нэһилиэктэр кэбиһиллибит отторун туоннатыттан көрдөххө, былааннарыттан хаалан иһэллэр. Ол эрээри ходуһаҕа охсуллубутунан сытар отторун хомуйдахтарына үлэ түмүгэ да үчүгэйи көрдөрүө турдаҕа.
Бу хаалбыт үтүө күннэри баттаһа тэтими түргэтэтэн биэриҥ.
Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше