Сүрэх-тымыр ыарыыта бастакы миэстэҕэ турар

Күөгэйэр күннэригэр, үлэлиир-хамсыыр саастарыгар сылдьар дьон эмискэ охтон түһэн, өлөн хаалаллара, эбэтэр, инбэлиит буолаллара кыһыылаах-абалаах. Тас көрүҥнэриттэн көрдөххө, муус доруобай курдуктар. Ол эрээри, бу ыарыы кинилэри хас да сылы быһа кистээн кэрбии сылдьыбыт буолар. Туох эмит кыра сибики баар да буоллаҕына, аахайбат идэлээхпит…

Оттон сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү бастакы миэстэҕэ турар. Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтин (ВОЗ) чахчыларынан, сыл аайы 17,9 мөлүйүөн киһи бу ыарыылартан өлөр. Хас мүнүүтэ ахсын 7 киһи инфарктыыр.

2006 с. Арассыыйаҕа өлүү уопсай ахсаанын 55%-на сүрэх-тымыр ыарыыларыттан тахсар этэ. Анал судаарыстыбаннай бырагыраама ылыллан үлэлиэҕиттэн, бу көрдөрүү намтаабыта. 2019 с. бу сыыппара 46%-ҥа тэҥнэспитэ. Ол да үрдүнэн, 10 мөлүйүөн киһи ишемическэй ыарыыттан эрэйдэнэр. Кэнники кэмҥэ инфаркт, инсульт “эдэримсийэн” иһэрин бэлиэтииллэр.

Саха сиригэр

Өрөспүүбүлүкэҕэ “2019-2024 с с. сүрэх-тымыр ыарыыларын утары охсуһуу” эрэгийиэннээҕи бырагыраама үлэлиир. Саха сиригэр, атын эрэгийиэннэри кытары тэҥнээтэххэ, сүрэх ыарыһахтар ахсааннара лаппа үрдүк.

“Сахастат” дааннайынан, 1990 с. 100 тыһыынча киһиэхэ тиксэринэн, сүрэх-тымыр ыарыыларыттан 234 эр киһи, 223 дьахтар өлөр эбит буоллаҕына, 2010 с. муҥутаан эбиллэ сылдьыбыт (549 эр киһи, 393 дьахтар). Билигин арыый намтаабыт – 462 эр киһи, 351 дьахтар.

Ол курдук, нэһилиэнньэ өлүүтүн 45,1%-на – сүрэх-тымыр ыарыыларыттан,  17,8%-на – искэҥтэн, 15,6% – атын төрүөттэн буолар.

Ыарыыны сэрэтии

Дьэ, оччотугар, сүрэхпитин, тымырдарбытын хайдах гынан бөҕөргөтөбүт?

Өскөтүн: кыратык да хамсаннаххына, түргэнник сылайаҕын, күүскэ тиритэҕин, аҕылыыгын, сүрэҕиҥ сэлибириир, түөскүн хам баттыыр уонна тэһэ кэйиэлиир буоллаҕына, тута бырааска барыахтааххын. Хаан хойдорун, дабылыанньа, холестерин, липидтэр, саахар, глюкоза үрдүүрүн эмиэ кэтээн көрө сылдьыахтааххын. “Ковид” кэннэ анаан бэрэбиэркэлэнэр ордук.

Олус элбэх тууһу, саахары, сыаны сиир, арыгыны иһэр, табахтыыр, аҕыйахтык хамсанар буоллаххына, бу сүрэххэ куһаҕаннык дьайар. 10-20 сылынан ыарыы биллэн барыаҕа.

Успуордунан дьарыктанаргын сүрэҕэлдьиир буоллаххына – сатыы хаамп (күҥҥэ 10 тыһыынча хаамыыны), кирилиэһи дабайан таҕыс, утуйуох иннинэ таһырдьа тахсан күүлэйдээ, сарсыарда аайы 5-10 мүнүүтэ сэрээккэлээ. Бу даҕаны сүрэххэ үчүгэйдик дьайар, ыарыы үөскүүр түбэлтэтин икки төгүл кыччатар.

