Иванов Николай Иванович 1914 с. Бүлүүчээн нэһилиэгэр Уус Уйбааннаах диэн ыалга төрөөбүтэ. Аҕата Иванов Иван диэн Хордоҕой утары өрүс уҥуор Өһөх диэн сиргэ олорбут уһанар идэлээх киһи. Быраата Иванов Николай диэн эмиэ уус. Онон кинилэри «Уустар» диэн ааттыыллара. Уус Уйбаан Хордоҕойтон алта көстөөх бастакы Нөөрүктээйи нэһилиэгиттэн Сэрии Киирбиккэ олохтоох Халаабыс диэн сахалыы аатынан биллэр Данилов Федор улахан кыыһын Фекланы сүгүннэрэн аҕалбыт. Сэдэх оҕолоох буолан, Уйбаан убайын Ньукулай кыыһын Евдокияны уонна Фекла чугас убайын Данилов Дмитрийдээх кыыстарын Парасковьяны бэйэлэрин анныларынан суруттаран ииппиттэр.
Николай Иванович Бүлүүчээн түөрт кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, Сунтаарга үөрэҕин салҕаабыта буолуо. Хомойуох иһин, Сунтаар оскуолатыгар сэрии иннигэр үөрэммит оҕолор испииһэктэрэ булуллубата. 1932 с. эдэр эрчимнээх киһи уопсастыбаннай олох үөһүгэр киирсэн барбыт. «Ильич уоттара» хаһыат 1967 с. бэс ыйын 29 күнүнээҕи нүөмэригэр Д.Попов ыстатыйатыгар 1932 с. И.А. Дорофеев, кэлин үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ буолбут Иванов Н.И. Маар Күөлгэ кэлэн, Бордуолаахха кииннээн начаалынай оскуоланы аһар туһунан мунньах ыыппыттарын суруйбут. Маар Күөлтэн төрүттээх Сунтаарга олорбут Гаврильев Константин Саввич «улаханнык убаастыыр киһим этэ» диэн хаартыскатын улаатыннаран илдьэ сылдьарын миэхэ 1985 с. биэрбитэ. Онон ити оскуола аһылларыгар Николай Иванович элбэҕи оҥорбут эбит.
1935 с. Бүлүү педагогическай техникумугар үөрэнэ киирбит. Хайа күн киириэҕиттэн устудьуоннар ортолоругар билиитинэн-көрүүтүнэн, техникум уопсастыбаннай олоҕор кыттыытынан чорбойор эбит. Техникум комсомольскай тэрилтэтин үөрэнэрин устатыгар салайбыт. Ол туһунан «Сылаас уйа, сырдык кыһа. Кузница педагогических кадров» диэн Бүлүү педагогическай училищетын туһунан кинигэҕэ биир кэмҥэ үөрэммит, кэлин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, биллиилээх радиосуруналыыс Кондаков Н.А. ахтыытыгар «Уопсастыбаннай үлэҕэ көхпүтүн техникум комсомольскай тэрилтэтэ сүрүннүүрэ. Бу оройуон саамай бөдөҥ тэрилтэтэ этэ. Биһиги кэммитигэр бу тэрилтэ тумустара Николай Иванов, Иван Михайлов, Степан Николаев этилэр. Кинилэр комсомол райкомун үлэтигэр кытталлара. Активнай комсомолец, тэрийээччи Иванов Николай Иванович бүгүҥҥү олохпут туһугар тыынын толук уурбута» диэн суруйар. 1935 с. техникумҥа киирбит Прокопьев П.С суруйар: «В нашем курсе были очень юные вчерашние школьники и люди, проработавшие три-четыре года учителями, это – Николай Иванов и Семен Кривошапкин. Николай Иванов был секретарем комсомольской организации и учился отлично. Наш курс был очень дружный, за три года не было ни одной ссоры». Николай Иванову кытта Сунтаартан элбэх устудьуон үөрэммит: Кириэстээхтэх А.Д. Усов, Тойбохой оҕо дьиэтин тулаайахтарын тапталлаах дириэктэрдэрэ Кривошапкин С.Г., Степанов В.Ф. о.д.а. Биир куурсунан алын кини убайын уола, быраата Алексей Иннокентьевич Данилов бүтэрбит.
