Киһи күн анныгар кэлиэҕиттэн тулалыыр эйгэтэ кини иннигэр көстөн турарынан эрэ муҥурдаммакка, көстүбэт, туох эрэ ураты күүстээх эйгэ баарын билэр, сэрэйэр. Бу эйгэни кытта ситимнэһээччилэр айылҕаттан ураты аналлаах дьон – баардаахтар, айдарыылаахтар (алгысчыттар, көрбүөччүлэр, ойууннар, удаҕаттар) – ол эбэтэр норуот эмчиттэрэ буолаллар. Хас биирдии айылҕаттан оннук аналлаах киһи бары биир тэҥ буолбаттар, холобур, икки көрбүөччүттэн туттар, «көрөр-истэр» ньымалара уратылаах буолар. Дьон-сэргэ «көрбүөччү» диэн тылы иһиттэ даҕаны сүппүтү тута көрөн, этэн биэрэр курдук саныыр. Оннук «поисковик» аналлаахтар эмиэ атыттар.
Кэм уларыйыыта. Аныгы киһи саха буолан ыраастанара, арчыланара элбээтэ. Бу кини көрүлээн дуу, таах сылдьа сатаан дуу манныкка наадыйар буолбатах. Ол төрүөтэ, этэргэ дылы, дириҥ силистээх. Киһи ыраастанан, арчыланан бүттэҕинэ айылҕалаах киһи көстүбэт эйгэттэн «көҥүл ылан» бу киһини кытта үлэлэһэр. Хас биирдии киһиэхэ өбүгэлэриттэн көрө-истэ харыстыы-араҥаччылыы сылдьар ситим баар. Кинилэртэн бу киһиэхэ чопчу анаммыт сүбэни-соргуну сэгэтэн биэрэллэр. Сорох, баҕар, төһө даҕаны маннык эйгэ, «көстүбэт күүс» диэн баарыгар итэҕэйиэ суоҕун эмиэ сөп, ол киһи бэйэтин тус санаата.
Киһи күннээҕи олоҕор сырдыкка, үтүөҕэ талаһыахтааҕын, күн сырдыгын көрөн, орто туруу бараан дойдуга сиэрдээхтик олорор туһугар ол эйгэ эмиэ кыһалларын, бу айылҕалаах дьон нөҥүө биллэрэн, сэмээр ыйан-кэрдэн, сэгэтэн биэрэллэр. Мантан туһанааччыта туһанар, ылыммата ылыммат.
Сиэр-майгы… Бу икки тылы элбэхтэ истэбит, туһанабыт даҕаны. Билигин олохпут тэтимэ биллэ түргэн. Аҕыйах сыллааҕыта тыа сириттэн киин сирдэргэ – Дьокуускайга, о.д.а куораттарга тиийдэххэ «Бу куоракка киһи бириэмэ сырсыытыгар эрэ сылдьар» диэн санаа үгүспүтүгэр охсуллан ааспыттааҕа буолуо. Оттон билигин сибээс үйэтэ сайдан, суол-иис тупсан, айан-сырыы сыыдамсыйан, элбээн оннооҕор биһиэхэ – тыа дьонугар бириэмэ туохха да тиийбэт кэмэ кэллэ. Бу сайдыы биир салаата. Ол эрэн бу тэтими киһи эрэ барыта ситиспэт. Атын өрүт сайдарын суотугар сүрүн суолталааҕа сороххо сиппэккэ хаалар. Холобур, ким эрэ 4-5 омук тылын баһылыыр (ол эрэн, хомойуох иһин, төрөөбүт сахатын тылын ситэ билбэт, билбэтинээҕэр суолтатын да өйдөөбөт), сорох харчы сырсыытыгар сылдьан чугас дьонун, дьиэтин-уотун тумнан хонор хоноһо, ыалдьыт эрэ буолар (бу содула – дьиэ кэргэн туруктаах буолуутун сатарыйыыта, оҕо төрөппүт тапталын билбэккэ улаатыыта), сорох киһи үрдүк солоҕо солбуллубаттыы кэлбит курдук туттан майгы-сигили быһыытынан бардамсыйыыга баһыйтараллар… Сиэр-майгы сатарыйыытын түгэннэрэ аҕыйаҕа суох. Бу төрүөтэ биир –билиҥҥи киһи ийэ айылҕаттан тэйдэ. Тус бэйэтин санаатын да сааһыланан истэрэ уустугурда. Өйдөөн көрүҥ, күн устата төһө кэмҥэ чуумпуга олорон ылабыт? «Фоновай тыас-уус» арахсыспат аргыспыт буолла – төлөпүөннээх утуйабыт, оннук уһуктабыт, барыта интэриниэт олоҕо. Сибээспит кыра кэмҥэ сүттэҕинэ салгын тиийбэккэ дылы… Күннээҕи олоххо көрсөр араас кыра, улахан кыһалҕалары кыаммат буолуу, киһи бэйэтин, өй-санаа туругун сааһыланыыта күннээҕи кыһалҕаҕа кубулуйара элбээтэ. Ол иһин ыраастанан, арчыланан билиҥҥи кэм киһитэ арыый да үс кутун уоскутар, холкутуйар.