Үрдүк дабылыанньа сүрэҕи мөлтөтөр, тымыры кыаратар, уорганнар хаанынан хааччыллалларын хааччахтыыр. Маны тэҥэ, уойуу куһаҕаннык дьайар, атеросклероз диэн ыарыы үөскүүр, тымырдар бүөлэнэллэр. Ордук ис иһинээҕи, уорганнары бүрүйэр сыа сэрэхтээх. Ыйааһыҥҥын 5-10 киилэ да түһэрдэххинэ, дабылыанньаҥ эмиэ намтыыр, тоҕо диэтэр, сүрэх ноҕуруускатын кыччатаҕын.

Маны тэҥэ, үчүгэйдик утуйуу, сынньаныы сүрэх доруобай буоларын хааччыйар. Истириэстэн куотар ньыманы булгуччу булуохтааххын: успуорт, бултааһын-балыктааһын, айылҕаҕа сылдьыы, сөбүлүүр дьарык, дьиэ кэргэнинэн сынньаныы, о.д.а.

Ас-үөл оруола

Аһы-үөлү көрүнүү олус улахан оруоллаах. Углеводтаах аһы аҕыйат: килиэби, бурдук аһы, буруоҕа ыыһаммыт, тууһаммыт аһы, халбаһыны, майонеһы, саахары, транс-сыалаах (маргариннаах) бородуукталары, хортуосканы, риһи, үрүҥ бурдугу, о.д.а. Ынах, сибиинньэ сыатыттан аккаастан.

Күннээҕи аһылыккар оҕуруот аһа, куруппалар, бобовайдар, эриэхэлэр, лүөн сиэмэтэ, балык, куурусса, ынах, сылгы этэ, сымыыт, ынах арыыта баар буолуохтаахтар. Аһы арыыга ыһаарылаабакка, ууга, духуопкаҕа буһаран сиир ордук.

Этиллибитин курдук, сыа, арыы барыта буортулаах буолбатах. Транс-сыа (маргариннаах бурдук ас, кэнсиэрбэ) куһаҕан холестерины элбэтэр. Оттон балык сыата (Омега-3), ынах арыыта, үүнээйилэр рафинированнайа суох арыылара (оливка, көлөппүнэ, лүөн, кукуруза) доруобуйаҕа туһалаахтар.

Омега-3 сүрэх былчыҥын бөҕөргөтөр. Сүрэххэ магний, калий, натрий наадалар. Муора хаппыыстатыгар, изюмҥа, сүбүөкүлэҕэ, абрикоска, кабачокка, тыыкыбаҕа, хаппыыстаҕа, банааҥҥа, виноградка, какаоҕа, гречкаҕа балар бааллар.

Отунан эмтэнии

Сүрэххэ сарбынньах (боярышник), мята, пустырник, боҕуруоскай от (чабрец), календула, мелисса, чеснок, дьэдьэн, дөлүһүөн, лабазник, клюква, ортосифон, донник, күөх чэй туһалаахтар.

