Төһө да ыраах олордорбут…

Бу 2023 сылга Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сыла туолла диэн үгүс сирдэргэ араас тэрээһиннэр бөҕө ыытылла тураллар.

Онно даҕатан, мин бэйэм төһө да успуортан тэйиччи соҕус киһи буолларбын, биһиэхэ, Сунтаарга даҕаны олоҥхоҕо хоһуйулларыныы ала холорук курдук күөх мөҥүөн халлааны күөнүнэн көҥү анньан күлүмнэтэр кус быһый сүүрүк бэртэрэ, аҕыс хара маҥаас атыыр оҕус харсан хачыгыратыһан эрэллэрин курдук ат бөҕө хабараан хапсаҕайдьыттар, томтор сири тобулу тэбинэн, ириэнэх сири ибили үктээн ойон кыыралдьытар быһый бастыҥнара бааллара аҕай диибин.

Мин бу бэлиэтээһиммэр сүнньүнэн ол сүүс сыл иһигэр биллэн-көстөн ааспыт бастыҥнарбытын бэйэм төһө билэрбинэнн ахтан ааһа сатыам.

Тустууга ситиһиилэр

 Саха омукка бастакы нүөмэрдээх успуорт көрүҥүнэн буолбут көҥүл тустуунан аан бастаан дьарыктаныыны Сунтаарга 1955 сыллаахха физкультура учуутала Семен Зедгенидзев саҕалаабыта биллэр. Эдэригэр успуорт үгүс көрүҥүнэн тэҥҥэ дьарыктаммыт дэгиттэр спортсмен Семен Александрович билигин ол дьарыктаммыт спордун  өҥөлөрүнэн арчыланан 94 сааһыгар Дьокуускай куоракка олорор. Кинини кытта сэргэ тустууну оройуоҥҥа Степан Сон, Николай Сафонов дьарыктаан барбыттара. 1957 сыллаахха ыытыллыбыт көҥүл тустууга Саха сирин иккис чемпионатыгар 52 кг ыйааһыҥҥа Семен Зедгенидзев, 97 кг үөһээ Владимир Кастерин Сунтаартан аан бастаан өрөспүүбүлүкэ чомпүйүөннэрэ буолан, тустуу улахан суолун арыйбыттара. Онтон сыыйа көҥүл тустууга Саха сириттэн бастакы маастардар Олоҥхо дойдута Сунтаар сириттэн эмиэ үүнэн-сайдан, ситэн-хотон сириэдийэн тахсыталаан барбыттара. Ол курдук, Алкивиад Иванов 52 кг ыйааһыҥҥа 1964, 1967 сылларга, Альберт Захаров 63 кг 1964, Петр Попов 70 кг 1965 сыллаахха уонна Николай Яковлев 57 кг 1991 сыллаахха Арассыыйа чөмпүйүөннэринэн буолан төрөөбүт Сунтаардарын аатын үрдүк чыпчаалга таһаарбыттара. Кэлин да ситиһиилэр кэлэн испиттэрэ. Ол курдук, Күндэйэ уола Максим Аммосов 1980 сыллаахха Украина Львов куоратыгар 65 кг ыйааһыҥҥа Сэбиэскэй Сойуус чөмпүйүөнэ буолбута. 1976 сыллааҕы Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара Александр Иванов Сунтаар оройуонун Чуона нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Тустуутун чаҕылхай суола Сунтаартан саҕаламмыта.

Билигин икки тустуу (хапсаҕай, көҥүл тустуу) маастара Николай Данилов сүрүн тириэньэрдээх, эмиэ икки тустуу маастара Семен Павлов улуус  успуордун салайааччылаах, улууспут баһылыга Анатолий Григорьев федерация бэрэссэдээтэллээх Сунтаар тустууктара өрөспүүбүлүкэҕэ үчүгэй ахсааҥҥа сылдьаллар. Өрөспүүбүлүкэ тустуутун салайааччылара Сунтаар тустууга оскуолата туспа суоллаах-иистээх диэн үрдүк сыанабылы биэрэллэрэ истиэххэ үчүгэй. Билигин улаханнык саҥарбаппыт эрээри, өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа инники күөҥҥэ сылдьар Лев Павловпытыгар эрэлбит улахан.