Киһи хайа да түгэҥҥэ – санаа кулута. Киһи бэйэтин кыайан иһиллэммэт, бэйэтин бириэмэтин сөпкө аттарбат, сыалын-соругун сыыһа-халты туруорунан ону ситиспэтиттэн, чугас киһитигэр болҕомто уурбатыттан эбэтэр төттөрү чугас киһитэ наар төлөпүөҥҥэ, харчы «өлөрүүтүн» түбүгэр сылдьар буоллаҕына мэлдьи ньиэрбинэйдээн, кыыһыран-кыйытта сылдьар буолар. Бу бэйэтин этигэр-сиинигэр ыарыы буолан дьайарын таһынан тулалыыр дьоҥҥо эмиэ куһаҕаннык дьайар. Бу барыта билиҥҥи киһи ийэ айылҕаттан тэйиититтэн тахсар.
Билигин, хомойуох иһин, дьон аһара бэлэмҥэ үөрэнэн, най барааһын көстүүтэ эмиэ баар. Бу туохха көстөрүй? Барыта дэлэй. Табаар атыылаһан кыратык туһанан, туттан баран кыра да алдьаннаҕына быраҕыы, технология сайдан иһит, таҥас сууйар массыыналар, о.д.а. бу биир өттүнэн үчүгэйэ – киһи олоҕун чэпчэтэр. Иллэҥ кэм элбиир – маны өйдөөх-төйдөөх киһи бэйэтин туһатыгар, үчүгэйгэ сөпкө аттаран туһаннаҕына ситиһии, кыайыы-хотуу аргыстаах буолар. Оттон бу иллэҥ кэмин таах халтайга ыытааччыта туһата суоҕу таһаарар. Оннук дьон, холобур, бассаап ситимигэр билбэт да дьонун, буолбут тэрээһиннэри, оҥоһуллубут үлэлэри араас куһаҕан тылынан саҥаран суруйаллар (билигин саһа сытан хорсуннук суруйааччы ол да иһин элбээтэ), түөлбэлэрин, нэһилиэктэрин, олорор оройуоннарын кыһалҕаларын хайдах быһаарар, көмөлөһөр туһунан буолбакка, хайа тойон хайдах хамсаммытын, ким эрэ олохтоох дьон ыһар-тоҕор бөҕүн хомуйбатын, оннооҕор ыаллар бэйэлэрэ баайбат, ииттэр ыттара босхо сылдьарын төлөпүөн нөҥүө «ким эрэ кэлэн дьаһайыахтаах» диэн бичийии бөҕөнү бичийэллэр. Ханнык даҕаны эйгэ үлэһитэ буоллун – тойон буоллун, муоста сууйааччы, бөх тиэйээччи буоллун – ДЬОН үлэтигэр ытыктабыллаах сыһыан булгуччу баар буолуохтаах. Үчүгэйи эмиэ бэлиэтии көрүү – бу киһи быһыытынан биир кэрэ көстүү. Тоҕо эрэ «дьэ, бу сүрдээх үчүгэйдик тэрийбиттэр, дьэ, бу киһи олус үчүгэй үлэһит» диэбит курдук суруйуу бассаап ситимигэр кэмчи. Билигин сайын араас дойдуга баран сынньанан кэлээччи «Онно наһаа ыраас, дьон култууралаах» диир киһи аҕыйаҕа суох. Киһи ханнык да сайдыылаах кэмҥэ олорбутун иһин КИҺИ буоларын умнуо суохтаах. «Нэһилиэкпит, уулуссабыт, подъезпыт, о.д.а. кирдээх» диэн куолулаабакка, тиэргэн таһыттан саҕалаан хомуна сылдьыахха, ойуурга бардахха бэйэ кэнниттэн бөҕү-саҕы хаалларымыахха – хас биирдиибит маннык дьаһанара буоллар улаатан эрэр оҕолор ону көрөн үөрэнэллэр, итинник киһилии дьаһаныылаах улааталлар. Этэргэ дылы, «култууралаах буолууну» ыалтан ылбаккын, киһи кыратыттан көрөн, аттынааҕытыттан холобур ылан үөрэнэр. Билиҥҥи киһиэхэ сырдыкка талаһарыгар барыта баар, сөпкө дьаһаныахха эрэ наада. Атын киһини сиилиир, ордук хос саныыр киһи таһыма кыратын көрдөрөр. Ол оннугар киһи бэйэтин сайыннарарга дьулуһуохтаах, туох эрэ саҥаҕа үөрэнэргэ, ыра санаа олоххо киирэригэр үлэлэһиэхтээх – бэйэ олоҕунан толору олоруохтаах. Куһаҕаны, наар табыллыбаты мөҕүттэ сылдьыы киһини бэйэтин иһиттэн сиир, кэбирэтэр.