  1. 100-түү гр миндаль, грецкэй эриэхэлэри, изюму, кураганы, черносливы ылан, блендергэ илдьиритэн, эбэтэр кыра гына кырбаан баран, 100 гр мүөтү кутан, булкуйаҕыт. Холодильникка уура сылдьан, биирдии ньуосканан сиигит.
  2. Бытархай тымырдар (капиллярдар) сиэккэ курдук көстөн кэлбит буоллахтарына, сибиэһэй хаппыыста сэбирдэҕин тутан, биинтэнэн баайан, хоннороҕут.
  3. Муорус. Отону илдьиритэн баран, маарыланан сүмэһинин ыгаҕыт. Хаалбыт отонун ууга оргутаҕыт. Сойбутун кэннэ, били ыкпыт сиикэй сүмэһиҥҥитин кутаҕыт. 2-3 күн сөрүүн сиргэ уура сылдьан иһиэххэ сөп. Бу муорус сүрэххэ, үрдүк хаан баттааһыныгар, бүөргэ үчүгэй.
  4. Моонньоҕонтон чэй атеросклероһу сэрэтэр. 2 ост.нь. сибиэһэй отону, хас да сэбирдэҕи 1 ыстакаан итии уунан кутан, сойутуллар. Күҥҥэ биир ыстакааны иһиллэр.
  5. Сарбынньах чэйэ сүрэххэ, хаан эргииригэр, дабылыанньаҕа, ньиэрбэни уоскутарга барытыгар туһалаах. 1 ост.нь. отону 1 ыстакаан итии уунан саба кутан, көйөрүллэр.
  6. Пустырник сарбынньахтааҕар 3-4 төгүл күүстээх, онон эмп курдук туһаныллар. Ньиэрбэни уоскутар, гипоксия, кардионевроз, миокардит, стенокардия диэн сүрэх ыарыыларыгар көмөлөһөр. 15 гр мэлиллибит оту 1 ыстакаан итии уунан кутан, сабан баран, сойбутун кэннэ маарыланан сиидэлиигит. 2 ост.нь. күҥҥэ үстэ иһэҕит.
  7. 1 ч.нь. моркуоп сүмэһинин уонна 1 ч.нь. мүөтү булкуйан, 1 ый устата аһыах иннинэ иһиллэр. Сүрэх мөлтөөбүт былчыҥын бөҕөргөтөр.
  8. Ытырыык от (крапива) холестерины намтатар, тымыры бөҕөргөтөр, хаан барыытын тохтотор. 5 ост.нь. хаппыт сэбирдэҕи 500 мл тымныы уунан кутан, оргута уураҕыт. 5 мүнүүтэ оргутан баран, сойутан, күҥҥэ үстэ ыстакаан аҥаарынан иһэҕит.
  9. Сүрэх ишемическэй ыарыытыгар 2 ост.нь. дьэдьэн сэбирдэҕин 2 ыстакаан итии уунан кутан, сойутан, күҥҥэ 3-тэ ыстакаан аҥаарынан иһэҕит.

Исписэлиис санаата

“Убаһа сыатын сиэххэ сөп”

Валерий Аргунов, медицина наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр:

– Дойду төһөнөн сайдыылаах да, сүрэх-тымыр ыарыыларын таһыма үрдүк. Мээнэҕэ “цивилизация ыарыыта” диэн ааттаабаттар. Арассыыйаҕа хас иккис киһи сүрэх, эбэтэр мэйии тымырдарын ыарыыларыттан өлөр. Саха сиригэр ыалдьыы да, өлүү да көрдөрүүтэ үрдүк. Учуонайдар итини тымныы содула дииллэр. Бытарҕан тымныыга киһиэхэ кислород тиийбэт. Аны үрдүк дабылыан­ньалаах дьон наһаа элбэх.

Сүрүннээн гипертония, сыа-белок, холестерин атастаһыытын кэһиллиитэ төрүөт буолар. Холестерин тымырдары сыанан бүөлээн кэбиһэр. Холестерины липопротеидтар таһаллар. Намыһах (ЛПНП) уонна үрдүк (ЛПВП) диэҥҥэ арахсаллар. Бу бастакылар ыарыыны үөскэтэллэр, иккистэр, төттөрүтүн тымыры сыаттан ыраастыыллар. Биһиги учуонайдарбыт чинчийбиттэринэн, убаһа сыата үрдүк липопротеидтартан турара биллибитэ. Онон убаһа сыатын куттаммакка сиэххэ сөп.

Ону тэҥэ, истириэс, дабылыанньа эмискэ тахсыыта-түһүүтэ тымырдары алдьатар. Хамсаммат буолуу, уойуу, табахтааһын эмиэ оруоллаахтар. Дьон бэйэтин доруобуйатын эрдэттэн көрүммэтэ сөхтөрөр.

Өйдөөҥ: ыарыы биир күнүнэн кэлбэт, хас да сылы быһа үөскүүр. Ыарыыны олохпут укулаатынан, күннээҕи үөрүйэхпитинэн бэйэбит үөскэтэбит. Ону уларыттахпытына, эрдэттэн сэрэттэхпитинэ, ыарыыны билбэппит.

 

Ангелина ВАСИЛЬЕВА

Читайте дальше