Училищены бүтэрэн баран, 1938 с. Бүлүү комсомолун бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбит. Николай Иванович эдэриттэн партия чилиэнэ, итэҕэстэргэ эйэлэспэт, боппуруоһу кырдьыктааҕынан быһаарарга дьулуһар дьиҥ чахчы хомунньуус буолан, Бүлүү райкомун иккис сэкирэтээрин кытта биир боппуруоска сөбүлэспэккэ мөккүһэн үлэтиттэн ууратыллар. Ити түбэлтэҕэ баҕар атын оройуон киһитин туоратыы да баара буолуо. Олус кытаанах, үҥсүүлээх, мөккүөрдээх репрессия саамай бүрүүкээн турар кэмэ этэ.
Николай Иванович бу кэмнээҕи олоҕун уонна үлэтин «Кыым» хаһыат 2010 с. педагогическай үлэ бэтэрээнэ Алексеев Николай Афанасьевич суруйбут «Түүл-бит туһунан» диэн ыстатыйатыгар «Мин 1937 с. иккис Күүлэт оскуолатыгар дириэктэрдээн олорбутум. 1938 с. үөрэх сылыгар мин доҕорум Иванов Николай Ивановиһы оройуон кииниттэн ыҥыран ылан саабыһынан үлэлэппитим. 1938 с. саас оройуонтан кэлэн биһиэхэ хоннулар. Өрөспүүбүлүкэни салайан олорбут Ойуунускай, Аржаков, Шараборин, Габышев «норуот өстөөҕө» буолан хаайыллыбыттарын нэһилиэнньэҕэ «сөптөөхтүк сырдатар», дьон барыта кинилэртэн кэлэйэрин ситиһэр сорудахтаах кэлбиттэр. Ол сураҕы истээт, мин сүрэҕим «парк» гынна, уҥуоҕум халыр-босхо барда. Итэҕэйбэтим. Түүн хойукка диэри кэпсэтэ олорон баран, дьукааҕым Николай, ыалдьыттар буолан биир хоско утуйан хааллыбыт. Түүн түһээтэхпинэ, миигин утары муннукка турар дьиэ үрдүттэн чуолкай баҕайы саҥа иһилиннэ: «Дьэ, Ньукулай, алдьархай буолла дии. Хаарыаннаах дьоммутун сиэтилэр. Ити дьон туох да буруйдара суох. Ити өстөөхтөр оҥоһуулара. Кинилэр ааттара-суоллара тиллиэҕэ, көрөөр да истээр!» Сарсыарда туран түүлбүн кэпсиэм иннинэ: «Бааһыылаах түүлү түһээтим, баайыстыгыт да, мин хаайыллабын», – диэтим. Дьонум олус интэриэһиргээт, туох да баайсыы суох буоларын эрэннэрдилэр. Дэлби хаайбыттарыгар: «Бары да эдэр дьоммут, көрүөхпүт. Олох, история барытын бэйэтэ сааһылыаҕа», – диэн баран, түүлбүн кэпсээн биэрдим. Кэпсээбитим кэннэ, Николайым «туох дии санаан ити дьоҥҥо кэпсии турдаххыный» диэн улаханнык сэмэлээбиттии көрдө. Кинини өйдүөххэ сөп. Ити иннинэ кини, Бүлүү райкомолун сэкирэтээринэн үлэлии олорон, райком иккис сэкирэтээрэ Прокопий Павловы-Борууну кытта мөккүһэн, бүрүөҕэ көрүллэн, баартыйа миэрэтин ылан, үлэтиттэн уһуллубута. Түүлбүн кэпсээбиппэр ким да тугу да саҥарбатаҕа.
Ол саас Николай Иванович сэллик ыарыыта бэргээн улаханнык ыарытыйар буолбута. Кини Сунтаар Бүлүүчээниттэн төрүттээҕэ. Үлэтэ суох хаалан баран дойдутугар барыахтааҕа да, мин тылбын быһа гыммакка, манна кэлэн үлэлии сылдьара. Онон, ыалдьан эҥин-дьүһүн буолан хааллаҕына, дойдутугар ыыппатах мин буолан хаалыах курдугум.