Хапсаҕайга биһиги Сунтаарбыт улууһугар эмиэ араас номоххо киирбит хапсаҕайдьыттар бааллара аҕай. Кинилэр ааттарыгар барыларыгар даҕаны хайаан даҕаны «күүстээх» диэн тыл сыһыарыылаах буолар эбит. Олортон сорохторун эрэ ааттаталыы түстэххэ: Бөҕө Мөтөөс (Никифор Кириллин, Кутана), Күүстээх Хоруонап (Кирииһэ Громов, Элгээйи), Күүстээх Моччолбо, Күүстээх Сахаарап (Хадан), Күүстээх Сантаев (Хадан), Күүстээх Күүрүнэп (Күндэйэ), Күүстээх Ньукулаайап (Кутана), Күүстээх Бөчөөхөп (Хадан), Күүстээх Онтуоска (Элгээйи) о.д.а.

Билиҥҥи туругунан хапсаҕайдьыттарбыт ситиһиилэрэ сэмэй соҕус диэххэ сөп. Ол курдук, 1969 сыллаахха Манчаары иккис Спартакиадатыгар (оччолорго итинник ааттанара) биһиги Лука Ивановпут 80 кг ыйааһыҥҥа Ньурба ньургуна Савва Григорьев кэнниттэн иккис буолан баран, Спартакиада муҥутуур кыайыылааҕын быһаарсыыга утарсааччыларын барыларын охтортоон Аар Дархан аатын ылбыта. Лука Петрович хапсаҕайга бу үрдүк ситиһиитэ үйэ аҥарыттан ордук кэмҥэ хатылана илигэ дьэ, хомолтолоох.

Бокса, кикбоксинг – хорсуттар успуортара

Биһиги улууспутугар оччотооҕу өйдөбүлүнэн хорсуттар, кыахтаахтар эрэ эрчиллэр (кырдьыга да оннук буоллаҕа) бокса бастакы секцията 1959 сыллаахха Гаврил Сыромятников салалтатынан Сиэйэттэн саҕаламмыта. Онтон ыла Сунтаар боксердара өрөспүүбүлүкэҕэ баардарын биллэрэн барбыттара. Сунтаар сириттэн боксаҕа ССРС успуордун маастарын бастакынан Хадантан төрүттээх Николай Сантаев толорбута. Боксердарбыт бастакы үрдүк ситиһиилэринэн 1967 сыллааха буолбут Саха сирин бэһис Спартакиадатыгар Сунтаар улахан дьонун хамаандата бэһис миэстэ буолуута буолбута. Манна Анатолий Степанов, Абдуркулла Иванов үһүс буолбуттара. Оттон кэлин биллиилээх боксер, тириэньэр буолбут Василий Ананьев бэһис төгүлүн чөмпүйүөннээн дьонун-сэргэтин үөрдүбүтэ, сөхтөрбүтэ. Билиҥҥи Сунтаар боксердара Арассыыйа таһымнаах араас күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кытталларын үөрэ истэбит.

Сунтаарга боксаны төрүттээбит тириэньэринэн Гаврил Сыромятников эбит буоллаҕына, кини суолун салҕаан Сунтаар боксердарын, кикбоксердарын аан дойду таһымыгар таһаарбыт тириэньэринэн Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тириэньэрэ Анатолий Афанасьев буолар. Кини эрчийбит кыргыттара Оксана Васильева, Мария Кривошапкина уонна Лидия Андреева саха кыргыттарыттан бастакынан Арассыыйа успуордун үтүөлээх маастардара буолбуттара. Кинилэр бэйэлэрин кэмнэригэр Арассыыйаҕа, Европаҕа аан дойдуга даҕаны аҥардастыы аатырбыттара Оттон Арассыыйа успуордун норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастара Александр Сидоров бастакы эрчиллиитин Анатолий Афанасьевка ааспыта.

             Мас тардыһыыта «биһиэнэ» этэ

 Былыргы өбүгэлэрбит сөбүлээн  оонньуур мас тардыһыылара ааспыт үйэ 60-70-с сылларыгар успуорт көрүҥүн быһыытынан сүтэ,симэлийэ сыспыт кэмнэрдээҕэ. Оччолорго биһиги биир дойдулаахпыт Виктор Николаев-Хотой Бииктэр СГУ-га үөрэнэр табаарыстарыныын мас тардыһыытын хос, саҥалыы тыыннаан сөргүппүттэрэ биллэр. Ол иһин мас тардыһыытын сэргээн, сөбүлээн көрөр дьон биһиги уолбутун Виктор Николаевы мас тардыһыытын «аҕатынан» ааттаабыттара, билиммиттэрэ.