Киһи махталлаах буолуохтаах. Киһи барахсан хайдаҕый? Туох эмэ кыһалҕаҕа ыллардаҕына «билэр-билбэт таҥараларыттан, айыыларыттан» көрдөһөр. Оттон барыта табыллан, чугас дьоно этэҥҥэ сылдьарыгар махтанааччы аҕыйах. Киһи туохха махтаныахтааҕый? Бу сарсыарда уһуктан үрүҥ күнү көрбүтүгэр, аһыыр астааҕар, дьиэлээҕэр, оҕото-уруута аттыгар этэҥҥэ сылдьарыгар. Биһиги күннээҕи олохпут, күннээҕи дьайыыларбыт ол эбэтэр бүгүн кимиэхэ эрэ кыйаханан, кинини сиилээн-хоһулаан, сэнээн быһыыламмыккыттан ол киһи, биллэн турар, хомойуо, ол эрэн биири өйдүөххэ наада сир төгүрүгүн курдук бу олоххо барыта бэйэҕэр, ыччаттаргар син биир эргийэн кэлэр. Ол иһин биһиги төрүттэрбит холку буол, сиэрдээх буол диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ. Төһөнөн күннээҕи олоххор үтүөнү оҥороҕун (холобур, кэннигиттэн киирэн иһэр киһиэхэ ааны да тутан биэр, барыта бэйэҕэр бэриллэ турар). Күн аайы атын дьон ситиһиититтэн, элбэх үптээҕиттэн, дьоллооҕуттан кыыһырар, абарар киһи бэйэтин олоҕун суолугар элбэх харгыһы көрсөр. Атын дьон табыллыытыттан, атын дьон ситиһиититтэн кэтэх санаата суох үөрэр киһи олоҕор элбэх аартык арыллар.
Төрөөбүт тыл. Саҥа дьиэни акылаата суох тутуллубат. Оннук курдук оҕо маҥнай төрөөбүт тылын билиэхтээх. Бу билиитэ патриотизм дуу, туох эрэ ирдэбил дуу буолбатах. Көстүбэт эйгэнэн хас биирдии киһи бэйэтин өбүгэлэрин кытта ситимнээҕин эттибит, төрөөбүт тыла-өһө киһиэхэ чөл, чиҥ тирэхтээх туругу биэрэр. Бастатан туран, кини ийэ сирин кытта ситимэ ыкса буолар. Нууччалаатахха, иммунитета бөҕө, өй-санаа өттүнэн бигэ тирэхтээх буолар. Ону тэҥэ өбүгэлэриттэн харысхала халыҥ буолар.
Олох диэн бүгүн баар – сарсын суох. Бүгүн баары күндүтүк ылыныҥ, бэйэҕитигэр «миэхэ бу тугу биэрэрий, мин тулалыыр эйгэбэр тугу туһалыыбыный» диэн ыйытыкта биэриҥ. Күннээҕи олохпут кыра да кэрэ түгэннэрин бэлиэтии көрөргө үөрэниҥ.
Айархаана АЛЕКСЕЕВА,
«Өбүгэ ситимэ» Саха сиринээҕи норуот
эмчиттэрин түмсүүтүн кыттыылааҕа.