Ити курдук муунтуйа сылдьан түһээтэхпинэ, бэйбириэт сонноох, күрэҥсийэн эрэр баттахтаах дьахтар киирэн оронум уот өттүгэр олорунан кэбистэ уонна түөспүн имэрийдэ: «Сэллик ыарыы саха дьонун кыайан эрэр, ол эрээри ити ыарыы эмтээх ээ, ону билбэккэ иэдэйдилэр. Киргил диэн кыһыл төбөлөөх көтөр баар буолбаат, кини хаана баар – тыла суох эмп». Сарсыныгар туран Николайбар ону кэпсээн биэрдим, киһим онон эмтэнэргэ сөбүлэҥин биэрэн, тыаҕа тахсан киргил өлөрөн киирэн, киргил хаанын киһибэр иһэртим. Онтон бэттэх киһим утуйар, аһыыр-сиир буолла. Сирэйэ-хараҕа сырдаан, саас куска сылдьыһан барбыта. Үөрэх сыла бүппүтүгэр Николай Иванович дойдутугар барбыта. Сунтаардар улаханнык сыаналыыр ыччаттара буолан, тиийэн районоҕа сэбиэдиссэйдээбитэ. Кэлин тылланан сэриигэ барбыта. Доҕорум барахсан хара өлүөр диэри суруйара. Тиһэх суругар: «Үлэбиттэн уһуллан, баартыйа миэрэтигэр тардыллан олордохпуна, дойдугар таһааран, аһатан-сиэтэн, бииргэ олордон, эмтээн үтүөрдэн, үчүгэй характарыыстыка суруйан үлэҕэ төнүннэрэн абыраабытыҥ иһин улаханнык махтанабын. Сордоох сэрии буолан уот ортотугар сылдьабын…», – диэбит этэ».
Бу ыстатыйаттан мин таайым туһунан элбэҕи билбитим.
Бүлүүттэн 1939 с. диэки кэлэн баран Бүлүүчээн ситэтэ суох орто оскуолатыгар үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Оройуон «Сталин суола» хаһыат 1941 с. кулун тутар 8 күнүгэр Степанов С.В. «Партийнай пропаганданы туруорууга сүрүн кыһамньыны ууруохха» диэн ыстатыйатыгар партия историятын үөрэтэр 92 учууталы отчуоттаппыттарын, экзаменнаабыттарын туһунан суруйбут. Онно аҕыйах пропагандист үчүгэй бэлэмнээхтэрин бэлиэтээбит, кинилэртэн Иванов Н.И. — Бүлүүчээн оскуолатын учуутала бастыҥ үлэлээҕинэн, олус дириҥ ис хоһоонноох политическай хабааннаах эппиэттэри биэрэн кытаанах хамыыһыйаны астыннарбыт. Ити хаһыат 1941 с. бэс ыйын 23 күнүнээҕи нүөмэригэр Иванов Н.И. судаарыстыбаннай тыйаатыр артыыһын Н.Х Константинов туһунан суруйбута тахсыбыт. Ыстатыйаттан көрдөххэ, Николай Иванович бары өттүнэн дэгиттэр билиилээҕэ, искусство, тыйаатыр туһунан киэҥник билэрэ көстөр. Оччотооҕу нэһилиэнньэ Ньурба тыйаатырын гастролун олус сөбүлээбит. Хаһыат биир балаһата тыйаатырга анаммыт. Бүлүүчээн оскуолатын кэлэктиибэ — 12 учуутал сэрии саҕаламмытыгар биир күннээх хамнастарын оборона туһатыгар сэрии бүтүөр диэри биэрэргэ уураахтаабыттара хаһыат 1941 с. балаҕан ыйын 2 күнүнээҕи нүөмэригэр тахсыбыт, онно көҕүлээччинэн Иванов Н.И. буолбута суруллубут.