Биһиги улууска мас тардыһыыта 1995 сылтан сайдан барбыта. Биһиги мадьыныларбыт өрөспүүбүлүкэни ааһан Арассыыйаҕа тиийэ биллибиттэрэ. Билиҥҥи мас тардыһыыта Олимпийскай оонньууларга киирэрин туһугар күүстээх үлэни биһиги биир дойдулаахпыт, мас-рестлинг норуоттар икки ардыларынааҕы федерациятын Бэрэсидьиэнэ Александр Акимов ыытар. Үлэ үтүө түмүктээх буолуоҕар эрэлбит улахан.

Биһиги улуус, өрөспүүбүлүкэ да биир күүстээх мадьыныта Федор Федоров кэккэ биричиинэлэринэн улахан күрэхтэһиилэртэн арыый эрдэ тохтоон, айылҕаттан бэриллибит хаарыан күүһүн-уоҕун, кыаҕын ситэ туһаммакка, көрдөрбөккө хаалбыта дьэ, хомолтолоох, кыһыылаах диибин.

              Олоҥхо дойдута Сунтаар сирэ успуорт туоната

 Ырыа-тойук, оһуокай куттаах Олоҥхо дойдута Сунтаар сирин спортсменнара успуорт үгүс көрүҥүнэн үлүһүйэн туран дьарыктаналлар, араас күрэхтэһиилэргэ кытталлар уонна кыайаллар-хотоллор.

Успуорт королеватынан аатырар чэпчэки атлетикаҕа биһиги быһыйдарбыт Наталья Леонтьева Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, бэтэрээн сүүрүктэр Варвара Макарова, марафонец Иван Архипов билигин даҕаны сүүрэр суолтан туораабаттар. Оттон адаптивнай успуорка Алена Дмитриева аата Арассыыйа таһыгар кытта дорҕоонноохтук ааттанар.

Сунтаар эһигини ыҥырар

 Кистэл буолбатах, кэнники кэмнэргэ биһиги Сунтаарбыт улууһугар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах улахан күрэхтэһиилэр буолбат буолбуттара баар чахчы. Биир дойдулаахпыт А.К. Акимов өрөспүүбүлүкэ вице-бэрэсидьиэнниирин саҕана күүскэ үлэлэһэн туттарбыт манежтаах «Алмаз» стадионугар 2006 сыллаахха оннооҕор Саха сирин норуоттарын алтыс Спортивнай оонньуулара үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыттара. Ол тутуулар билигин төһө да эргэрдэллэр, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ханнык баҕарар күрэхтэһиини ыытарга эппиэттэһэллэр ини дии саныыбыт. Сунтаарга улахан күрэхтэһиилэри ыыппат буолуу биир сүрүн сылтаҕынан Сунтаар олус ырааҕа диэн буолар эбит. Кырдьык, ырааҕын ыраахпыт. Оттон оннооҕор биһиги оҕолорбут араас күрэхтэһиилэргэ салгымтыата суох баран-кэлэн кыттан кэллэхтэрэ дии. Айан араастаах буолара биллэр. Ардыгар субу оптуобустан түһээт ыйааһыҥҥа сүүрэриҥ, сүүрэр суолга турарыҥ баар чахчылар этэ. Онон биһиги сунтаардар киинтэн ыраахпыт суотугар улахан ночооттоохпут биллэр.

Урукку өттүгэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас күрэхтэһиилэр син буолаллара. Ол курдук, көҥүл тустууга Арассыыйа 4 чөмпүйүөнүн (Алкивиад Иванов, Альберт Захаров, Петр Попов, Николай Яковлев), биирдиилээн биллиилээх спортсменнарбыт бириистэригэр  күрэхтэһиилэр бэйэбитигэр буолаллара дьон-сэргэ сүргэтин олус көтөҕөллөрө. Саатар көҥүл тустууга Тарскайы, хапсаҕайга Петр Алексеевы ыыталлара буоллар, сунтаардар төһө эрэ астынар, үөрэр-көтөр этилэр. Бэрт өрдөөҕүтэ ыытыллан тураллар. Инникитин өрөспүүбүлүкэбит успуордун салайааччылара Сунтаары аһара көйгөтүппэттэрэ буолл бэрт этэ. Ханнык да успуорт көрүҥүн күрэхтэһиитэ көрөөччүлээх, ыалдьааччылаах буоллаҕына кыттааччыны өрө кынаттыыр, спорт маассабай буоларыгар көҕүлүүр буоллаҕа.

Сунтаар суола билигин уруккута буолбатах, федеральнай суол сыллата тупсар.

 

 

                                             Борис НИКОЛАЕВ

Читайте дальше