Устье нэһилиэгин биир дьоһун-мааны ыала элбэх оҕолоох Сардана Владимировна уонна Егор Николаевич Тарасовтар ыал буолан олорбуттара номнуо 40 сыл буолан эрэр. Түөрт оҕону төрөтөн, иитэн таһаарбыттара билигин бары үлэһит үтүөтэ дьон.

Ыал аҕа баһылыга Егор Николаевич нэһилиэкпитигэр биир саамай биллэр- көстөр, актыыбынай позициялаах киһинэн биллэр. Кини Сунтаардааҕы  Владимир Николаев аатынан норуодунай тыйаатыр биир солбуллубат уонна тутаах артыыһа, 2021 сыллаахха “Сыана бэтэрээнэ” бэлиэни ылбыта. Элбэх көр-күлүү күрэҕин лауреата  уонна димломана, маны таһынан нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаата. Билигин «Түмсүү» КК үлэлиир. Кэргэнэ Сардана Владимировна Устье орто оскуолатыгар өр сыллар усталарыгар үтүө суобастаахтык үлэлиир. Нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар, самодеятельнай «Кэрэли» ырыа  ансаамбылын кыттыылааҕа.

Улахан кыыстара Ксенья Егоровна Дьокуускай куоракка олорор, кэргэннээх үс оҕолоох. Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору үөрэтэр анал идэлээх, ол идэтинэн үлэлии сылдьар. Ксенья оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр элбэх ырыа күрэҕин лауреата уонна дипломана этэ. Үчүгэй үөрэхтээх үөрэҕинэн Устье орто оскуолатын киэн туттуута.

Уолаттар бары үлэһит дьон.  Аҕаларын курдук эмиэ нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ, баар эрэ буоллаллар, өрүү көхтөөхтүк кытталлар.

Улахан уол Николай «Анаабыр алмаастара» акционернай хампаанньа үлэһитэ. Иккис уол Анатолий Сунтаардааҕы технологическай колледжка маастарынан үлэлиир. Оттон кыра уол Айсен – Сунтардааҕы технологическай колледж устудьуона.

Уолаттар үһүөн аҕаларын кытта бииргэ сылдьан тутууга үлэлииллэр. Ол курдук, бары көмөлөөн саҥа дьиэ туттан киирэн, малааһын үөрүүтүн биллилэр. Дьиэ кэргэн сайыҥҥы кэми ходуһаларыгар бары оттоон, сир астаан үлэ үөһүгэр сылдьан атаараллар. История быыһын сэгэтэн көрөр эбит буоллахха,Тарасовтар удьуордара Устье нэһилиэгэр ааспыт үйэ 40-с сылларыттан олороллор. Онон Егор Николаевич нэһилиэкпит биир төрүт олохтооҕо буолар.

Василисса АНДРЕЕВА, Устье нэһилиэгэ.

Читайте дальше