Онтон 1941 с. ортотуттан оройуоҥҥа ыҥырыллан үөрэх салаатын сэбиэдиссэйинэн ананар. Бу дойдуга сэрии саҕаламмыт саамай ыарахан кэмэ этэ. Оройуоҥҥа 24 оскуолаҕа 789 октябренок, 891 пионер, 49 комсомолец үөрэнэрэ. Оройуоннааҕы үөрэх салаатын үлэтин тосту уларытан тэрийэргэ соруктанар. Үөрэнээччи үөрэҕин хаачыстыбатыгар сүрүн болҕомто ууруллубут. Кыаммат ыал оҕолоругар көмөнү оҥоруу, интэринээттэри аһан оҕо үөрэхтэн хаалбатын ситиһэр соруктаахтар эбит. Үөрэнээччилэр үлэҕэ, үөрэххэ актыыбынастарын үрдэтэр дьаһаллар ылыллаллар. Заемҥа суруттарыы, тааҥка оҥоруутугар көмөлөһүү, эдэр натуралистар үлэлэрин ньыматын тарҕатыы уонна да атын дьаһаллары толорорго үлэлээбиттэр. Култуурунай революция биир сүрүн соругунан үөрэҕэ суох эбэтэр кыра үөрэхтээх дьону үөрэтии буолара, нэһилиэктэринэн анал испииһэк оҥорон улахан былааннары түһэрэллэрэ. Ол туолуута булгуччулаах буолара. Сэрии буолбутунан ити үлэни өссө күүһүрдэргэ 1942 с. Саха сирин Совнаркома улахан уураах таһаарбыт. Ити уураах хайдах туолан иһэрин туһунан 1942 с. кулун тутар 15 күнүгэр «Сталин суола» хаһыакка Николай Иванович «Улахан дьону үөрэтиигэ кыһамньыны ууруохха» диэн улахан ыстатыйата бэчээттэммит. Оройуоҥҥа 1027 үөрэҕэ суох, 475 киһи кыра үөрэхтээх, 40 саастарыгар диэри 1924-25 сс төрүөх аармыйаҕа барыахтаах дьон булгуччу үөрэниэхтээҕин туһунан соругу туруорбут. Кыһыл Аармыйаҕа дириҥ билиилээх резербэни бэлэмнэниллиэхтээҕэ ыйыллыбыт. Кырдьык, аармыйаҕа сахалар үөрэҕэ суохтарыттан олус эрэйдэммиттэрин туһунан билэбит. Саамай наадалаах сорук туруоруллубут.
Киэҥ билиилээх, үөрэҕи сырсыбыт, олус эппиэтинэстээх салайааччы туһунан билэрим олус аҕыйах. «Олус мааны, мэлдьи кылабачыгас саппыкылаах буолар этэ», – диэн балта Фатима Егоровна ахтар. Дьон кэпсээниттэн иһиттэхпинэ мэлдьи “Николай Иванович” диэн ытыктабыллаахтык ааттыыллара. Оннук эрдэ сайдыбыт, элбэҕи аахпыт дириҥ быһаарыылардаах киһи курдук өйдөөн хаалбыппын ийэм кэпсээниттэн.
1942 с. сэриигэ тылланан барбыт. Сунтаартан барааччылары политрук быһыытынан салайсыбыт. Молотов куоракка тиийэн младшай хамандыырдар үөрэхтэригэр үөрэнэ сылдьарын туһунан убайа Данилов Егор Иннокентьевич суругар баар. Сэриигэ ийэтин быраатын уолаттарын Егору уонна Алексейы кытта бииргэ бараллар. Үөһээ ахтыллыбыт табаарыһа Бүлүү учуутала Н.А. Алексеев суруйарынан киниэхэ сэрии толоонуттан суруйа турбут: «Сэрии буолан уот-буурҕа ортотугар сылдьабын. Хаһан, хайдах көрсүһэр биллибэт». Сунтаарга районоҕа бииргэ үлэлээбит инспектор Селляхов В.И. дьонугар «Ильмень күөл кытыытыгар Николай Иванович төбөтүгэр бааһыран өлөөрү сытар этэ» диэн суруйбута баар дииллэрэ. Сорох киһи кэпсииринэн, кыргыһыыга киирбэккэ, Молотов чааһыгар өлбүт диэн эмиэ баар. Ити кэнники ахтыылартан таайым уоттаах сэриигэ, өссө Ильмеҥҥэ өлбүт курдук буолан тахсар.
Дойду көмүскэлигэр баҕа өттүлэринэн баран олохторун биэрбит эдэркээн таайдарым мөссүөннэрэ сааһыран истэҕим аайы өссө кэрэтийэн, сүдүтүйэн көстөллөр. Дьылҕа хаан ыйааҕынан кэннилэригэр кэнчээри ыччаты хаалларбакка, саатар көмүс уҥуохтара ханна сытара биллибэккэ сэрии будулҕаныгар сүппүттэриттэн хараастыы иэйиитэ миигин кууһар. Дойду саҥа олоҕор күүрээннээхтик кыттыбыт бастакы комсомолецтар, хомуньуустар, туох да албына суох ыраас майгылаах сэрии иннинээҕи бастыҥ ыччат чиэһинэй үлэлэрэ, олоххо тапталлара, үөрэххэ уонна үлэҕэ дьулуурдара миэхэ мэлдьи холобур буолаллар.
Зинаида ИВАНОВА,
сиэн балта.