Бу ааспыт нэдиэлэҕэ улууспутугар ОРВИ-нан ыалдьыбыт киһи ахсаана 400-тэн тахсыбыт. Ордук уһуйаан саастаах оҕолор ыалдьаллара бэлиэтэнэр.
Маны таһынан аны куор ыарыыта баара бигэргэннэ. Ол курдук, улуус биир нэһилиэгэр куордаабыт 3 киһи баара билиннэ. Бу дьон куору утары быһыыны ылбатахтар. Аны тас дойдуга баран күүлэйдээн кэлбиттэр.
Эмчиттэр бэлиэтииллэринэн, куор ыарыыта киһиэхэ ыараханнык киирэр. Ордук саастаах дьоҥҥо сэрэхтээх. Гриптээҕэр ыараханнык ыалдьаллар, ыалдьыбыт киһи кыраадыһа олус үрдүк буолар, этигэр ымынахтар тахсаллар.
Куору утары быһыыны киһи олоҕор иккитэ ылар – оҕо сылдьан уонна эдэр сааһыгар. Аны эрдэ ыалдьыбыт киһи иккистээн сутуллубат диэн эмиэ этэллэр. Сорох дьон быһыыны ылбытын-ылбатаҕын чуолкай билбэт буолуон сөп. Ону көрдөрүнэр балыыһаҕытыттан чопчулаһаргыт ордук. Эбэтэр, лабораторияҕа анал анаалыһы туттаран, куорга антителаалааххын билиэххин сөп. Быһыыны ыла иликтэр, билигин ылыаххытын сөп. Улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа иһитиннэрбитинэн, куору утары быһыы поликлиникаҕа кэлбит.
Яина ВЛАСЬЕВА